For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Муус устар 19.

Муус устар 19

Муус устар 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 109-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 110-c күнэ). Сыл бүтүө 256 күн баар.

  • Англия Англия — Примула күнэ. 1881 сыллаахха бу күн Британия чулуу бэлиитигэ Бенджамин Дизраэли өлбүт. Примула сибэккини сөбүлүүрүн билэр буолан, Виктория ыраахтааҕы уруккуттан да киниэхэ сибэкки дьөрбөлөрүн ыытар эбит, бу сырыыга примула веногун ыыппыт. Кэлин бу күнү бэлиэтээһин Британияҕа үгэс буолбут
  • Венесуэла Венесуэла — Тутулуга суох буолуу күнэ (1810)
  • Сьерра Леоне Сьерра Леоне — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1971)
  • Уругвай Уругвай — Отут үс Ориенталес күнэ. Ориенталес диэн "илиҥҥилэр" диэн тылбаастанар, Бразилия илин өттүн арааран ыларга дьулуспут дьон. 1825 сыллаахха Аргентинаттан устан кэлбит Хуан Лавальеха диэн киһи баһылыктаах этэрээт оччотооҕуга Бразилия бас билэр сирдэригэр Уругубаай өрүс кытылыгар түспүт. Бу дьон олохтоохтору өрө туруорбуттарын түмүгэр Уругубаай диэн тутулуга суох дойду үөскээбитэ
  • Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйа полиграфиятын күнэ. 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Нууччалыы бастакы кинигэ бэчээттэниитин кытта ситимнээх
  • 531 — Каллиникум аттынааҕы кыргыһыы: Рааккаҕа (Хотугу Сиирийэ) Пиэрсийэ аармыйата Велисарий баһылыктаах Византия аармыйатын кыайбыт.
  • 1563 сыллаахха Москубаҕа Иван Фёдоров уонна Петр Мстиславец типографиялара үлэтин саҕалаабыт.
  • 1775 — Америка колонистара Британия сэриилэрин кытта бастакы кыргыһыылара буолбут. Тутулуга суох буолуу иһин сэрии саҕаламмыт.
  • 1780 — Екатерина II полиция реформатын саҕалаан Управа благочиния диэн тэрилтэни олохтообут. Быраабалар Арассыыйаҕа сүүсчэ сыл үлэлээбиттэрэ.
  • 1852 сыл тохсунньу 1 күнүгэр (саҥа истиилинэн тохсунньу 13 күнэ) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллан күбүөрүнэ бырааптаах туспа уобалас буоларыгар дуоһунаска киирбит Саха уобалаһын бастакы күбүрүнээтэрэ Константин Григорьев муус устар 19 күнүгэр Дьокуускайга кэлбит.
  • 1925 — ССРС-ка «Пионерская зорька» диэн оҕолорго аналлаах араадьыйа биэриитэ аан бастаан тахсыбыт.
  • 1928 — Ааҥыл тылын Оксфордааҕы тылдьытын бастакы таһаарыыта түмүктэммит.
  • 1943 — ССРС-ка СМЕРШ (нууччалыы "Смерть шпионам" диэн тыллары кылгатыы) олохтоммут. Биир ааттаах үс туһунан тэрилтэ баара: оборона наркомаатын, флот уонна ис дьыала наркомаатын истэригэр. Бу тэрилтэлэр фронт аттыгар диверсааннары, үспүйүөннэри, таҥнарыахсыттары буларынан дьарыктаналлара, билиэнтэн босхоломмуттары чинчийэллэрэ. Байыаннай кэм сокуонунан суута суох ытар бырааптаахтара.
  • 1947 — «Ииндийэ национальнай кэҥгириэһэ» Ииндийэни икки дойдуга араарарга сөбүлэҥин биэрбит: Ииндийэ уонна Пакистаан.
  • 1970 — Аан бастакы "Жигули" массыына конвейертан тахсыбыт (ВАЗ-2101).
  • 1971 — «Салют» диэн бастакы орбитаҕа куруук көтө сылдьар ыстаансыйа куйаарга көппүт.
  • 1972Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттарынан ырыаһыт Анегина Ильина уонна үҥкүүһүт Геннадий Баишев буолбуттар.
  • 1987 — «Симпсоннар» (The Simpsons) ойуулук-сэрийээл бастакы сиэрийэтэ тахсыбыт.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Муус устар 19
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?