For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Олунньу 24.

Олунньу 24

Олунньу 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 55-с күнэ. Сыл бүтүө 310 күн (ордук хонуктаах сылга 311 күн) баар.

  • Дьыл оҕуһун муоһа төрдүттэн тостон, моонньоох баһа быстан, көҥдөй көхсө күр гына түһэн, 44 уораан, 44 дьыбар буола сытар.
  • Ираан Ираан — Инженер күнэ
  • Румыния Румыния — Драгобете
  • Миэксикэ Миэксикэ — Былаах күнэ
  • Эстония ЭстонияТутулуга суох буолуу күнэ (Арассыыйа импиэрийэтиттэн, 1918)
  • Таиланд Таиланд — Национальнай ускуустуба диэйэтэлин күнэ


  • 1303 — Шотландия тутулуга суох буолуутун иһин бастакы сэриитигэр Рослин аттынааҕы кыргыһыыга англичааннар хотторбуттар.
  • 1386 — Буда куоракка Неаполь уонна Венгрия хоруолун Карл III өлөрбүттэр.
  • 1525 — Павия кыргыһыытыгар Габсбургтар аармыйалара Франция хоруолун аармыйатын үлтүрүппүт. Бу кыргыһыы Орто үйэлэр бүтэһик уонна Саҥа Кэм бастакы кыргыһыытынан ааҕыллар. Манна бастакытын уотунан эстэр саалар ситиһиилээхтик туттуллубуттар.
  • 1527 — Фердинанд I Прагаҕа Богемия хоруолун быһыытынан бэргэһэлэммит.
  • 1582 — Рим папата Григорий XIII дьиҥнээх Күн эргиириттэн хас да хонук хаалыылаах Юлиан халандаарын оннугар ордук табыгастаах саҥа халандаары (кэлин кини аатынан Григориан халандаара диэн ааттаммыта) киллэрбит. Бу халандаарга бастаан католицизмы өрө тутар дойдулар, онтон сыыйа Европа бары дойдулара көспүттэрэ.
  • 1739 — Карнал аттынааҕы кыргыһыы: Ираан ыраахтааҕытын Надир-шах аармыйата Ииндийэ Моҕуол импэрээтэрин Мухаммад-шах аармыйатын кыайбыт.
  • 1852 — суруйааччы Николай Гоголь «Өлбүт дууһалар» арамаанын иккис туомун уоттаан кэбиспит.
  • 1881 — Санкт-Петербурга Арассыыйа уонна Кытай ыккардыларыгар Или кыраайын туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Икки судаарыстыба Орто Азиятааҕы кыраныыссаларын чопчулаабыттар.
  • 1918 — Эстония Арассыыйаттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1973 — ССРС-ка «Очевидное — невероятное» биэрии аан бастаан эпииргэ тахсыбыт
  • 1976 — Москубаҕа ССКП XXV сийиэһэ аһыллыбыт.
  • 1983 — АХШ Кэнгириэһин анал хамыыһыйата Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ-ка олорор дьоппуоннары лааҕырдарга олордубуттарын сөбө суоҕунан аахпыт.
  • 1985ССРС-ка союзнай уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэр Үрдүкү Сэбиэттэригэр тиһэх быыбар буолбут. Маны таһынан олохтоох сэбиэттэри быыбардаабыттар.
  • 2008 — Фидель Кастро доруобуйата мөлтөөн Кууба салалтатын үрдүкү сололоруттан туораабыт. Кини Куубаны 1959 сыллаахтан ыла салайбыта. Ол тухары кинини 100-тэн тахса төгүл өлөрө сатаабыттар, бу чахчы Гиннесс рекордтарын кинигэтигэр киирбит.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Олунньу 24
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?