For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Яковлев Иван Яковлевич.

Яковлев Иван Яковлевич

Яковлев

Яковлев Иван Яковлевич — (1848 сыл, муус устар 25, Кошки-Новотимбаево, Буинскай уйуос, Симбирскай күбүөрүнэ — 1930 сыл, алтынньы 23 Москуба) — сырдатааччы, педагог, православие миссионера, норуот оскуолаларын төрүттээччи. Казаан үөрэҕин уокуругун чувааш оскуолаларын иниспиэктэрэ (салайааччыта) (1875-1903)[1] уонна Симбиирскэйдээҕи чувааш учууталларын оскуолатын төрүттээччитэ уонна салайааччыта (1868-1919), аныгы чувааш суругун-бичигин оҥорооччу (1870-с сылларга) уонна чувааш оҕолоругар аналлаах чувааш итиэннэ нуучча тылларын учуобунньуктарын ааптара, суруйааччы, тылбаасчыт, фольклорист. Действительнай статскай советник (1904).

1848 сыллаахха муус устар 25 (уруккуннан 13) Кошки-Новотимбаево диэн чувааш дэриэбинэтигэр төрөөбүт (Симбирскай күбүөрүнэ Буинскай уйуоһа). Ийэтэ — Настасья Васильевна Макарова, кинини төрөөрү өлбүт, аҕата биллибэт, онон бииргэ төрөөбүттэриттэн туһунан атын ыалга иитиллибит. Сэттэ сааһыгар 1856 сылтан Эргэ Бурундуктар диэн сэлиэнньэҕэ оскуолаҕа үөрэммит. Онно нуучча бааһынайын ыалыгар Мушкеевтарга олорбут. 1860 сыллаахха бастыҥ үөрэнээччи буолан Симбирскэйгэ уйуос учуулуссатыгар үөрэнэ киирбит.

Онно үөрэнэн иһэн сыл бүтэһигэр 1 кылаас үөрэнээччилэрин бөлөҕүн кытта саҥа аһыллыбыт Сибрискэй эр дьон гимназиятыгар көһөрүллүбүт. Онно землемерно-таксаторскай кылааска түбэспит, уонна 1863 сыллаахха диэри үөэммит. Бүтэрэн баран Симбирскэй удельнай хонтуоратыгар ыытыллыбыт, онно кээмэйдьит (мерщик) быһыытынан 4 сыл кэриҥэ үлэлээбит.

Бу кэмҥэ Иван Яковлев элбэхтик Симбирскэй, Казанскай уонна Самарскай күбүөрүнэлэринэн айаннаабыт, ол сылдьан нуучча, татаар, чувааш, эрзя омуктар хайдах олороллорун кэтээн көрбүт. XIX үйэ 60-с сылларыгар тарҕаммыт либеральнай өйүктэр сабыдыалларынан чувааш омугун олоҕун үөрэхтээһин көмөтүнэн чэпчэтэр туһунан толкуйдуур буолбут. Бу сылдьан чувааш култууратын сөргүтэр үлэни ыытар былааннаммыт. Бу былааннарын олоххо киллэрээри салгыы үөрэнэр туһунан санаталыыр буолбут.

  1. Яковлев И. Я. Воспоминания. Чебоксары, 1982.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Яковлев Иван Яковлевич
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?