For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Кулун тутар 15.

Кулун тутар 15

Кулун тутар 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 74-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 75-c күнэ). Сыл бүтүө 291 күн баар.

  • Беларусь Беларусь — Конституция күнэ
  • Венгрия Венгрия — 1848 с. өрөбөлүүссүйэ саҕаланыытын күнэ
  • Испания ИспанияФальяс саҕаланар, дойду илин өттүгэр Валенсияҕа киэҥник бэлиэтэнэр хас да хонуктаах уот бэстибээлэ (фальяс диэн факел). Былыр мас уустара бэлиэтииллэрэ, дьон баараҕай куукула оҥороллор уонна онтуктарын уоттууллар. Бу күн ЮНЕСКО утумун испииһэгэр киллэриллибитэ
  • Палау Палау — Ыччат күнэ
  • Либерия Либерия — Робертс күнэ. Джозеф Робертс (1809—1876) — дойду бастакы бэрэсидьиэнэ, "Либерия аҕата" диэн ааттаммыт киһи
  • Япония Япония — Өлгөм сыл күнэ
  • Б.э.и. 44 сыл — Рим импэрээтэрин Юлий Цезары өлөрбүттэр.
  • 493 — Рим импиэрийэтэ суоллубутун кэннэ Италия хоруола буолан олорбут Одоакры остготтар хоруоллара Улуу Теодорих албыннаан эйэлэһии чалҕарыыныгар ыҥыран өлөттөрбүт.
  • 856 — 16 саастаах Византия импиэрийэтин ыраахтааҕыта Михаил III ийэтин Феодора былааһын суулларан регенствоттан босхоломмут, ийэтин уонна эдьиийдэрин манастыырга ыыппыт.
  • 1812Калифорнияҕа бастакы нуучча сэлиэнньэтэ олохтоммут — Росс холуонньа. Бу Америкаҕа Форт Росс диэн аатынан биллэр сэлиэнньэҕэ 1812 сылтан 1841 сыллаахха диэри элбэх саха олорбута, үлэлээбитэ.
  • 1822 — Александр I ыраахтааҕы Арассыыйа судаарыстыбатын сэбиэтэ «Об отсылке крепостных людей за дурные поступки в Сибирь на поселение» оҥорбут докумуонун бигэргэппит.
  • 1848Венгрияҕа өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, ол түмүгэр Габсбурдар баһылаан олорор дойдуларыгар реформа ыытарга күһэллибиттэрэ.
  • 1907Финляндия түмэнигэр бастакы быыбар буолбут (ол саҕана Финляндия Арассыыйа импиэрийэтин иһинэн улуу княжество статустааҕа).
  • 1917 — Николай II ыраахтааҕы бөрүстүөлтэн батыныыга илии баттаабыт, былааһы быраатыгар Михаил Александровичка биэрэрин биллэрбит. Бу күн Арассыыйаҕа Г. Е. Львов баһылыктаах Быстах кэм бырабыыталыстыбата олохтоммут, былааһы кини ылбыт.
  • 1920Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб былааһы Быстах кэмнээх Саха сиринээҕи губревкомҥа туттарбыт. Губревком бэрэстээтэлэ — Х.А. Гладунов, чилиэннэрэ — Т.З. Винокуров, М. Соловьев.
  • 1920 — кэлин үрүҥнэр салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолбут Михаил Артемьев ревком бэрэстээтэлинэн анаммыт.
  • 1923 — кыһыллар генерал Ракитин этэрээтин кытта сэриилэһэн баран Мүрү сэлиэнньэтин (билигин Уус Алдан Бороҕоно) ылбыттар.
  • 1933 — Саха национальнай байыаннай учуулуссатын (ЯНВШ) 6 курсаана хайыһарынан тохсунньу 15 күнүттэн 58 күн устата айаннаан Дьокуускайтан Хабаровскайга тиийбиттэр. Айан кистэлэҥ этэ. Хайыһардьыттар хотугу дойдуга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билэр соруктаахтар этэ. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
  • 1938 — ВКП(б) биллиилээх диэйэтэллэрэ Н. И. Бухарин, А. И. Рыков, Н. Н. Крестинскай уо.д.а. ытыллыбыттар.
  • 1939 — Чехословакияны Германия оккупациялаабыт.
    • "Эдэр бассабыык" хаһыакка Тимофей Сметанин суруйааччы Чаҕылҕан "Ньургуһун туһунан" диэн оҕолорго аналлаах кинигэтин ырытар ыстатыйатын бэчээттээбит[2].
  • 1943 — олунньу 17 күнүттэн Гжатскай анныгар буолбут кыргыһыыларга кыттыбыт Ньурба учуутала Александр Чусовской ыараханык бааһырбыт. Үтүөрэн баран сулууспатын салҕаабыта. Кэлин Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962) буола сылдьыбыта, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала (1953) ытык ааты ылбыта, 90 сааһыгар диэри олорбута.
  • 1949 — В.И. Ленин аатынан Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыба наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Лысенко Т.Д. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта көрсүбүт. Дэлэгээссийэни Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Василий Протодьяконов — Кулантай салайбыта.
  • 1990Михаил Горбачев Сэбиэскэй Сойуус бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт.
  • 2007 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнинэн Евгения Михайлова талыллыбыт.
  • 1930 — Лобанов Федор (15.03.1930—?) — саха аатырбыт ырыаһыта, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
  • 1932 — Михаил Тимофеев (15.03.1932—22.01.2013) — саха народнай бэйиэтэ.
  • 1935 — Василий Парников (Сэксэй) (15.03.1935—2000) — саха худуоһунньуга, график.
  • 1938Василий Сидоров — фотограф, суруйааччы, РСФСР олох-дьаһах ѳҥѳтүнэн хааччыйыыга үтүѳлээх үлэһитэ, туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун, Алтан, Хара нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, "Таммахтар" литэрэтиирэ холбоһук чилиэнэ, "Эркээйи" хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
  • 1943 — Афанасий Павлов — устуоруйа билимин хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Билии» уопсастыба тутаах лектора.
  • Б.э.и. 44Юлий Цезарь, Рим импэрээтэрэ.
  • 1998 — Бенджамин Спок (1903 төр.), аан дойдуга биллибит педиатр быраас, кыра оҕону көрүүгэ кинигэлэр ааптардара.
  1. 15 марта — Международный день защиты бельков. ECOportal (15 Кулун тутар 2008). Тургутулунна 15 Кулун тутар 2013.
  2. Афанасий Аржаков, Т. Сметанин — оҕо суруйааччыта // Т. Сметанин, Икки томнаах айымньылар, 1 Т., Дь., Бичик, 1999 - 2008 с., С. 196
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Кулун тутар 15
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?