For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Сэтинньи 10.

Сэтинньи 10

Сэтинньи 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 314-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 315-c күнэ). Сыл бүтүө 51 күн баар.

  • Ыччат аан дойдутааҕы күнэ — 1945 сыллаахха Демокрааттыы ыччат аан дойдутааҕы федерацията (WFDY) олохтообут күнэ. Маны тэҥэ ХНТ олохтообут күнэ баар
  • Дойдулар ардыларынааҕы бухгалтерия күнэ
  • Аан дойдуга Кератоконус күнэ. Бу элбэхтик көстөр харах ыарыытыгар болҕомто уурар күн
  • Арассыыйа Арассыыйа — Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнэ
  • Аргентина Аргентина — Үгэс күнэ (Día de la Tradición), Хосе Эрнандес диэн гаучо култууратын өрө туппут аатырбыт суруйааччы төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
  • Германия Германия — Мартинизинген (Martinisingen, Мартин ырыата диэн тылбаастанар). Протестааннар бэлиэтииллэр, киэһэ фонарь тутан баран дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьан ырыа ыллыыллар. Былыр баччаҕа хамначчыттар баайдарга үлэлээн бүтэллэр эбит, уонна уһун кыһыны туоруулларыгар көмө буолар аһы оҕолорунан умналатар үгэстээхтэр эбит
  • Панаама Панаама — Тутулуга суох буолууга ыҥырыы күнэ (Primer Grito de Independencia de la Villa de Los Santos). Бу күн 1821 сыллаахха Руфина Альфаро диэн кэрэ дьахтар ыҥырыытынан Вилья-де-Лос-Сантос куоракка Испания гарнизонун хаан тохтуута суох бэриннэрбиттэр
  • Турция ТурцияАтатүрк кэриэстэбилин күнэ
  • АХШ АХШ — АХШ Байҕал пехотатын куорпуһа үөскээбит күнэ
  • Индонезия Индонезия — Дьоруойдар күннэрэ (Хари Пахлаван)
  • 1444 — Варна аттынааҕы кыргыһыы: крестоносецтары туурактар үлтү сыспыттар.
  • 1885
    • Ньиэмэс инженердара Готлиб Даймлер уонна Вильгельм Майбах мас бэлисипиэккэ бэйэлэрэ оҥорбут мотуордарын туруорбуттар.
    • Нуучча айанньыта Николай Пржевальскай Киин Азияҕа, ол иһигэр хотугу Тибиэккэ айанын түмүктээбит.
  • 1917 — Ис дьыала наркома Алексей Рыков «Оробуочай милиция туһунан» уураах таһаарбыт. Бу күн 1962 сылтан Милиисийэ күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр буолбута. 2011 сыллаахха милиисийэ аата "полиция" диэҥҥэ уларыйбытын кэннэ сэтинньи 10 күнүгэр Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
  • 1926 — 24 саастаах ВКП(б) Верхоянскай уокуруктааҕы кэмитиэтин сэкиритээрэ Афанасий Новгородов, кэлин биллиилээх учуонай буолбут. Бастакы уокуруктааҕы ВКП(б) конференциятын тэрийэн сэтинньи 10-18 күннэригэр ыыппыта.
  • 1928Дьоппуон императорынан Хирохито буолбут. Кини Дьоппуон устуоруйатыгар саамай уһуннук, 62 сыл тухары, дойдуну баһылаабыт император. Хирохито кэмигэр Дьоппуон Кытайга саба түһэн өр сэриилэспитэ, Аан дойду иккис сэриитигэр кыттан Азия дойдуларын Европа колонизатордарыттан былдьаабыта, ол эрээри түмүгэр бэйэтэ урусхалламмыта, ол эрээри сэрии кэнниттэн экэниэмикэ балысхан сайдыытын ситиспитэ.
  • 1941 — Кыһыл аармыйа Тихвин аннынааҕы утары кимэн киириини саҕалаабыт.
  • 1959ХНТ Генеральнай Ассамблеята Соҕуруу Африкаҕа олохтоммут апартеиды уонна аан дойдуга раасанан дискриминациялыыры утарарын биллэрбитэ.
  • 1961 — Сталинград аата уларыйан Волгоград буолбут. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта.
  • 1970 — Сэбиэскэй Сойуус «Луна-17» станцияны көтүппүт, биир нэдиэлэ буолан баран Ыйга Ардах Байҕалын эргин түспүт. Ый ньууругар бастакы бэйэтэ хаамар «Луноход-1» тахсыбыт уонна Сиртэн салаллан 11 ый тухары Ый устун айаннаабыт.
  • 1983 — Урбаанньыт Билл Гейтс бастакы Windows 1.0 (ааҥл. түннүктэр) операционнай систиэмэ бырайыагын көрдөрбүт. Ол эрээри бу систиэмэ икки сылынан буолан биирдэ атыыга тахсыбыта. 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн Windows аан дойду көмпүүтэрдэрин 88,5 %-гар турар эбит.
  • 1995 — Муусука Үрдүкү оскуолатын төрүттээччи Василий Босиков, суруйааччы Иван Федосеев - Доосо уонна артыыс Гаврил Колесов Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыттар.
  • 2020 — Хайалаах Карабаахха сэрии түмүктэммит, Арменияҕа былааһы утары бырачыастар саҕаламмыттар.
  • 1908 — Яков Санников (06.08.1844 төр.) — нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Хотулары аһынан-таҥаһынан хааччыйара, түүлээҕинэн эргинэрэ. Дьиэтэ Дьокуускайга Эргэ Куоракка билигин да турар. Уҥуоҕа Булуҥ улууһугар Өлүөнэ кытылыгар баар.
  • 1938 — Мустафа Кемал Ататүрк — Туурсуйа Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччитэ уонна бастакы бэрэсидьиэнэ. Элбэх уларытыыларын иһигэр, туурак тылын арааб уонна перс тылларын аһара күүстээх сабыдыалыттан ыраастаабыта, төрүт түүр тылынан-өһүнэн солбуттарбыта, ол туһугар Эдуард Пекарскай саха тылын тылдьытын туурактыы тылбаастаппыта.
  • 1982Леонид Брежнев — ССКП КК Генеральнай сэкирэтээрэ, 18 сыл тухары дойдуну салайбыт сэбиэскэй судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй, байыаннай диэйэтэл.
  • 1998Александра Охлопкова — сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы (1969-1985).
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Сэтинньи 10
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?