For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Тохсунньу 16.

Тохсунньу 16

Тохсунньу 16 диэн Григориан халандаарыгар сыл 16-с күнэ. Сыл бүтүө 349 күн (ордук хонуктаах сылга 350 күн) баар.

  • АХШ АХШ — Итэҕэл көҥүлүн күнэ
  • Каток кутааччы дойдулар ардыларынааҕы күнэ
  • Таиланд Таиланд, Мьянма Мьянма — Учуутал күнэ
  • Улуу Британия Улуу Британия — Битлз аан дойдутааҕы күнэ
  • Б.э.и. 27 сыл — Рим импиэрийэтин 1-кы консула Октавиан Август Римҥэ аан бастаан импэрээтэр аатын сүкпүт[1]. Онон Рим импиэрийэтэ баар буолбут күнүнэн ааҕыллар.
  • 378 — Сиядж Как' диэн майя омук байыаннай баһылыга Тикаль куораты сэриилээн ылбыт, Теотиуакан хоруол сирин хаҥаппыт. Бу туһунан майя хроникаларыгар суруллар[2].
  • 929 — Эмир Абд-ар-Рахман III Кордова халифаатын олохтообут[3].
  • 1547 — Москуба улуу кинээһэ Уйбаан IV (Уордаах Уйбаан) ыраахтааҕы титулун ылан бэргэһэлэммит. Мантан ыла 264 сыл тухары баар буола сылдьыбыт Москуба улуу княжествота Нуучча саарыстыбата буолбут[4].
  • 1712Бүөтүр I Арассыыйаҕа бастакы байыаннай инженердэр оскуолаларын арыйар туһунан ыйаах тааһаарбыт. Билигин ол оскуола А. Ф. Можайскай аатынан Байыаннай-куйаар акадьыамыйа.
  • 1724 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан Арассыыйаҕа эдэрдэр бэйэлэрин сөбүлэҥнэрин ылбакка эрэ кэргэннии оҥорор бобуллубут. Бу ыйаах көҥүл да, крепостной да дьоҥҥо туһаайыллыбыт.
  • 1878 — Арассыыйа-Туурсуйа сэриитэ (1877–1878): Филиппополь аттынааҕы кыргыһыы буолбут, нуучча драгуннарын эскадрона Пловдив куораты осмааннартан босхолообут.
  • 1909 — Эрнест Шеклтон эспэдииссийэтэ Соҕуруу полюс магнит киинин булбут.
  • 1920 — Парижка Наассыйалар Лиигэлэрин сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
  • 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан абыйаассыйа маршала, артиллерия маршала уонна бронетнаковай сэриилэр маршаллара диэн сыбаанньалар олохтоммуттар.
  • 1969 — Чиэх устудьуона Ян Палах Сэбиэскэй сэриилэр Прага сааһа диэн ааттанар дьалхааны хам баттаабыттарын утаран, ол кэнниттэн биир сыл буолан баран, бэйэтин уматтан өлбүт.
  • 1969 — Аан дойдуга бастакынан икки сэбиэскэй Сир аргыһа тиксиһэннириллибиттэр (Союз-4 уонна Союз-5).
  • 1979 — Ирааҥҥа Ислам өрөбөлүүссүйэтэ буолбутуттан сылтаан бүтэһик шах Мохаммед Реза Пехлеви дьиэ кэргэнин кытары дойдутуттан Эгиипэккэ күрээбит.
  • 1989 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан 30-40 сс. уонна 50-с сыллар саҕалыныытыгар суут таһынан таһаарыллыбыт бириигэбэрдэр ("тройкалар" уонна НКВД бириигибэрдэрэ) ууратыллыбыттар.
  • 1991 — Коалиция сэриилэрэ Ираакка киирэн, Перс хомотугар сэриини саҕалаабыттар.
  • 1992 — Сальвадор былаастара уонна өрө турааччылар эйэ сөбүлэҥэр илии баттаан Сальвадорга 12 сыл устата барбыт гражданскай сэриини тохтотоллор. Бу сэриигэ 75 000 тахса киһи өлбүтэ.
  • 2006 — Эллен Джонсон-Серлиф Либерия бэрэсидьиэнин солотугар киирбит. Африкаҕа дойдуну баһылаабыт бастакы дьахтар буолбут.
  • 2023 — Дьокуускайга саха омук төрдүн-ууһун чинчийбит биллиилээх учуонай Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр буолбуттар: киин куоракка кини аатынан саҥа уулусса аһылыбыт, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр «Гавриил Ксенофонтов: кэмин инникилээбит учуонай» диэн төгүрүк остуол ыытыллыбыт.
  • 1818 — Шигабутдин Мардьани — татаар төрүттээх Арассыыйатааҕы ислам таҥараһыта, сырдатааччы. Мардьани ону таһынан этнограф, археограф, востоковед уонна педагог быһыытынан биллэр. Бэйэтин кэмигэр саамай бөдөҥ татаар историга этэ.
  • 1879 — Петр Драверт — Сибиири чинчийээччи, бэйиэт. 1906—1910 сс. Саха сиригэр көскө сылдьан Кэмпэндээйи тууһун, Өлүөнэ алын тардыытын флоратын уонна фаунатын, Байаан-Күөл уонна Абалаах туустарын үөрэппит.
  • 1888 — Гавриил Ксенофонтов — саха учуонайа, биллиилээх устуорук, этнограф, бэлиитикэ, түмэт дьайыксыта. Кини "Эллэйаада" диэн ааттаан таһаарбыт саха үһүйээннэрин хомуурунньуга саха биибилийэтин быһыытынан билиниллэр.
  • 1898 — Алексей Иванов - Күндэ — XX үйэ саҥатыгар үлэлээбит саха биллиилээх суруйааччыта, литературоведа. Саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ.
  • 1932 — Василий Гольдеров - Ороһу уола — саха бэйиэтэ, суруйааччыта.
  • 1940Николай Саввиновдуобакка өрөспүүбүлүкэ 13 төгүллээх чөмпүйүөнэ, 1969 сыллаахаа ССРС эр дьоҥҥо чемпионатын финалыгар бастакынан суолу тэлбит, Европа бэтэрээннэригэр боруонса мэтээллээх, ССРС спорт маастара, СӨ хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1947 — Тамара Андреева — эбэҥки омугун тылын, фольклорун, култууратын үөрэтэр чинчийээччи.
  1. Gibbon, Edward (2003). Mueller, Hans-Friedrich. ed. The Decline and Fall of the Roman Empire. Abridged edition. New York: Random House. p. 47. ISBN 9780375758119. https://books.google.com/books?id=9xriVJrENcMC. 
  2. Braswell, Geoffrey E. (2004). The Maya and Teotihuacan: Reinterpreting Early Classic Interaction. Austin, Tex.: University of Texas Press. p. 339. ISBN 9780292705876. https://books.google.com/books?id=NcN7AAAAQBAJ. 
  3. O'Callaghan, Joseph F. (1994). A History of Nedieval Spain. Ithaca, N.Y.: Cornell University Press. p. 118. ISBN 9780801492648. https://books.google.com/books?id=cq2dDgAAQBAJ. 
  4. Payne, Robert; Romanoff, Nikita (2002). Ivan the Terrible. New York: Cooper Square Press. p. 67. ISBN 9780815412298. https://books.google.com/books?id=p1abtsPCPm8C. 
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Тохсунньу 16
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?