For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Сэтинньи 12.

Сэтинньи 12

Сэтинньи 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 316-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 317-c күнэ). Сыл бүтүө 49 күн баар.

  • Арассыыйа Арассыыйа — Сбербаан күнэ. Бу күн (уруккунан алтынньы 30) 1841 сыллаахха Николай I Арассыыйа импиэрийэтигэр мунньар каассалары арыйар туһунан ыйаах таһаарбыт[1]
  • 1847 — хлороформу анестетик (ыарыыны уталытар эмп) быһыытынан туттууну дьоҥҥо аан бастаан Эдинбург университетыгар Джеймс Симпсон көрдөрбүт.
  • 1888Франция Лилль куоратыгар бэчээт үлэһиттэрин бырааһынньыгар «Интернационал» диэн кэлин аатырбыт ырыаны аан бастаан ыллаабыттар.
  • 1927Троцкай уонна Зиновьев ВКП(б) кэккэтиттэн уһуллубуттар.
  • 1933Германия Түмэнигэр быыбар түмүгэр 92% куолаһы нацистар баартыйалара ылбыт.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитэ: ССРС тас дьыалаларын миниистирэ Вячеслав Молотов Берлииҥҥэ тиийбит. Икки хонук устата сүнньүнэн Риббентроптуун кэпсэппит уонна иккитэ Гитлердыын көрсүбүт. Британияны утары сэрии туһунан, Туурсуйаны кытта биир тылы булууну, Финляндия, Бессарабия, Болгария, Ираан дьылҕаларын ырыппыттар. Сэбиэскэй Сойуус үс дойду (Германия, Япония, Италия) холбоһугар киирэрин туһунан кэпсэтэ сатаабыттар да, Финляндияны уонна Буковинаны былдьаһан биир тылга киирсибэтэхтэр.
  • 1941Аан дойду иккис сэриитэ: Москуба аттыгар ол сыл аан бастаан тымныйыы буолбут (−12° C), сылаас таҥаһа суох ньиэмэстэри утары Кыһыл аармыйа хайыһардаах чаастарын бырахпыттар.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй «Червона Украина» кириэйсэр Севастополь иһин кыргыһыы кэмигэр тимирбит.
  • 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Гуадалканал иһин үс хонуктаах байҕал кыргыһыыта АХШ уонна Дьоппуон сэриилэрин ыккардыгар саҕаламмыт. Дьоппуоннар кыайтарбыттар.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия салгын сэбилэниилээх күүстэрэ 29 "Авро Ланкастер" (Avro Lancaster) бомбардировщигы ыытан, "Тирпиц" (Tirpitz) диэн ньиэмэс сүүнэ линкорун Тромсё (Норвегия) аттыгар тимирдибиттэр.
  • 1948Токиоҕа дойдулар ардыларынааҕы байыаннай түрүбүнээл сэттэ дьоппуон салайааччытын (ол иһигэр Хидеки Тодзё диэн генераалы) Иккис аан дойду сэриитигэр оҥорбут буруйдарын иһин өлөрөргө уурбут.
  • 1982 — ССКП КК генеральнай сэкирэтээринэн өр сылларга КГБ-ны салайбыт Юрий Андропов буолбут. Сорох устуоруктар этэллэринэн, кыахтаах уонна өйдөөх салайааччы буолан, "улугуран" олорор дойдуга дириҥ уларытыылары саҕалаабыта, ол эрээри сылтан эрэ ордук буолан баран 1984 сыл олунньу 9 күнүгэр өлөн хаалбыта.
  • 1988 — Ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
  • 1990 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
  • 1990Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
  • 2003Кытайга Shanghai Transrapid диэн магнитка дайар (маглев) пассажир пуойаһа аан дойду түргэн рекордун олохтообут — 501 км/час (311 миля/час).
  • 2008Дьокуускайга Валерий Чкалов бүүһүн туруорбуттар. Чкалов манна 1936 сыл балаҕан ыйыгар Георгий Байдуковтуун, штурман Александр Беляковтуун АНТ-25 сөмүлүлүөтүнэн кэлэн ааспыттара. Маршруттара: Москуба аттынааҕы Жуковскай аэродрома — Игарка — Дьокуускай — Амуур өрүс төрдүгэр баар Удд арыы (билигин Чкалов арыыта).
  • 2014 — Европатааҕы Космос Агентствотын Фила диэн түһэриллэр аппарата Розетта зондтан арахсан 67P / Чурюмов-Герасименко кометатыгар ситиһиилээхтик олорбут. Бу түгэн аан дойду устуоруйатыга бастакытын киһи оҥорбут аппарата комета ньууругар үктэниитинэн буолар.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Сэтинньи 12
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?