For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Тохсунньу 17.

Тохсунньу 17

Тохсунньу 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 17-с күнэ. Сыл бүтүө 348 күн (ордук хонуктаах сылга 349 күн) баар.

  • Греция Греция — Патрас карнаваала — Греция сүүнэ бөдөҥ карнаваала, аан дойду бөдөҥ карнаваалларыттан биирдэстэрэ. Бэлиэтэммитэ 160-ча сыл буолбут. Былыргы итэҕэллэри кытта ситимнээх, сааһы аҕалар туомнары оҥороллоро.
  • Испания Испания, Менорка арыы — Менорка күнэ. 1287 сыллаахха бу күн Каталония уонна Арагон хоруола Альфонсо III бу иннинэ мусульмааннар баһылаан олорбут арыыларын сэриилээн ылбыт.
  • 1562 — Сен-Жермен эдикта олоххо киирэн, Францияҕа гугеноттар бырааптара билиниллибит.
  • 1773Джеймс Кук Resolution хараабыла Соҕуруу эргимтэни быһа охсубут бастакы хараабыл буолбут.
  • 1774 — Саха сирин бойобуодатынан Ларион Черемисинов анаммыт. Кини бу солоҕо бэс ыйын 15 күнүгэр диэри сыл аҥаара сулууспалаабыт.
  • 1906 — «Сахалар сойуустара» («Союз якутов») (эргэ истиилинэн тохсунньу 4 күнүгэр) диэн түмсүү тэриллибит. Тэрийээччи — Василий Никифоров - Күлүмнүүр.
  • 1904Москубаҕа МХАТ тыйаатырыгар Антон Чехов пьесатынан «Вишня сада» испиктээкил аан бастаан туруоруллубут.
  • 1912Британия айанньытын Роберт Скотт бөлөҕө Соҕуруу полюска тиийбит. Онно кинилэртэн биир ый иннинэ Норвегия айанньытын Руаль Амундсен бөлөҕө тиийбит эбит этэ.
  • 1915 — Бастакы Аан дойду сэриитин кэмигэр Хапхааска Сарыкамыш аттынааҕы кыргыһыыга Арассыыйа сэриилэрэ Осмаан импиэрийэтин сэриилэрин кыайбыттар.
  • 1920АХШ Көнүстүүссүйэтигэр 18-с уларытыы күүһүгэр киирбит, дойдуга арыгы атыыта, оҥоруута уонна тиэйиитэ бобуллубут. 1933 сыл ахсынньы 5 күнүгэр бу бобуу көтүрүллүбүтэ.
  • 1941 — Франция-Таиланд сэриитэ: Франция Виши бырабыыталыстыбатын сэриилэрэ Таиланд Хоруолун флотун урусхаллаабыттар.
  • 1944Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Италияҕа түөрт ыйдаах Монте-Кассино кыргыһыыта саҕаламмыт. Союзниктар Рими ыла сатаабыттар, ол түмүгэр 105 000 киһилэрин сүтэрбиттэр.
  • 1945 — 1-кы Белоруссия фронун чаастара уонна Войско польское 1-кы аармыйата Варшаваны босхолообуттар.
  • 1946ХНТ Куттал суох буолуутун Сүбэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
  • 1950 — ХНТ Куттал суох буолуутун Сүбэтэ сэрии сэбин хонтуруоллуур туһунан 79-с резолюцияны ылыммыт.
  • 1961Конго урукку премьер-миниистирин Лумумбаны өлөрбүттэр, бу быһылааҥҥа Бельгия уонна АХШ кыттыбыттарын туһунан чахчылар көстүбүттэрэ.
  • 1991 — Перс хомотугар сэрии: «Кумах куйаар буурҕата» диэн ааттаммыт байыаннай эпэрээһийэ сарсыарда эрдэ саҕаламмыт, Ираак байыаннай эбийиэктэрин АХШ сөмүлүөттэрэ атаакалаабыттар. F-117 сөмүлүөт сэриигэ аан бастаан кыттыыта. Израили сэриигэ кытыннара сатаан Ираак «Скад» диэн 8 ракетаннан Израили ытыалаабыт, Израиль хоруйдаабатах.
  • 1992Япония премьер-миниистирэ Киити Миядзава дьоппуон аармыйата Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр кэриэй дьахталларын кулут быһыытынан туһаммытын иһин Япония буруйдааҕын билиммит уонна кэриэйдэртэн хом санааны туппаттарыгар көрдөспүт.
  • 1994 — Күндү таастары уонна метааллары уоран атыылааһыны утары охсуһар Саха сиринээҕи ИДьМ анал салаата тэриллибит.
  • 1996Чиэхийэ Европа Сойууһугар киирэргэ сайаапка түһэрбит.
  • 2003 — СӨ «О родовой, родоплеменной кочевой общине коренных малочисленных народов Севера» сокуона ылыныллыбыт (бу сыл сэтинньи 20 күнүттэн олоххо киирбит, 2007 с. олунньу 14 уларытыллыбыт).
  • 2006Санкт-Петербурга Эрмитаж тыйаатырыгар «Саха сирин виртуозтара» кырыымпаһыттар бөлөхтөрө кэнсиэртээбит. Бу иннинэ мусукаан оҕолор Судаарыстыбаннай академическай капеллаҕа, ортопедия уонна травматология үнүстүүтүн кырачаан пациеннарыгар, «Зазеркалье» тыйаатырга кэнсиэртээн истээччилэр биһирэбиллэрин ылбыттар.
  • 1706 — Бенджамин Франклин — Америка бэлиитигэ, дипломата, учуонайа, айааччыта, суруналыыһа. Сүүс дуоллардаах банкнотаҕа кини мэтириэтэ ойууланар.
  • 1837Василий Радлов төрөөбүт (өлбүт сыла 1918), востоковед-түркүөлэк, акадьыамык. РАН Азия түмэлин салайаачыта (1894—1918).
  • 1863 — Константин Станиславскай — нуучча сэбиэскэй тыйаатыр диэйэтэлэ, артыыс, режиссёр, педагог, ССРС бастакы норуодунай артыыһа. Кини аатырбыт тыллара — "Не верю!".
  • 1899 — Аль Капоне (Альфонсе Габриэль Капоне) — 1920—1930-с сыллардааҕы Америка маапыйатынЧикаго саамай улахан баандатын бас-көһө.
  • 1915Иван Березкин — фольклору, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ.
  • 1942 — Мухаммед Али (төрүүрүгэр аата Кассиус Марселлус Клей - кыра) — Америка боксуора, Олимпия оонньууларын чөмпүйүөнэ (1960), ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду муҥутуур кыайыылааҕа.
  • 1958 — Кирилл Худогизов — биллиилээх сири олохтооччу.
  • 1962 — Джим Керри — Канада-Америка артыыһа, комига, сэнэрииһэ, продюсера.
  • 1965Татьяна Иванова — Саха сирин судаарыстыбаннаһа XIX—XX үйэлэргэ атаҕар туруутун чинчийэр учуонай, юридическэй билим дуоктара.
  • 1468 — Скандербег — билиҥҥи Албания сиригэр-уотугар үөскүү сылдьыбыт Кастриоти княжество салайааччыта (1443—1468), османнары утары охсуһуу баһылыга, Албания национальнай дьоруойа.
  • 1957 — Захар Винокуров (12.03.1922 төр.) — сахаттан биир бастакы композитор. 1962 сыллаахха кини аата Нам улууһун музыкальнай оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
  • 2002 — Николай Михайлов — аатырбыт сылгыһыт, Мэҥэдьэк сылгыта туспа боруода буоларыгар кылаатын киллэрбит киһи.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Тохсунньу 17
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?