For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Олунньу 6.

Олунньу 6

Олунньу 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 37-с күнэ. Сыл бүтүө 328 күн (ордук хонуктаах сылга 329 күн) баар.

  • ХНТ ХНТ — Аан дойдуга Дьахтар ууһуур уорганнарын эчэтиигэ тулуйумтуота суох сыһыан күнэ. Сомали, Гвинея, Джибути уонна Эгиипэт кыргыттарыгар маннык эчэтэр эпэрээһийэни ордук элбэхтик оҥороллор.
  • Саамнар — Саамнар дойдулар ардыларынааҕы күннэрэ
  • Сиэп төлөппүөнүттэн батыныы аан дойдутааҕы күнэ
  • Арассыыйа Арассыыйа, Украина Украина — Бармен күнэ
  • Таджикистан Таджикистан — Милиисийэ күнэ
  • 1819Британия Ост-Ииндийэтээҕи хампаанньатын бэрэстэбиитэлэ сэр Томас Стэмфорд Раффлз Сингапуру олохтообут.
  • 1820Америкаттан бастакы 86 афроамериканец Африкаҕа билиҥҥи Либерияҕа көспүттэр.
  • 1840Саҥа Зеландияҕа Британия уонна олохтоох маори тойотторо Вайтанги дуогабарын түһэрсибиттэр. Саҥа Зеландия Улуу Британия колонията буолбут.
  • 1865Санкт-Петербурга күн оройун бууска ытыытынан бэлиэтиир үгэс олохтоммут.
  • 1909Петербургтан Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ Иван Крафт Дьокуускай куоратын кулубатыгар Павел Юшмановка тэлэгирээммэ ыыппыт. Онно Крафт куоракка элэктириистибэни киллэрэргэ анаан 100 тыһыынча солкуобайы иэс ылбытын туһунан эппит.
  • 1910 — Аатырбыт атыыһыт Николай Эверстов — Сэрбэкэ 50 тыһыынча солкуобайы уган Куорат общественнай баанын арыттарбыт.
  • 1921 — Түүн Дьокуускайга губчека саха буржуазнай националистарын, офицердар уонна кулактар саагыбардарын арыйбыт, 300-400 киһи хаайыллыбыт, 32 киһи расстрелламмыт. Кэлин Иван Строд ахтыытынан, бу курдук ЧК суоһумар быһыылара уонна атын да бэлиитикэҕэ сыыһалар оччотооҕу үчүгэйэ суох быһыыны-майгыны эбии тыҥаппыттар. Бу сыл күһүнүгэр Саха уобалаһыгар өрө туруу саҕаламмыта.
  • 1933 — Өймөкөөн метео ыстаансыйата (1929 с. төрүттэммит) Саха сиригэр саамай намыһах температураны бэлиэтээбит — −67,7°С. Бу иннинэ 1926 с. геолог Сергей Обручев, Черскэй сиһигэр баран иһэн Өймөкөөн Томторугар −71,2°С буолуон сөп диэн бэйэтин күннүгэр суруйбут. Ол эрээри кээмэйдээбитин туһунан атын докумуон хаалбатах буолан, бу билиниллибэт.
  • 1942 — Калининскай фронт: ньиэмэс 9-с аармыйата ССРС 29-с аармыйатын икки өттүтэн кимэн киирбит (илинтэн Ржев өттүнэн уонна арҕааттан Оленино өттүнэн), 39-с аармыйа уонна 11-с кавалерия корпуһун ситимнэрин быспыт, түмүгэр 29-с аармыйаны төгүрүйбүт.
  • 1952 — Елизавета II Холбоһуктаах Хоруоллук королевата буолбут.
  • 1952 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкома "Саха литературатын устуоруйатыгар буржуазнай уонна националистическай тиэрэ эргитиилэр тустарынан" уураах ылбыт.
  • 1952«Кыһыл табаһыт» («Красный оленевод», «Колымская правда») диэн Аллараа Халыма улууһун хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
  • 2000Иккис Чечен сэриитин кэмигэр федеральнай күүстэр Грознай куоратын ылбыттар.
  • 2023Туурсуйа соҕуруу өттүгэр уонна киинигэр, ону таһынан Сиирийэ хоту уонна арҕаа өттүгэр 7,8 МВт сир хамсааһына, онтон 7,7 МВт күүстээх афтершок буолбут. Бу түмүгэр 59 000 тахса киһи өлбүт, 121 000 киһи бааһырбыт.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Олунньу 6
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?