For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Кулун тутар 7.

Кулун тутар 7

Кулун тутар 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 66-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 67-c күнэ). Сыл бүтүө 299 күн баар.

  • Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар
  • Албания Албания — Учуутал күнэ
  • Ираак Ираак — Бэйэ-бэйэни тулуйуу уонна эйэлээхтик олоруу күнэ. Дойду премьер-миниистирэ Рим паапата Франциск уонна шииттэр баһылыктара аятолла Али Аль-Систани 2021 сыллаахха көрсүүлэрүн кэнниттэн биллэрбитэ
  • Түркменистаан Түркменистаан — Көлө уонна ситим үлэһиттэрин күнэ[1][2].
  • 1799Наполеон Бонапарт Палестинаҕа Яффо куораты ылбыт, 2000 албаан билиэннэйдэрин өлөттөрбүт.
  • 1814 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I Арассыыйа уонна Пруссия холбоһуктаах сэриилэрин кытта Краонн аттынааҕы кыргыһыыга кыайыыны ситиспит.
  • 1876 — Александр Грэм Белл "төлөпүөн" диэн ааттаабыт айыытыгар патент ылбыт.
  • 1900Германия пассажирдары тиэйэр аала SS Kaiser Wilhelm der Grosse кытылга араадьыйа сигнаалларын ыытар бастакы хараабыл буолбут.
  • 1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • 1904 — «Романовка» бырачыастааччылара (57 киһи, ол иһигэр сэттэ дьахтар) бэриммиттэр. 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт.
  • 1912
  • 1917 — Арассыыйа импэрээтэрэ Николай II Петроградтан Могилёвка сэриини салайар ставкатыгар барбыт, Петроградка дьалхаан (Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ) саҕаланан эрэрин билбэккэ хаалбыта.
  • 1930 — "СССР-176" диэн көтөр аал Дьокуускайтан Сангаарга көтөн иһэн саахалламмыт. Отто Кальвица хамандыырдаах экипээс өлбүт.
  • 1946Илин Германияҕа Көҥүл ньиэмэс ыччатын сойууһа олохтоммут, бастакы бэрэстээтэлинэн Эрих Хонеккер буолбут.
  • 1960 — ССРС Үрдүкү Сүбэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕынан Бүлүү оройуонун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта Варвара Трофимова уонна Раиса Третьяк Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
  • 1966 — Франция бэрэсидьиэнэ Шарль Де Голль Франция НАТО байываннай блогуттан тахсарын туһунан биллэрбит.
  • 1989 — Салман Рушди «Сатана хоһооно» диэн айдааннаах айымньытыттан сылтаан Ираан уонна Британия дипломааттыы сыһыаннарын тохтоппуттар.
  • 1997 — Анатолий Чубайс Арассыыйа бырабыытылаыстыбатын бэрэстээтэлин бастакы солбуйааччытынан иккистээн анаммыт. Кулун тутар 17 күнүгэр эбии үп миниистирэ буолбут. Сорох чинчийээччилэр сыанабылларынан, бу кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна "Арассыыйа-Саха алмаастара" хампаанньаҕа "алмаас блокаадата" диэн ааттаммыт уустук кэм ордук тыҥааһыннаах түһүмэҕэ саҕаламмыта.
  • 2002 — Аллараа Халыма улууһугар 500000 га иэннээх Курдигино-Крестовая диэн эркээйи сир баар буолбут.
  • 2014 сыл кулун тутар 7-16 күннэригэр Сочи куоратыгар 2014 кыһыҥҥы Паралимпия Оонньуулара буолбуттара. 45 дойдуттан күрэхтэһээччилэр кыттыбыттара.
  • 1845 — Василий Трощанскай — тэрэриис, норуодунньук, Саха сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр көскө олорбут, саха үгэһин чинчийбит киһи. 1898 сыл тохсунньу 27 күнүгэр өлбүтэ. Чөркөөххө көмүллүбүтэ.
  • 1894 — Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Спиридон Петров (1894—1965), олоҥхоһут.
  • 1949 — Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгэр Роман Дмитриев — саха аатырбыт тустууга, көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ.
  1. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); :0 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  2. turkmenportal. В Туркменистане учрежден День работников сферы транспорта и связи | Культура(нууч.)(суох сигэ — история).
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Кулун тутар 7
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?