For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Муус устар 25.

Муус устар 25

Муус устар 25 диэн Григориан халандаарыгар сыл 115-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 116-c күнэ). Сыл бүтүө 250 күн баар.

  • Австралия, Саҥа Зеландия, Науру, Соломон Арыылара, Тонга, Арҕаа Самоа — АНЗАК күнэ. Бу күн 1915 сыллаахха Антанта сэриилэрэ Туурсуйа кытылыгар түспүттэр, ол эрээри кыайтарбыттар. Бастаан бу күн Бастакы Аан дойду сэриитигэр өлбүт саллааттары саныыр кутурҕан күнүн быһыытынан бэлиэтэнэрэ, кэлин Иккис Аан дойду сэриитэ бүппүтүн кэннэ бары сэриилэргэ өлбүт дьону ахтан ааһар күҥҥэ кубулуйбут
  • Германия Германия — Мас олордуутун күнэ
  • Эгиипэт Эгиипэт — Синаай тумул арыытын босхолонуутун күнэ
  • Италия Италия
    • Фашизмтан босхолонуу күнэ[1].
    • Марк евангелист күнэ
  • Казахстаан Казахстаан — Казахстан футболун күнэ[2]
  • Хотугу Кэриэйэ Хотугу Кэриэйэ — Аармыйа күнэ
  • Португалия Португалия — Өрөбөлүүссүйэ күнэ, Босхолонуу күнэ[3].
  • Эсватини Эсватини — Дойду былааҕын күнэ[4]
  • 775 — Багреванд аттынааҕы кыргыһыыга Аббасидтар халифаттарын сэриитэ өрө турбут эрмээннэри урусхаллабыт. Мусульманнар Хапкааска дьайыылара күүһүрбүт.
  • 1547 сыллаахха Москубаҕа улахан уот туран куорат барыта умайбыт.
  • 1644Кытайга былааһы былдьаһыы түмүгэр Мин импэрээтэрэ Чунчжэнь бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Мантан инньэ үрдүкү былаас тоҥус (мондьуур) төрүттээх Цин династияҕа көспүтэ.
  • 1898 — Саха сирин күбүрүнээтэрэ В. Н. Скрипицын ис дьыала миниистиригэр Дьокуускайдааҕы реальнай училищены толору сэттэ сыллаах училищеҕа кубулутар туһунан хадатаайыстыба суруйбут. Бу иннинэ алта кылааһы бүтэрбит оҕолор сэттис кылаастарын Томскай куоракка баран бүтэриэхтээхтэрэ. Онто суох үрдүк үөрэххэ киирэр кыахтара суоҕа.
  • 1901 — сыллаахха Иркутскайтан Өлүөхүмэҕэ телеграф механиктара уонна чунуобунньуктар аттаммыттар, сыаллара-соруктара: Дьокуускайга диэри телеграф линиятын тардыы.
  • 1905 — Лондоҥҥа РСДРП III сийиэһэ аһыллыбыт.
  • 1907 — сахалар култуураларын сөргүтүү туһунан дакылааты Петрограакка национальнай территориальнай учууталлар сойуустарын тэрийэр (учредительнай) сийиэскэ Виктор Николаев аахпыт. Кини Байыаннай медицинскэй академия устудьуона эбит. Бу дакылаат кэлин 1916 с. «Якутские вопросы» хаһыакка бэчээттэммитэ.
  • 1917 — (ыам ыйын 8 күнүгэр дуу саҥа истиилинэн?) Ас-үөл кэмитиэтин бастакы мунньаҕа буолбут. Бэрэстээтэлинэн меньшевик В. Д. Виленскэй, солбуйааччытынан эсер В. Н. Соловьев талыллыбыттар.
  • 1945 сыл
    • Эльба өрүскэ Торгау аттыгар сэбиэскэй уонна АХШ аармыйалара үөрүүлээх көрсүһүүлэрэ буолбут.
    • Хотугу Италияны босхолуур кэмитиэт ньиэмэс оккупациятын утары өрө турарга ыҥырбыт.
    • Сан-Францискоҕа буолбут кэмпириэнсийэҕэ Холбоһуктаах Наассыйлар Тэрилтэлэрин олохтуур туһунан быһаарыы ылыныллыбыт.
    • Ньиэмэс тиһэх чаастара Финляндия Лапландиятыттан чугуйбуттар.
  • 1974Португалияҕа Гвоздикалар өрөбөлүүсүйэлэрэ буолан дэмэкирээттэр былааска кэлбиттэр.
  • 1983Тымныы сэрии үгэннээн турдаҕына Сэбиэскэй Сойуус баһылыга Юрий Андропов АХШ оскуолаҕа үөрэнэр кыыһын ыалдьыттыы кэлэригэр ыҥырбыт. Бу Саманта Смит диэн оҕо ядернай сэрииттэн куттанарын туһунан Андроповка сурук суруйбута.
  • 1990 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутааттара Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн талбыттар[5].
  • 1993 — Арассыыйаҕа референдум буолбут. Олохтоохтор улахан аҥаардара бэрэсидьиэн Б. Ельцин бэлиитикэтин өйөөбүт (58,7 %), ол эрээри кини Үрдүкү Сэбиэти ыһар этиитин утарбыт.
  • 2006СӨ Төрүт сокуонугар бэрэсидьиэн туһунан ыстатыйаларга кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэр.
  • 1599 — Оливер Кромвель (Oliver Cromwell), Англия, Шотландия уонна Ирландия Лорд протектора (өлб.с. 1658).
  • 1903 — XX үйэ биир бөдөҥ математига, 60-с сс. Сэбиэскэй Сойууска математиканы үөрэтиини реформалаабыт киһи, оскуола учуобунньуктарын ааптара Колмогоров А. Н..
  • 1922 — Уус-Алдан Өнөрүгэр Кэриэйэҕэ 1950-53 сс. буолбут сэрии кыттыылааҕа Николай Иванов. Аатырбыт лүөччүк, маршал Кожедуб штаабыгар сибээс отделениетын хамандыырынан сулууспалаабыт.
  • 1933 сыллаахха Кэбээйи Тыайатыгар скульптор Петр Захаров. Кини биллэр үлэлэрэ: Дьокуускайга Ойуунускай мэҥэтэ, Бүлүүгэ Н.Чернышевскай бүүһэ, Намҥа - М.Аммосов бүүһэ.
  • 1934 — Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр Савва Тарасов (06.11.2010 өлб.) — саха норуодунай поэта, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 1951 — Чурапчы Хоптоҕо нэһилиэгэр Куприян Михайлов — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа.
  • 1985 — Владимир Балынец — XIV Паралимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер (пауэрлифтинг).


  1. День освобождения от фашизма в Италии — 25 апреля
  2. Сегодня день казахстанского футбола! — Мяч за мячом — Наш спорт | Sport.Gazeta.kz(суох сигэ — история). Тургутулунна 25 Муус устар 2009.
  3. День свободы в Португалии — 25 апреля
  4. Swaziland National Holidays 2009 Архыыптаммыт 2013, Кулун тутар 29 күнүгэр.
  5. Николаев Иван Игнатьевич Новый депутатский корпус // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 73-76. — 624 с. — 3000 экз.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Муус устар 25
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?