For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Бэс ыйын 14.

Бэс ыйын 14

Бэс ыйын 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 165-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 166-c күнэ). Сыл бүтүө 200 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Хаан туттарааччы күнэ. 2005 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын Аан дойдутааҕы Ассамблеята хас сыл аайы бэс ыйын 14 күнүгэр бэлиэтииргэ уураахтаабыта.
  • Латвия Латвия, Эстония Эстония — Хомуньуустар репрессияларыгар толук буолбут дьону ахтар күн[1]
  • Литва Литва — Кутурҕан уонна эрэл күнэ
  • Арассыыйа Арассыыйа — Миграция сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
  • АХШ АХШ — Былаах күнэ
  • 1287 — Хубулай хаан Илин Монголияҕа уонна Манчжурияҕа Найаан уонна атын Бордьугууннар күүстэрин үлтүрүтэр.
  • 1777АХШ сулустардаах уонна дьураалардаах былааҕы ылыммыт. Бу былаахха маҥнай штат ахсаанынан 13 сулус уонна 13 дьураа баара. Онтон саҥа штаттар эбиллэн истэхтэрин аайы сулустар элбээн испиттэрэ, билигин 50 сулус баар. Дьураа ахсаана 13-нэн хаалбыт.
  • 1800 — Бастакы консул Наполеон Бонапарт хамаандалаах француз аармыйата Австрия сэриитин Хотугу Италияҕа Маренго аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт, онон Италияны хос сэриилээн ылбыт.
  • 1898Арассыыйаҕа аан бастаан күннээҕи үлэ чааһа хааччахтаммыт — 11,5 чаастан уһуо суохтаах диэн буолбут.
  • 1913Дьокуускайга көскө Емельян Ярославскай (Миней Губельман) кэргэнинээн кэлбиттэр. 1917 сыллаахха Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Дьокуускай дьокутааттарын салайбыта, сайын Москубаҕа көспүтэ. Кремль бастакы хамыһаара буолбута, Москуба байыаннай уокуругун хамаандалыы сылдьыбыта, кэлин ССРС-ка таҥараһыттары утары үлэни тэрийбитэ.
  • 1907Норвегияҕа дьахталлар быыбардыыр бырааптарын ассоциацията дьахталлар түмэн (парламент) быыбарыгар кытталларын ситиспит.
  • 1922Иркутскайтан Дьокуускайга түөрт борохуотунан уопуттаах Кыһыл Аармыйа чаастара кэлбиттэр — 226 Петроградскай полк 2-с батальона, 7-с Сибиирдээҕи хомуур этэрээт, артиллерия батареята, Өлүөнэтээҕи байыаннай флотилия уонна телефоно-строительнай батальон. Кинилэри кытары Москубаттан Максим Аммосов кэлсибит.
  • 1924Ньылхаҥҥа Лаамы тоҥустарын сийиэстэрэ буолбут. Сийиэс "ССРС-тан арахсарга уонна тутулуга суох ил тэрийэргэ" диэн уурааҕы ылыммыт.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр ньиэмэс аармыйата Париж куоратын ылбыт.
  • 1940 — Сэбиэскэй Сойуус Литваҕа ультиматум түһэрбит, бэйэтигэр холбообут.
  • 1941 — Бэс ыйдааҕы депортация: ССРС-ка эстонецтары, латыштары уонна литовецтары бастакы көһөрүү, өлөрүү саҕаламмыт.
  • 1944Аан дойду иккис сэриитэ: Ньиэмэс Кан куоратын хаста да ыла сатаан баран Англия аармыйата Алыһар эпэрээһийэтиттэн аккаастаммыт.
  • 1963Хомуньуус хамсааһыныгар хайдыы тахсыбыт, Кытай ССРС бас-көс оруолун билиммэтин эппит. Марксизм-ленинизм үөрэҕин тус-туспа куолулааһынтан сылтаммыт хайдыһыы түмүгэр Тымныы сэрии икки полюстаахтан үс полюстаахха кубулуйбут (КытайССРСАХШ).
  • 1966Ватикан Index Librorum Prohibitorum («бобуулаах кинигэлэр испииһэктэрэ») дьайыытын тохтоппут. Бу испииһэк аан бастаан 1557 сыллаахха баар буолбута.
  • 2008Исландия киин куоратыгар Рейкьявикка худуоһунньук Александра Аргунова - Күөрэгэй үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха балаҕанын арыйбыт.
  • 2011 — СӨ Уопсастыбаннай балаататын бастакы састаабын аҥаарын Өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ бигэргэппит, түөрт хонон баран — иккис аҥаара талыллыбыта.
  • 1914 — Дьокуускайга Владимир Сапожников (23.03.1982 өлб.), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, летчик.
  • 1924 — Ньүүйэҕэ Фаина Авдеева, Дьокуускайдааҕы пионердар уонна оскуола оҕолорун дыбарыастарын 1953 сылтан 90-с сс. диэри салайбыта, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.
  • 1928 — Че Гевара.
  • 1929 — Анатолий Сосин, хомуньуус баартыйа Саха сиригэр үлэтин чинчийэн устуоруйа билимин хандьыдаата буолбут киһи.
  • 1964Елена Слепцова – Куорсуннаах — бэйиэт, прозаик, саха бастакы идэтийбит дрессировщиктарыттан биирдэстэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа. Айар интэриэһэ киэҥин сөҕөллөр. Бөдөҥ прозаҕа үлэлиир тарбахха баттанар саха суруйааччыларыттан биирдэстэрэ. Көстүбэт күүстэри ойуулуур кэпсээннэрин ааҕан киһи этэ аһыллар. Экзюпери "Кыра тыгынын" тылбаастаабыта. Аныгы саха өйдөөтүн диэн, олоҥхону эспэримиэн быһыытынан проза оҥорон бэчээттэппитэ билигин киһи хантан да булбат кинигэтэ буолан турар.
  • 1995 — Роджер Желязны (1937 төр.), поляк төрүттээх АХШ фантаст суруйааччыта.


  1. День памяти жертв коммунистического террора в Латвии и Эстонии — 14 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Бэс ыйын 14
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?