For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Тохсунньу 31.

Тохсунньу 31

Тохсунньу 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 31-с күнэ. Сыл бүтүө 334 күн (ордук хонуктаах сылга 335 күн) баар.

  • Бүгүн өбүгэлэрбит этэллэринэн Дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостор, ону сорох улуустар муоһун кылаана кыларыйар дииллэр. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, ытыһын саланан ылар. Бу кэмтэн ыла тыал-куус саҕаланар. Кэлин бу күн Бастакы Охонооһойоп күнүн кытта ситимнэммит, Охонооһойоптор 12-лии хонугунан быысаһаллар.
  • Австрия Австрия — Уулусса оҕолорун күнэ. 2009 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
  • Науру Науру — Тутулуга суох буолуу күнэ (1968 сыллаахха, Австралияттан).
  • Ииндийэ Ииндийэ — Амартити, сүнньүнэн Махараштра штаакка Мехерабад диэн сэлиэнньэҕэ Мехер Баба (1894-1969) өлбүт күнүгэр бэлиэтэнэр.
  • 1578Испания сэриитэ голландецтар, фламандецтар, англичааннар, шотландецтар, ньиэмэстэр, французтар уонна валлоннар өрө туран холбоспут аармыйаларын Голландияҕа Жамблу аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Дьиктитэ диэн устуоруйаҕа сурулларынан өрө турааччылар 8000 эбэтэр 12000 киһини өлбүтүнэн сүтэрбиттэр, оттон Испания аармыйата баара суоҕа 15 киһи сүтүктэммит. Тыыннаах хаалбыт 3000 кэриҥэ өрө турааччылар саллааттара Жамблу куорат эркинигэр саспыттар, биэс хонон баран бэриммиттэр.
  • 1714
    • Бүөтүр I Кунсткамераны олохтообут — Арассыыйа саамай кырдьаҕас түмэлин.
    • Бүөтүр I дворяннар оҕолорун математикаҕа үөрэтэргэ ыйаах таһаарбыт, үөрэммэтэх уолаттар ойох ылар бырааптара суох буолбут.
  • 1775 — «О новом разделении Иркутской губернии на провинции, воеводства и комиссарства» диэн саҥа сокуонунан Иркутскай күбүөрүнэ састаабыгар Саха провинцията тэриллибит. 1783 сылга диэри Саха провинциятыгар саҥа тэриллибит Киренскай бойобуодустуба уонна Илим комиссарствота киирсэр этилэр.
  • 1864Москубаҕа «аһаҕас зоология саада» — зоопарка аһыллыбыт.
  • 1915Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия Арассыыйа сэриилэрин утары Болимув аттынааҕы кыргыһыыга аан дойдуга бастакынан сүһүрдэр гааһы сэриигэ туттубут.
  • 1917Аан дойду бастакы сэриитэ: кайзер Вильгельм II өстөөх туох баар хараабылларын тимирдэр уу аннынааҕы сэриини сөргүтэргэ биркээстээбит. Бу иннинэ 1916 сыл муус устарыгар өстөөх пассажирскай хараабылларын утары сэрэппэккэ торпеда ыытыыны тохтото сылдьыбыттара.
  • 1921 — Сибиирдээҕи бааһынайдар сэбиэскэй былааһы утары өрө туруулара Ишимҥэ саҕаламмыт.
  • 1928Лев Троцкай Алма-Атааҕа көскө ыытыллыбыт.
  • 1942Аан дойду иккис сэриитэ: Сойуустаах сэриилэр дьоппуоннартан Малайя аттынааҕы кыргыһыыга хотторон Сингапурга чугуйбуттар.
  • 1943 — Сталинградтааҕы кыргыһыыга ньиэмэс фельдмаршала Фридрих Паулюс бэриммит.
  • 1947Ленинградка 2-с Бүтүн Сойуустааҕы география сийиэһигэр биллиилээх устуорук Алексей Окладников «Саха омугун төрдө» диэн дакылааты аахпыт.
  • 1951 — ХНТ Куттал суох буолуутун Сэбиэтэ Кэриэйэ сэриитин туһунан 90-с резолюцияны ылыммыт.
  • 1968Вьетнам сэриитэ: Бартыһааннар Сайгоҥҥа АХШ посольствотыгар уонна атын эбийиэктэргэ саба түспүттэр.
  • 1968Науру Австралияттан тутулуга суох буолбут.
  • 1990 — Москубаҕа бастакы McDonald’s ресторана аһыллыбыт. Бастакы күнүгэр рестораҥҥа 30 тыһ. киһи сылдьыбыт — McDonald’s ситимин устуоруйатыгар рекорд.
  • 2020 — Улуу Британия Европа Сойууһуттан тахсыбыт (Brexit). Бу туһунан референдумҥа 2016 сыллаахха куоластааччы 51,9 %-на тахсыы диэки буолбута.
  • 1543 — Токугава Иэясу — Дьоппуон салайааччыта (1603—1605), Токугава сёгуннар династияларын олохтооччу.
  • 1878 — Мустафа Маһмудов — азербайдьаан уһуйааччыта, Арассыыйа Империятын Иккис ыҥырыылааы Судаарыстыбаннай Дуума Баку губерниятыттан дьокутаата, Азербайдьаан омук сүбэтин сэкрэтээрэ.
  • 1915 — Афанасий Петров — саха биллиилээх артыыһа, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
  • 1921 — Иван Павлов — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1960-с сыллартан Чурапчы устуоруйатын, Чурапчы дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын үөрэтэн, элбэх матырыйаалы хомуйан, түмэн, 20-н тахса кинигэни бэчээттэппитэ. Чурапчы улууһун ытык киһитэ (1995), Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала. Кини аата Чурапчы орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
  • 1930 — Владимир Карамзин — саха графига, РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга (1982).
  • 1953 — Сергей Расторгуев — 1994 сылтан Сахацирк дириэктэрэ, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Амма улууһун ытык киһитэ.
  • 1953 — Сергей Иванов — Арассыыйа судаарыстыбаннай уонна байыаннай диэйэтэлэ, 2001-2007 сылларга Оборона миниистирэ, 2011-2016 сылларга Бэрэсидьиэн дьаһалтатын салайааччы. Кини уола Сергей Иванов 2017 сылтан АЛРОСА бэрэсидьиэнэ.
  • 1962 — Алексей Миллер — 2001 сылтан Газпром бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ.
  • 1981 — Джастин Тимберлейк — Америка ырыаһыта, продюсера, үҥкүүһүтэ уонна артыыһа, түөрт «Эмми» уонна тоҕус «Грэмми» бириэмиэйэ лауреата.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Тохсунньу 31
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?