For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Олунньу 26.

Олунньу 26

Олунньу 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 57-с күнэ. Сыл бүтүө 308 күн (ордук хонуктаах сылга 309 күн) баар.

  • — Наҕыл буолуу күнэ. 2007 сыллаахха Италияҕа бэлиэтиир буолбуттар, икки сылынан атын дойдуларга тарҕаммыт. Бу күн уопсастыба түргэн тэтимиттэн тэйэ түһэн, бэйэҥ ис ыра санааҕар болҕомто уурарга, эбэтэр чугас дьоҥҥун кытта наҕыллык кэпсэтэргэ ыҥыраллар.
  • Азербайджан Азербайджан — Ходжалы сиэртибэлэрин күнэ.
  • Кувейт Кувейт — Босхолонуу күнэ.


  • Б.э.и. 747 сыл — 23 сыл халдейдар баһылаан олорбуттарын кэннэ Набу-насир Вавилон ыраахтааҕыта буолбут, б.э.и. 734 сыллаахха диэри олорбута.
  • 1233Чыҥыс Хаан сэриитэ Хотугу Кытайдааҕы Цзинь илин киин куоратын Кайфэны хас даҕаны ыйдаах төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыттар.
  • 1804Арассыыйа импиэрийэтигэр Томскай губерния олохтоммут (1925 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр дылы баар буола сылдьыбыт).
  • 1815Наполеон Бонапарт көскө ыытыллыбыт сириттэн, Италия кытылын таһыгар баар Эльба арыытыттан, күрээбит. Кини Францияҕа тиийэн былааһы бэйэтигэр 100 күҥҥэ төннөрбүтэ.
  • 1832Арассыыйа былааһын утары өрө туруу хам баттаммытын кэннэ Польша бэйэтин аармыйата уонна сеймэ (түмэнэ) суох хаалбыт.
  • 1876Дьоппуон уонна Кэриэйэ ыккардыларыгар Канхвадо дуогабара түһэрсиллибит. Хас эмэ үйэ тухары хатанан олорбут Кэриэйэ Дьоппуон атыытыгар-эргиэнигэр күүс өттүнэн аһыллыбыт. Дьоппуон подданнайдара Кэриэйэҕэ экстерриториальность быраабын ылбыттар.
  • 1878Франция филолога Эмиль Литтре биир учуонай көрдөһүүтүнэн микроб диэн тиэрмини айбыт.
  • 1925РСФСР-га Коми-Пермяк уокуруга тэриллибит. Бу уокурук 2005 сыл ахсынньы 1 күнүгэр Пермь уобалаһыгар холбоммута, Пермь кыраайа үөскээбитэ. Коми-пермяктар (бэйэлэрин коми пермякезз, коми отир, коми морт дэнэллэр) диэн 95 тыһ. кэриҥэ ахсааннаах омук, тыллара коми тылыгар майгынныыр, алпаабыттара биир, ол эрээри литэрэтиирэлии тыллара тус туһунан.
  • 1926Баку куоратыгар Бүтүн Сойуустааҕы тюркологтар сийиэстэрэ саҕаламмыт, кулун тутар 6 күнүгэр түмүктэммит. Бу сийиэскэ чуолаан түүр омуктарын суруктарын-бичиктэрин уонна литэрэтиирэлэрин сайыннарыыга болҕомто уурбут. Сийиэскэ Саха сириттэн Исидор Барахов, Анемподист Софронов уонна Георгий Сивцев кыттыбыттар.
  • 1936 — Чурапчыга У-2 сөмүлүөт түспүт. Кулун тутартан сөмүлүөт сырыыта тиһиктээх буолбут[1].
  • 1990 — Чехословакияттан сэбиэскэй сэриилэр тахсыылара саҕаламмыт.
  • 1991 — "Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалыы туругун туһунан" диэн сокуон ылыныллыбыт. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин территориятыгар баар тэрилтэлэри (ол иһигэр ССРС уонна РСФСР таһымыгар үлэлиир алмаас уонна көмүс хостуур) хаһаайыстабаннай үлэлэрин хонтуруоллуур кыахтааҕа этиллибитэ. Бу кэнниттэн атын автономнай өрөспүүбүлүкэлэр эмиэ маннык ирдэбиллэри Сойуус иннигэр туруоран барбыттара.
  • 1992 — Карабах атааннаһыытын кэмигэр Ходжалытааҕы хаан тохтуута буолбут.
  • 1995 — Ник Лисон диэн түөкүн брокер биржаҕа оонньоон 1,4 миллиард доллар сүтэрбитин иһин Британия саамай былыргы бааннарыттан биирдэстэрэ Barings Bank эстибит.
  • 2004 — Латвия сейма НАТО-ҕа киирэр туһунан сокуону ылбыт.
  • 2006 — Кыһыҥҥы XX Олимпииада Туриҥҥа түмүктэммит.
  • 1802Виктор ГюгоФранция суруйааччыта.
  • 1917Алексей Бродников (25.06.1998 өлб.) — бэйиэт, прозаик, СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэрии кыттыылааҕа. 1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 1944Гаврил Филиппов — филология билимин дуоктара, профессор, РФ педагогическай уонна социальнай билимнэрин академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, CӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1954Реджеп Тайип Эрдоган — 2003-2014 сылларга Туурсуйа премьер-миниистирэ (дойду баһылыга), 2014 сылтан ыла Туурсуйа бэрэсидьиэнэ (конституцияҕа уларыйыы киирэн эмиэ дойду баһылыга).

1969 — Карл Ясперс (1883 төр.), ньиэмэс бөлөһүөгэ, психолог уонна психиатр, экзистенциализм бэрэстэбиитэлэ.

  1. Зуев, Ю. Н. Авиация в Якутии : популярный очерк прошлого инастоящего авиации в Якутии / Ю. Н. Зуев, Ю. А.Остапенко, О. П. Бородин. - Якутск : Якутское книжное изд-во, 1985. – С.86.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Олунньу 26
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?