For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ыам ыйын 29.

Ыам ыйын 29

Ыам ыйын 29 диэн Григориан халандаарыгар сыл 149-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 150-c күнэ). Сыл бүтүө 216 күн баар.

  • ХНТ былааҕа ХНТ эйэлээх күүстэрин күнэ
  • Гастроэнтеролог быраастар Ас буһарар куолаҕай чэгиэн туругун күнүн бэлиэтииллэр
  • 1233 — монгуол сэриитэ кытай Цзинь саарыстыбатын киин куоратын ылбыт.
  • 1453Константинополь сууллуута: Султан Мехмед II салалталаах осмаан сэриилэрэ Константинополь куоратын 53 күннээх төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыттар. Түмүгэр Византия, о.э. Илин Рим импиэрийэтэ урусхалламмыт, онтон бу куорат Осмаан импиэрийэтин киинэ буолбут, Истанбул диэн ааттаммыт.
  • 1719 сыллаахха Сенат уурааҕынан Сибиир күбүөрүнэтэ үс провинцияҕа арахсыбыта. Саха сирэ уезд диэн ааттанан Тобольскай провинциятыгар киирбитэ. Онтон биэс сылынан араарыллан, Иркутскай провинциятыгар киирэр буолар.
  • 1867 — Австрия импиэрийэтин иһигэр Венгрия киэҥ аптаныамыйаны ылар. Мантан ыла бу импиэрийэ Австро-Венгрия диэн ааттанар.
  • 1860 — атыыһыт, мэссэнээт уонна кэллиэксийэлээччи Павел Третьяков мунньубут хартыыналарын Москуба куоракка кэриэс хаалларарын туһунан суруйбут. Ону таһынан 8186 солкуобайы дьадаҥы кыргыттар үтүө дьоҥҥо сүктэллэригэр туһанарга анаабыт.
  • 1867 — Арассыыйаҕа мөрөбүөй суут баар буолбут.
  • 1870 — Арассыыйа миниистирдэрин кэмитиэтин быһаарыытынан Оренбург генерал-күбүрүнээтэрэ башкиирдары Сибииргэ ыытар быраабын бигэргэппиттэр. 1887 сыллаахха Саха уобалаһыгар дьиэ кэргэттэрин кытта көскө кэлбит башкиирдар ахсааннара 3 тыһ. тиийбит.
  • 1886Кока-кола бастакы эрэкэлээмэтэ хаһыакка тахсыбыт.
  • 1903 — Петербурга Неваны туоруур Троицкай муоста (сэбиэскэй кэмҥэ Кировскай) аһыллыбыт.
  • 1919 — Күн өлүүтүн кэтээн көрөннөр Альберт Эйнштейн айбыт относительность түөрүйэтин бигэргэппиттэр.
  • 1923 — ССРС-ка Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Сойуустара тэриллибит.
  • 1942 — Харьков таһыгар сэбиэскэй сэриилэр хотторбут күннэрэ. Кыһыл аармыйа 270 тыһыынча киһи сүтүктэммитэ (онтон 171 тыһыынчата төннүбэт сүтүк). Бу түмүгэр ньиэмэстэр Хапхааска уонна Волгаҕа чугаһыыр кыахтаммыттара.
  • 1947Ииндийэҕэ «тыытыллыбаттар» каасталарын боппуттар.
  • 1947Саха театрыгар Жирков М. Н. уонна Г. Литинскэй суруйбут "Сир симэҕэ" («Полевой цветок») диэн саха маҥнайгы балета туруоруллубут. Сүрүн баартыйаны Иннокентий Христофоров толорбут[4].
  • 1953Саҥа Зеландияттан төрүттээх альпинист Эдмунд Хиллари (Edmund Hillary) уонна Непал олохтооҕо шерпа Тенцинг Норгей (Tenzing Norgay) Джомолунгма (Эверест) чыпчаалыгар тахсыбыт дьонтон бастакы буолбуттар.
  • 1964 — Палестинаны босхолуур тэрилтэ олохтоммут.
  • 1969 — Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыттан халаан кэмигэр дьону таһаара сылдьыбыт Ми-2 бөртөлүөт лүөччүктэр буруйдарынан саахалламмыт, 25 киһи өлбүт. Лүөччүктэр иккиэн тыыннаах хаалбыттар. Экипаж хамандыыра силиэстийэ кэмигэр суукка тиийбэккэ эрэ биллибэт төрүөттэн өлбүт, иккиһин (штурманы) сууттаан ытарга уурбуттар, ол эрээри кэлин 8 сыл хаайыынан солбуйбуттар.
  • 1975 — Белоруссия собуотугар ССРС-ка саамай улахан таһаҕас тиэйэр оҥоһуллан тахсар буолбут (БелАЗ—7520).
  • 1985 — Аҥаар атаҕа быһыллыбыт(ампутацияламмыт) спортсмен Стив Фоньо (Steve Fonyo) Канааданы барытын ааһар 7924 килэмиэтирдээх марафону 14 ыйынан ситиһиилээхтик түмүктээбит.
  • 1988АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ССРС-ка ыалдьыттыы кэлбит.
  • 1990 — Оппозиционер дьокутаат Борис Ельцин РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
  • 1917 — АХШ бэрисидьиэнэ Джон Кеннеди. Кини салайар кэмигэр ССРС баһылыга Никита Хрущев Америкаҕа ыалдьыттаабыта, Кариб кириисиһэ диэн ааттаммыт түбэлтэ түмүгэр аан дойду сэриитэ буола сыспыта.
  • 1932 — Иван Бубякин — саха биллиилээх мелодиһа.
  • 1959 — Прокопий Рахлеев — горняк-шахтер, "Төлөн" таас чох хостуур тэрилтэ дириэктэрэ, Ил Түмэн VII ыҥырыытын дьокутаата.
  • 1981 — путбуоллааччы Андрей Аршавин.
  • 1979 — Саҥата суох киинэ аатырбыт артыыһа Мэри Пикфорд (1892 с.т.).
  1. День Вооруженных сил Кыргызстана — 29 мая. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
  2. [https://www.calend.ru/holidays/0/0/2452/ День ветеранов таможенной службы России — 29 мая. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
  3. День взятия Стамбула — 29 мая. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
  4. Лира Габышева. Судьба, ведомая талантом // Полярная звезда : журнал. — Якутск: "Сахапечать", 2023. — Февраль (№ 2). — С. 30-40.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ыам ыйын 29
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?