For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for От ыйын 14.

От ыйын 14

От ыйын 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 195-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 196-c күнэ). Сыл бүтүө 170 күн баар.

  • Ираак Ираак — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
  • Франция Франция — Бастилияны ылыы күнэ (1789). Бу бырааһынньык дьиҥнээх аата Дойду күнэ (фр. La Fête Nationale). 1880 сыллаахтан (түбэлтэ биир сылыгар) дойдуну сомоҕолоору бэлиэтиир буолбуттара. Бастилияны ылыыны бэйэтин, дьиҥэр, французтар сорохторо туох да суолтата суох хаан тохтубут быһылаанынан ааҕаллар
  • Швеция Швеция — Кронпринцесса Виктория төрөөбүт күнэ — Швеция былааҕын күнэ
  • Соҕуруу Осетия Соҕуруу Осетия — Эйэһит күнэ [1] (1992)
  • 1420 — Витков мырааныгар буолбут кыргыһыы, Ян Жижка салалтатынан чиэх гусииттара Рим импиэрийэтин импэрээтэрэ Сигизмунд хамаандалаах кириэстээх бохуот аармыйатын кыайбыттар.
  • 1700 — Москуба саарыстыбатын уонна Осман импиэрийэтин ыккардыгар Константинополь эйэлээх сөбүлэҥэ түһэрсиллибит. Бу сөбүлэҥ ахсыс ыстатыйатынан Арассыыйа Кырыым хааныгар сыл ахсын төлүүр түһээнин төлөөбөт буолбут. Бу эдэр Бүөтүр I ыраахтааҕы бастакы бөдөҥ ситиһиитэ этэ.
  • 1789 — Францияҕа өрөбөлүүссүйэ кэмигэр өр сылларга хаайыы буолан турбут кириэппэһи Бастилияны ылбыттар. Бу хаайыы өрө турбут дьоҥҥо хоруол былааһын бэлиэтэ этэ. Сарсыныгар Бастилияны урусхаллыырга уураахтаабыттара. Турбут сирэ билигин Париж биир болуоссата буолан турар, онно туриистары хайаан да илдьэллэр.
  • 1897Арассыыйа импиэрийэтигэр баскыһыанньа өрөбүл күнүнэн биллэриллибит.
  • 1899Верхоянскайга мунньах түмүгэр почта арыйар буолбуттар.
  • 1905Оклахома индеецтэрэ Секвойя диэн саҥа штаат баар буолбутун туһунан биллэрбиттэр (АХШ Кэнгириэһэ билинэртэн батыммыта).
  • 1907 — Урукку истиилинэн от ыйын 1 күнүгэр Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата «Якутский край» тахсыбыт. Бу нүөмэр иһинэн сахалыы салаа бэчээттэммит. Онно "От ыйын 1 күнэ" диэн бастаах билиҥҥи чинчийээччилэр "Сахатытыы манифеһа" диэн ааттыыр ыстатыйалара, ону тэҥэ суут туһунан сахалыы матырыйаал уонна сахалыы хаһыат тахсыахтааҕын туһунан сахалыы биллэрии тахсыбыттар.
  • 1917
    • Финляндия автономияны биллэрбит.
    • Быстах кэм бырабыыталыстыбата Украина автономиятын туһунан декларацияны ылыммыт.
  • 1933 — Gleichschaltung диэн ааттанар ыйааҕынан Гитлер Германияҕа нацистартан ураты бэлиитикэ баартыйаларын суох гынар
  • 1933 — Германияҕа "Утумнанар ыарыылары тохтотуу туһунан" сокуону ылыныынан нацистыы евгеника программата үлэтин саҕалаабыт. Бу сокуонунан ханнык баҕарар гражданин утумнанар ыарыылаах буоллаҕына стерилизаццияланыахтааҕа.
  • 1939
    • Саха АССР НКВД-та көмүс бырамыысыланнаһын тэрийээччи Вольдемар Бертины утары дьыаланы тохтоппут. Түөрт ый хаайыыга сыппыт Бертин буруйа дакаастамматаҕынан босхоломмут.
    • Магадаан бөһүөлэгэ куорат буолбут.
  • 1941 — «Катюша» аан бастаан туттуллубут.
  • 1943 — Кыһыл Знамя хутор анныгар буолбут кыргыһыыга Намтан төрүттээх лейтенант Василий Кайгородов взвода өстөөх тааҥкалара хаста да кимэн киириилэрин тохтоппут, 4 тааҥканы урусхаллаабыт. Бу кыргыһыыга хорсун быһыытын иһин "Кыһыл Сулус" уордьанынан наҕараадаламмыт. Феодосий Донской 1944 сыллаахха суруйбут суругар ахтыллар. Онно суруллубутунан, сэрии бастакы күнүттэн сэрии күөнүгэр сылдьыбыт, алтата бааһырбыт.
  • 1948
    • Италия түмэнин аттыгар Италия хомуньуус баартыйатын баһылыгын Пальмиро Тольяттины өлөрө сатаабыттар, бааһырдыбыттар.
    • Киевкэ Ленин айымньыларын бастакы туома украина тылынан тахсыбыт.
  • 1956 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ судаарыстыбаннай биэнсийэ туһунан сокуону ылыммыт.
  • 1967 — Аан дойдутааҕы интеллектуальнай бас билии тэрилтэтин тэрийэр туһунан Конвенцияҕа илии баттаммыт.
  • 1977 — нууччалыы суруйар саха бэйиэтэ Софрон Осипов «Молодежь Якутии» хаһыакка аан бастаан бэчээттэммит.
  • 1990
    • «ССРС тэлэбиидэнньэтин демократизациялыыр уонна сайыннарар туһунан» Горбачёв ыйааҕа: ВГТРК үөскээбит.
    • РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ «РСФСР-га бас билии туһунан» сокуону ылыммыт.
    • ССКП КК Политбюротун састааба төрдүттэн уларытыллыбыт, урукку састааптан Горбачёв уонна Ивашко эрэ хаалбыттар.
  • 1993Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата бигэргэтиллибит.
  • 1995 — Саха сиригэр Арассыыйа бырабыытылалыстыбатын бэрэстээтэлэ Виктор Черномырдин икки күннээх сырыыта саҕаламмыт. Бу сылдьан Михаил Николаев АЛРОСА-ны приватизациялыыр эрдэтин туһунан санаатын өйөөбүт.
  • 2015 — НАСА «Саҥа саҕахтар» диэн ааттаах зонда Плутону аан бастаан эргийбит, онон Күн тиһигин бастакы барыллаан чинчийии түмүктэммит.
  • 1891 — нуучча суруйааччыта, драматург, тылбаасчыт, «Волшебник Изумрудного города» ааптара Александр Волков.
  • 1917 — кинорежиссёр, сценарист Эрнст Ингмар Бергман.
  • 1932 — Ньурбаҕа Юрий Прокопьев, 1982 сыллаахтан 1991 сыллаахха диэри Саха АССР-ы салайбыт ССКП Саха сиринээҕи обкуомун бастакы сэкиритээрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыба уонна уопсастыба диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата (2003 өлбүт)
  • 1939 — Л. Р. Боронкина, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
  • 1945 — Иван Степанов, саха оператын артыыһа, баас, РФ народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата.
  • 1704 — ыраахтааҕы Алексей Михайлович кыыһа царевна Софья Алексеевна Романова, 1682—1689 сылларга Петр уонна Иван кыра саастаах царевичтарга регент.
  • 1817 — Франция суруйааччыта Анна Луиза Жермена де Сталь.
  • 1939 — Чехия живописеһа, тыйаатыр худуоһунньуга, иллюстратор, ювелир дизайнер уонна плакатист Альфонс Мария Муха.
  • 1968 — Нуучча суруйааччыта Константин Паустовскай. Нуучча тылыгар омук тыла-өһө туттулларын өлөрдүү абааһы көрөрө.
  • 1997Николай Абыйчанин (13.05.1925 төр.) — суруйааччы, суруналыыс. 1944 сыллаахха бултуу сылдьан таастан охтон бастакы группалаах инбэлиит буолбута, 1949 сыллаахха ыарахан ыарыыга ылларан аҥаар хараҕын сүтэрбитэ, истибэт буолбута, ол эрээри эр санаатын булгуруппакка кырдьыар диэри суруналыыстаабыта, суруйааччы буолбута.
  1. День миротворца в Южной Осетии — 14 июля.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
От ыйын 14
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?