For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Кулун тутар 11.

Кулун тутар 11

Кулун тутар 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 70-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 71-c күнэ). Сыл бүтүө 295 күн баар.

  • Замбия Замбия — Ыччат күнэ
  • Лесото Лесото — Мошошу күнэ. 1822 сыллаахтан 1870 сыллаахха диэри Мошошу I Лесото бастакы хоруола этэ.
  • Литва Литва — Тутулуга суох буолууну сөргүтүү күнэ (1990)
  • Арассыыйа Арассыыйа — Чааһынай харабыллыыр тэрилтэлэр үлэһиттэрин күнэ[1]
  • Арассыыйа Арассыыйа — Наркотигы хонтуруоллуур уорганнар үлэһиттэрин күнэ
  • Таджикистан Таджикистан — Таджик бэчээтин күнэ.


  • 105Кытай үөрэхтээҕэ Цай Лунь аан бастакы кумааҕыны бамбук мастан оҥорон таһаарбыт.
  • 1714 — ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа 40 "цифирь оскуолатын" арыйар туһунан ыйаахт таһаарбыт (манна уолаттары ааҕарга-суруйарга, арифметикаҕа уонна геометрияҕа үөрэтэллэрэ).
  • 1771 — секунд-майор Петр Малтефельцей Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. 1773 сыл кулун тутар 13 күнүгэр дылы сулууспалаабыт.
  • 1811 — Англия Ноттингем куоратыгар луддиттар өрө туруулара саҕаламмыт. Бу дьон промышленнай сайдыы түмүгэр дьон үлэтэ суох хааларын утарбыттара, өрөр станоктары алдьаталлара.
  • 1824АХШ-ка индеецтэри кытта үлэлиир бюро тэриллибит.
  • 1827 — саха салайааччыларын кытта тапсан ыкса үлэлээбит Саха уобалаһын начаалынньыгын Николай Мягков көҕүлээһининэн Саха Степной думата баар буолбут. Бу тыл "степь" диэнтэн буолбакка, "степень" диэн тылтан тахсар, оччотооҕу таба суруйуу быраабылатынан.
  • 1919 — Саха уобалаһын хамыһаара В. Н. Соловьев Алексей Кулаковскайы Булуҥҥа хамыһаар дуоһунаһыттан устар туһунан ыйаах таһаарбыт.
  • 1922Дьокуускайга кыһыл сэбилэниилээх күүстэр командующайдара П.Ф. Савлук дьаһалынан Саха күбүөрүнэтин сорох салайааччылара хаайыллыбыттар — губбюро сэкирэтээрэ Г.И. Лебедев, политуправление бэрэстээтэлэ А.В. Агеев уонна штаб начаалынньыга А.Г. Козлов. Ол туһунан Исидор Барахов Сиббюроҕа телеграммалаабыт. Хаайыллыбыт дьон диктатордыы толоос дьайыылара, хабыр-кырыктаах сыһыаннара олохтоох дьону бэйэлэрин утары туруорбуттар, ол түмүгэр өрөбөлүүссүйэни утары өрө туруу үөскээбит. Холобура, Козлов тохсунньу 2 күнүнээҕи бирикээһинэн үрүҥнэргэ утарыласпатах олохтоох дьонтон биэстэн биирин ытарга дьаһайбыт эбит. Сотору Саха сиригэр үрдүкү былааһы Ревком ылбыт, бэрэстээтэлэ — Былатыан Ойуунускай, чилиэннэрэ — Исидор Барахов, Степан Аржаков, Семен Донской.
  • 1941АХШ кэнгириэһэ ленд-лиз туһунан сокуону ылыммыт. Бу сокуонунан сэрии сэбин уонна байыаннай матырыйааллары Британия хоруонатыгар киирэр дойдуларга уонна Кытайга иэс биэрэри көҥүллээбиттэрэ. Бу сыл алтынньыгар сокуоҥҥа Сэбиэскэй Сойууһу киллэрбиттэрэ.
  • 1944 — Бүлүүттэн төрүттээх бүлүмүөччүк Николай Степанов болуотунан Украинаҕа Соҕуруу Буг өрүһү бастакынан туораан атыттар туоруулларын хааччыйбыт. Уонтан тахса өстөөх саллаатын уонна эпиһиэрин охторбут. Бу хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун аатыгар түһэриллибит. Ол эрээри, докумуоннара сүтэн, наҕараадата дьоруойу 46 сыл буолан баран 1990 сыллаахха биирдэ булбута.
  • 1985Михаил Горбачёв Сэбиэскэй Сойуус салайааччыта буолбут.
  • 1990 — Литовскай ССР Сэбиэскэй Сойуустан тутулуга суоҕун биллэрбит, ССРС Конституциятын бэйэтин сиригэр дьайбатын туһунан эппит уонна 1938 сыллааҕы бэйэтин Конституциятын сөргүппүт.
  • 1993Грузия түмэнэ гражданствону грузин тылын билииттэн тутулуга суох биэрэр туһунан сокуон ылыммыт.
  • 2011 — Японияҕа, Фукусима куоракка сир хамсааһын түмүгэр Чуумпу далайга сүүнэ улахан цунами кэлэн «Фукусима дай ичи» атом станциятын урусхаллаабыт.
  • 2020COVID-19 ыарыыны ВОЗ пандемия дьүһүнүн ылбыт диэн биллэрбит.


  1. [https://www.calend.ru/holidays/0/0/2392/ День работника органов наркоконтроля России - 11 марта. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Кулун тутар 11
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?