For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Сэтинньи 29.

Сэтинньи 29

Сэтинньи 29 диэн Григориан халандаарыгар сыл 333-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 334-c күнэ). Сыл бүтүө 32 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Палестина норуотун кытары биир санааланыы күнэ
  • Албания Албания — Босхолонуу күнэ эбэтэр Дита-э-Элиримит
  • Вануату Вануату — Сомоҕолоһуу күнэ
  • Либерия Либерия — Уильям Табман төрөөбүт күнэ. Бу киһи 1944 сылтан 1971 сыллаахха өлүөр диэри дойду бэрэсидьиэнинэн олорбута, кини салайар кэмигэр дойду балысханнык сайдыбыта, төрүт олохтоохторо уонна АХШ-тан олохсуйа кэлбит хара тириилээх дьон ыккардыларыгар утарсыы кыччаабыта. Санаттахха Либерияҕа АХШ-тан босхоломмут кулуттар элбэхтик көспүттэрэ, Табман 1844 сыллаахха көспүт ол дьонтон төрүттээх этэ.
  • Югославия Югославия — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
  • 618 — Тан династията Цяньшуйюань аттынааҕы кыргыһыыга Сюэ Рэнгао сэриитин кыайбыт.
  • 903 — Аббасидтар аармыйалара Хам аттынааҕы кыргыһыыга карматтары кыайбыт.
  • 1394 — Чосон династияны олохтообут Кэриэйэ хоруола И Сон Ге, киин куоратын Кэсонтан Ханьян куоракка көһөрбүт, билигин Сеул диэн ааттаах.
  • 1783Арассыыйа Акадьыамыйатын мунньаҕар бэрэстээтэл Екатерина Дашкова азбукаҕа урукку «iо» оннугар «ё» буукабын киллэриэххэ диэбит.
  • 1807Португалия хоруол-дьахтара Мария I туох баар аймахтарын, кулуттарын-чаҕардарын кытта Наполеон ааҥнаан киирэриттэн дьиксинэн Лиссабонтан Бразилияҕа көспүт. Онон холуонньа метрополияҕа кубулуйбут. Бу түбэлтэ Бразилия сайдыытыгар бөдөҥ суолталаах буолбута.
  • 1870 — Николай Пржевальскай Киин Азияҕа бастакы айанын саҕалаабыт.
  • 1877Томас Эдисон аан бастаан фонограбы көрдөрбүт.
  • 1890Японияҕа Мэйдзи конституцията олоххо киирбит.
  • 1899Испания саамай элбэх титуллаах футбол клуба — "Барселона" — олохтоммут.
  • 1917 — (эргэ истиилинэн сэтинньи 15) Башкиир уобаластааҕы Шурота Башкурдистан территориальнай-национальнай автономиятын биллэрбит.
  • 1945Югославия Хоруоллугун оннугар Югославия Социалистическай Федеративнай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит. Бу судаарыстыбаны өр кэмҥэ Иосип Броз Тито диэн сэрии кэминээҕи бартыһаан басхана салайбыта. 1992 сыллаахха Югославия ыһыллыбыта.
  • 1947ХНТ Генеральнай Ассамблеята Палестинаны дьэбириэй уонна араб судаарыстыбаларыгар араарар былааны ылыммыт. Бу былааны дьэбириэйдэр ылыммыттар, оттон арабтар утарбыттар. Инньэ гынан бастакы араб-дьэбириэй сэриитэ саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан Палестинаҕа дьэбириэй судаарыстыбата баар, онтон араб судаарыстыба ситэ тэриллибэккэ турар.
  • 1964Саха норуодунай бэйиэтэ диэн ытык аан аан бастаан бэйиэт Эллэйгэ иҥэриллибит.
  • 1980 — Бааск омуктар бастакы Коррика диэн ааттаах сүүрүүлэрэ саҕаламмыт. Бу тылларын өйүүргэ анаан икки сыл аайы тэрийэр хас да хонуктаах эстафеталара.
  • 2006 — Нуучча бикипиэдьийэтэ «Рунет Бириэмийэтин» ылбыт.
  • 2009Швейцарияҕа референдум түмүгэр минареты тутуу бобуллубут.
  • 2014Дьокуускайга Мас тардыһыытыгар бастакы аан дойду чемпионата саҕаламмыт. Чемпионакка уопсайа 35 дойдуттан 170 спортсмен кыттыбыт.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Сэтинньи 29
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?