For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for От ыйын 8.

От ыйын 8

От ыйын 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 189-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 190-c күнэ). Сыл бүтүө 176 күн баар.

  • Аан дойдуга аллергияны кытта охсуһуу күнэ (Аллергия аан дойдутааҕы тэрилтэтэ уонна Иммунопатология аан дойдутааҕы тэрилтэтэ)[1]
  • Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ (Петр уонна Феврония күннэрэ). 2008 сылтан бэлиэтэнэр.


  • Б.э.инн. 52 сыл — Париж (Лютеция) үөскээбит күнүнэн ааҕыллар.
  • 1497Васко да Гама Ииндийэҕэ бастакы быһаччы айаныгар туруммут.
  • 1709 — Полтааватааҕы кыргыһыы. Бу сүүрбэччэ сыл Швеция атын дойдулары кытта сэриилэспит (Арассыыйа историографиятыгар Хотугу сэрии диэн ааттанар) сэриитин саамай улахан кыргыһыыта этэ. Сэрии өссө да 12 сыл тухары салҕаннар, манна хотторон Швеция дьиҥнээхтик кыайан өрүттүбэтэҕэ. Бүөтүр I саамай киэн туттар кыргыһыыта этэ.
  • 1819Санкт-Петербурга Исаакий собуорун тутуута саҕаламмыт.
  • 1833 — Ункяр-Искелеси эйэ, доҕордоһуу уонна көмүскэнии сойууһун туһунан сөбүлэҥ Арассыыйа уонна Осмаан импиэрийэтин ыккардыларыгар түһэрсиллибит.
  • 1916 — Туркестаан уонна истиэп уобаластарын 400 тыһ. олохтооҕун күһэлэҥ үлэҕэ ылыы (мобилизация) туһунан ыйаах тахсыбыт. Онтон сылтаан буолбут казаахтар өрө туруулара кырыктаахтык хам баттаммыта.
  • 1853Токио хомотугар командор Мэтью Перри салайыылаах АХШ флота кэлбит уонна Дьоппуону атыы-эргиэн саҕалыырга күһэйбит. Икки үйэлээх Дьоппуон изоляцията түмүктэммит.
  • 1922Иван Строд хамандыырдаах кыһыл этэрээт Бүлүү куоратын осадатын устубут.
  • 1932 — Дьокуускайга Бастакы бүтүн Саха сиринээҕи спартакиада аһыллыбыт. Саха АССР тэриллибитэ 10 сылыгар анаммыт.
  • 1944ССРС-ка «Дьоруой Ийэ» ытык аат үөскээбит, «Ийэ албан аата» уордьан уонна «Ийэ мэтээлэ» олохтоммуттар.
  • 1944 — Ураалга Миасс куоракка көһөрүллүбүт «ЗИС» собуот бастакы массыынатын таһаарбыт.
  • 1947 — Нью-Мексико штаакка биллибэт көтөр эттик түспүтүн туһунан сурах тарҕаммыт. Билигин бу түбэлтэ Розуэлл аттынааҕы НЛО быһыытынан биллэр. Аан дойдуга элбэх сурах-садьык, таайыы, сабаҕалааһын төрүөтэ буолбута.
  • 1970 — Ричард Никсон АХШ Кэнгириэһигэр туһаайыытыгар төрүт олохтоох американецтар бэйэлэрин омук быһыытынан билиниилэрин өйөөһүн АХШ официальнай бэлиитикэтэ буолуохтааҕын туһунан эппит. Манна олоҕуран 1975 сыллаахха Индеецтэр бэйэлэрин билиниилэрин уонна үөрэниилэригэр көмөлөһүү туһунан сокуон ылыныллыбыта.
  • 1972АХШ бэрэсидьиэнэ Никсон ССРС Америкаттан 3 сыл иһигэр 750 мөлүөйүөн дуолларга бурдук атыылаһыа диэн биллэрбит.
  • 1974ССКП Киин кэмитиэтэ уонна ССРС миниистирдэрин сэбиэтэ БАМ тутуутун бырайыагын бигэргэтэн холбоһуктаах 561 нүөмэрдээх уураах таһаарбыттар. Бу иннинэ 1972 сыллаахха муус устар 5 күнүгэр Бам-Тындинскай суолу тутуу саҕаламмыта.
  • 1982Ираак бэрэсидьиэнин Саддам Хусейны өлөрө сатаабыттар. Мантан сылтаан Дуджайл куоракка хас да ый тухары киһи бөҕөнү өлөрбүттэрэ.
  • 1994 — Ким Чен Ир аҕата Ким Ир Сен өлбүтүн кэннэ Хотугу Кэриэйэҕэ муҥур былааһы ылбыт.
  • 1900 — (эргэ истиилинэн 25.06) Сергей Зверев — Кыыл Уола (1973 өлб.) — олоҥхоһут, тойуксут, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
  • 1917 — Наталья Кинд (1992 өлб.) — «Мир» алмаастаах туруубкатын арыйбыт дьахтар, геология-минералогия билимин хандьыдаата, геолог.
  • 1925 — Февронья Баишева — «Саха» НКИХ хуорун дирижера, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыската.


  1. Всемирный день борьбы с аллергией | Городской центр медицинской профилактики
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
От ыйын 8
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?