For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Бэс ыйын 9.

Бэс ыйын 9

Бэс ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 160-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 161-c күнэ). Сыл бүтүө 205 күн баар.

  • ХНТ ХНТ: Аккредитация күнэ. Бу күнү араас табаардарга сэртипикээт иҥэрэр лабораториялар үлэлэрин таһымыгар болҕомто уураары ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтообута. Сыала-соруга: биирдэ тургутуллубут табаар аан дойду үрдүнэн билинниллиэхтээх, хос тургутууну ааһыа суохтаах.
  • ХНТ ХНТ — Архыыптар аан дойдутааҕы күннэрэ
  • 68 сыл — 14 сааһыттан импиэрийэни салайбыт Рим импэрээтэрэ 30 саастаах Нерон бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Төрүөтүнэн сенат кинини "дойду өстөөҕүнэн" биллэриитэ буолбут. Бу кэнниттэн Римҥэ кылгас кэмҥэ гражданскай сэрии саҕаламмыта, бу кэм устуоруйаҕа Түөрт Импэрээтэр сыла диэн ааттанар.
  • 747 — Аббасидтар өрө туруулара: Хорасан күбүрээтэрэ Абу Муслим Омейядтар утары аһаҕастык өрө турбут. Бу өрө туруу түмүгэр Дамааскайга кииннээх Омейядтар династиялара сууллубута, былааска Аббасидтар кэлбиттэрэ, импиэрийэ киин куоратынан Багдаад буолбута. Бу өрө туруу төрүөтүнэн арааб төрүттээх Омейядтар атын төрүттээх мусульмааннары бэйэлэригэр тэҥнээбэттэрэ, кинилэри кытта булкуһары бобуулара буолбута. Импиэрийэ атын итэҕэллээхтэрэ эмиэ өрө турууну өйөөбүттэрэ.
  • 1534Франция айанньыта Жак Картье Хотугу Америка кытылын чинчийэн Сиб. Лаврентий өрүһүн арыйбыт уонна бу сири "Канадалар дойдулара" диэн ааттаабыт.
  • 1641 (уруккуннан ыам ыйын 30) — Дьокуускай бойобуодата Петр Головин Өлүөнэ баһыгар Киренга үрэххэ пятидесятник Мартын Васильевы уонна хаһаак десятнигын Аксен Опилкиевы ыытар туһунан приговора (сорудаҕа) тахсыбыт. Онно тоҥустартан харанарга остуруок тутар туһунан, уонна кинилэргэ тэргэннэри, сааны-сэбиргэли уонна бэлэхтииргэ анаан табаар биэрэр туһунан суруллубут[2].
  • 1719Пётр I күбүөрүнэлэри провинцияларга уонна уйуостарга араарбыт.
  • 1739Хотугу Муустаах далай кытылын чинчийбитинэн биллибит Харитон Лаптев Дьокуускайтан хоту аттаммыт.
  • 1781 — Джордж Стефенсон (1781—12.08.1848) төрөөбүт, Англия айааччыта, бастакы паровозтартан биирдэстэрин туппут, бастакы уопсастыбаннай тимир суолу (Дарлингон — Стоктон) туттарбыт киһи.
  • 1815 — Венатааҕы кэнгириэс түмүктэммит, манна Наполеон сэриилэрин кэннилэриттэн Европа дойдуларын ыккардыларыгар саҥа бэрээдэк олохтоммута.
  • 1922 сыл бэс ыйын 9-10 күннэригэр Арҕаа Хаҥалас Төхтүрүгэр кыһыллар уонна үрүҥнэр ыккардыларыгар улахан суолталаах кыргыһыы буолбута. Түмүгэр бастаанньыстар соҕуруу бөлөхтөрө ыһыллыбыта, кыһыл Дьокуускайга соҕурууттан суоһуур куттал суох буолбута.
  • 1945«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар.
  • 1948ЮНЕСКО эгидатынан Архыыптар аан дойдутааҕы сүбэлэрэ олохтоммут.
  • 1986Михаил Горбачёв Венгрияҕа сылдьан «Демократияны элбэтиэххэ, социализмы элбэтиэххэ» диэн луоһуну эппит.
  • 1994Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев киин куораты Алма-Атааттан Акмолаҕа көһөрбүт (сэбиэскэй кэмҥэ Целиноград, 1998 сылтан — Астана, 2019 сылтан — Нур-Султан).
  • 1995 — Украина бэрэсидьиэнэ Леонид Кучма уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Черноморскай флоту араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 1999 — Косово сэриитэ: Югославия уонна НАТО эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр. Бу кэнниттэн Югославия сэриилэрэ Косовоттан тахсан биэрбиттэрэ.
  • 2000Владимир Путин Чечняҕа быһаччы бэрэсидьиэн салайыытын киллэрбит.
  • 2019 — Казахстааҥҥа уочарата суох бэрэсидьиэн быыбара буолбут, Касым-Жомарт Токаев кыайбыт.
  • 1661 — Фёдор III Алексеевич (1682 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1676 сылтан).
  • 1672Бүөтүр I (1725 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1682 сылтан), Арассыыйа бастакы импэрээтэрэ.
  • 1938 — Петр Ильяхов (09.06.1938—19.05.2004) — Абый Мугурдааҕар ойууннааһыны чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1945 — Прасковья Адамова — СӨ үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
  • 1971 — Александр Варламов — эбэҥки уос номоҥун чинчийэр учуонай, түмэт диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.


  1. "Recuerdan a la celeste en el Día del Fútbol Sudamericano" (in es). LARED21. 2003-06-10. http://www.larepublica.com.uy/deportes/116550-recuerdan-a-la-celeste-en-el-dia-del-futbol-sudamericano. Retrieved on 2018-06-09. 
  2. РГАДА. Фонд 117. Якутская приказная изба. Д. 79. Л. 341-346
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Бэс ыйын 9
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?