For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ыам ыйын 18.

Ыам ыйын 18

Ыам ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 138-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 139-c күнэ). Сыл бүтүө 227 күн баар.

  • Түмэл аан дойдутааҕы күнэ. Сылын ахсын бу күн ханнык эрэ тиэмэҕэ ананар. 2021 сыл тиэмэтэ: «Түмэл кэскилэ: барҕарыы уонна саҥа көрүү» (The Future of Museums – Recover and Reimagine), түмэллэри үлэҕэ саҥа уопуту атастаһалларыгар, аныгы кыһалҕалары быһаарарга көҕүтэр.
  • Бу күн Саха сирин киин өттүгэр буҕарҕана кэлэр.
  • Арассыыйа Арассыыйа — ВМФ Балтиятааҕы флотун күнэ
  • Гаити Гаити — Бастакы былаах күнэ.
  • Кырыым Өрөспүүбүлүкэтэ Кырыым Өрөспүүбүлүкэтэ — Депортация сиэртибэлэрин күнэ. Кырыым татаардарын быраабын туһугар охсуһуу күнэ
  • Уругвай Уругвай — Лас-Пьедрас аннынааҕы кыргыһыы (Battle of Las Piedras (1811)) күнэ
  • Түркменистаан Түркменистаан — Барҕарыы, сомоҕолоһуу уонна Махтумкули Фраги күнэ
  • Ньургуһун күнэ. Айылҕа харыстабылын кэллиэгийэтигэр суруналыыс Уйбаан Уһуунускай көҕүлээһининэн бигэргэммитэ


  • 1268Эгиипэт мамелюктара Антиохия куораты сэриилээн ылбыттар.
  • 1291 — Эгиипэт мамелюктара Акраны ылбыттар — крестоносецтар "Сибэтиэй сиргэ" тиһэх кириэппэстэрин.
  • 1781 — Перу төрүт олохтоохторун ордук бөдөҥ өрө турууларын баһылыгын Туупак Амару II диэн ааттаммыт киһини испанецтар кырыктаахтык өлөрбүттэр. Бастаан ойоҕун, биир уолун, атын чугас дьонун көрөн турдаҕына өлөртөөбүттэр, онтон бэйэтин түөрт атынан хайа тартарбыттар. Бу киһи инкалар бүтэһик ыраахтаҕыларын Туупак Амару сыдьаана этэ, өбүгэтин аатын ылыммыта.
  • 1804Наполеон Бонапарт Франция императорынан ааттаммыт.
  • 1944Кырыым татаардарын күүһүнэн көһөрүү (депортация) саҕаламмыт.
  • 1951Кэриэйэ сэриитэ: ХНТ Кытайы утары, Хотугу Кэриэйэни өйүүрүн иһин, экономическэй санкция биллэрбит.
  • 1957 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин уурааҕынан ССРС Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаата төрүттэммит.
  • 1971 — Өймөкөөн оройуонун Аартык бөһүөлэгэр бөдөҥ сир хамсааһына буолбут. Саха сирин аныгы устуоруйатыгар буолбут икки бөдөҥ сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ. М = 7,1. Эпицентра Черскэй сиһин уонна Үөһээ Ньара впадинатын кирбиилэригэр этэ, 22 км дириҥҥэ сытара. Эпицентрга күүһэ 9 баалтан итэҕэһэ суоҕа диэн сабаҕалыыллар. 250 тыһ. кв. км иһинэн сир үрүт араҥатыгар алдьаныылар буолбуттара (грунт сыҕарыйыыта, оползень, таастан уонна уулаах бөхтөн турар сель). Эпицентртан хотугулуу-арҕаа сытар Аартык бөһүөлэккэ киин хочуолунай турбатын төбөтө 3 м амплитудалаах биэтэҥнээбитэ. Автобаза сыахтарын вентиляциятын турбалара 3 м үрдүктэн сууллубуттара. Дьиэлэр эркиннэрэ курдары хайыта бараттаабыттара, оһохтор хайдыбыттара. Хамсааһыны Саха АССР, Магадаан уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай киэҥ сирдэригэр билбиттэрэ[1].
  • 1974 — "Мичилийэр Будда" бырайыак чэрчитинэн Индия бэйэтин бастакы атомнай буомбатын дэлби тэптэрбит. Онон аан дойдуга атомнай сэрии сэптээх алтыс дойду буолбут.
  • 1989 — Литва ССР-ын Үрдүкү Сэбиэтэ Литва суверенитетын туһунан Декларация ылыммыт.
  • 2000 — Владимир Путин ыйааҕынан Уһук Илин федеральнай уокурук тэриллибитэ.
  • 2001
    • Лиэнскэйгэ 17 чыыһыла буолар түүнүгэр куораты ылбыт халаан уута бу күн муҥутуур 20,12 м үрдүккэ тахсыбыт, Михаил Николаев ЧС биллэрбит. Халаан түмүгэр алта киһи өлбүт, уопсайа 30,8 тыһ. киһи эмсэҕэлээбит. 193 мас уонна 44 таас дьиэ урусхалламмыт эбэтэр сорҕото алдьаммыт, 249 бырамыысыланнас эбийиэгэ эмсэҕэлээбит. Хоромньу кээмэйэ 6 млрд. солк. тэҥнэспит.
    • "Орто Дойду" зоопарка бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.
  • 1048 — Омар Хайям (1131 өлб.), перс уонна таджик бэйиэтэ, математик, бөлүһүөк.
  • 1866 — Василий Никифоров-Күлүмнүүр (15.09.1928 өлб.)  — Саха уһулуччулаах түмэт, бэлиитикэ диэйэтэлэ, юрист, краевед учуонай, суруйааччы, публицист, "Сахалар сойуустарын" салайааччыта, Саха сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
  • 1868 — Николай II (1918 өлб.), Арассыыйа импиэрийэтин тиһэх ыраахтааҕыта (1894—1917).
  • 1869Сулейман Стальскай (дьиҥнээх араспаанньата Гасанбеков; 1937 өлб.), лезгин ашуг бэйиэтэ, Дагестаан норуодунай бэйиэтэ.
  • 1896 — Скрябин Адам Васильевич (1938 өлб.) — саха бастакы хормейстера. Бу Нөмүгүттэн төрүттээх киһи Москубаҕа консерваторияҕа үөрэммитэ, 1917 сыллаахха саха бастакы хуорун тэрийбитэ, оттон 1931 сыллаахха — бастакы хомус ансаамбылын.
  • 1800Александр Суворов (1730 төр.), нуучча полководеһа.
  • 1944 — Ленинград уобалаһыгар Чурапчы Хайахсытыттан төрүттээх буойун Николай Илларионов кыргыһыыга охтубут. Кини биир ыалтан сэриигэ кыттыбыт 7 уолтан биирдэстэрэ этэ. Кэргэнэ огдообо хаалбыт.
  • 2013 — Алексей Балабанов (1959 төр.), кинорежиссёр, сценарист, продюсер уонна артыыс. Киинэлэригэр саха артыыстарын устара.


  1. К.К. Стручков, В.Н. Рукович, М.Л. Мельцер Геология: пособие для школьников: в 2-х т.. — Якутск: Сайдам, 2005, 2008. — Т. 1. — С. 86. — 240 с. — 3000 экз. — ISBN 5-98671-011-8
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ыам ыйын 18
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?