For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Кулун тутар 5.

Кулун тутар 5

Кулун тутар 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 64-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 65-c күнэ). Сыл бүтүө 301 күн баар.

  • Азербайджан Азербайджан — Физкультура уонна спорт күнэ
  • Кыргыстаан Кыргыстаан — Суут үлэһитин күнэ
  • Кыргыстаан Кыргыстаан — Үрүҥ халпаак күнэ
  • Кытай Кытай — Лэй Фэнтэн үөрэнии күнэ. Лэй Фэн (1940-1962) — Кытай аармыйатын саллаата, саахалга түбэһэн өлбүтүн кэннэ бэчээттэммит күннүгүн Кытай былаастара ыччаты иитэр пропагандаҕа дойдуга бэриниилээх уонна ситиһиилээх буолуу холобурун быһыытынан туһаммыттара.
  • 363 — Рим импиэрийэтин ыраахтааҕыта Юлиан 90 тыһыынчалаах аарымыйаны Сасанидтар импиэрийэлэригэр сэриинэн ыыппыт.
  • 1046 — Перс бэйиэтэ, бөлүөһүгэ уонна учуонайа Насир Хусрав сэттэ сыллаах айанын саҕалаабыт. Бу уонтан тахса куораты кэрийбит айанын туһунан «Сафарнама» (айан кинигэтэ) диэн кинигэни суруйбута.
  • 1279 — Ливония уордьана Айзкрауклетааҕы кыргыһыыга Литва княжествотыттан хотторбут.
  • 1558Испания хоруола Филипп II быраас Франсиско Фернандеһы Миэксикэҕэ биллибэт үүнээйилэри уонна аһы-үөлү чинчийэр соруктаах ыыппыт. Бу күнү Европаҕа табах тарҕаммыт күнүнэн ааҕаллар.
  • 1616Николай Коперник «Об вращении небесных сфер» кинигэтэ бэчээттэммитэ 73 сыл буолан баран «Бобуулаах кинигэлэр испииһэктэригэр» киллэриллибит.
  • 1705Бүөтүр I рекруттары хомуйуу туһунан ыйаах таһааран, Арассыыйа импиэрийэтигэр аармыйаны олохтообут.
  • 1764 — Екатерина II ыраахтааҕы сыаркап сирдэрин ыраахтааҕы бас билиитигэр ыларын туһунан биллэрбит.
  • 1824 — Англия уонна Бирма бастакы сэриилэрэ: Британия Бирмаҕа сэриини биллэрбит.
  • 1872 — Джордж Вестингауз пневматика туормаһы патеннаабыт.
  • 1901 — Нуучча таҥаратын дьиэтэ суруйааччы Лев Толстойу таҥара дьиэтиттэн дьалты туруорбут (отлучение).
  • 1901Арассыыйа II Дууматын бастакы мунньаҕа саҕаламмыт.
  • 1933Германияҕа быыбарга нацистар партиялара кыайбыт.
  • 1938 — 1918 сыллаахха «Холбос» потребобществоны тэрийбит, 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэр төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ Кузьма Гаврилов (01.12.1890—1938) олоҕо суох эрэпириэссийэҕэ түбэһэн, хаайыллыбыт.
  • 1943 — Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ көтөн испит ЛИ-2 (Дуглас) байыаннай тырааныспар сөмүлүөтэ Горнай сиригэр саахалламмыт. 24 саастаах пассажир Николай Терешкин тыыннаах хаалбыт дьону быыһаабыта. Ол саҕана Лиэнискэй хомсомуолун сэкирэтээринэн саҥа талыллан, үлэлиир сиригэр баран испитэ, кэлин сэрии кэнниттэн Дьокуускайы салайа, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Бу саахалга олоҕуран Амма Аччыгыйа "Алдьархай" диэн сэһэнин суруйбута.
  • 1944Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл Аармыйа Умань-Ботошанытааҕы кимэн киириини саҕалаабыт. Бу биир саамай ситиһиилээх кэмэн киирии этэ, маршал Конев хамаандалаах аармыйалар "Соҕуруу" бөлөхтөрө ый иһигэр Арҕаа Украинаны босхолоон, Румынияҕа уонна Молдоваҕа киирбиттэрэ.
  • 1946 — Черчиль Фултоннааҕы этиитэ. «Уота суох сэрии» диэн ааттаммыт утарыта туруу саҕаланар.
  • 1953 — Сэбиэскэй Сойуус баһылыга Иосиф Сталин инсультан сылтаан өлбүт.
  • 1968Саха сирин суруйааччыларын VII сийиэһэ аһыллыбыт. Кулун тутар 5-6 күннэригэр үлэлээбит.
  • 1971 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Ижевскай куоракка Удмурт судаарыстыбаннай үнүбүрсүөтүн тэрийэр туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1982Чолбоҥҥо сэбиэскэй «Венера-14» зонд ситиһиилээхтик түспүт.
  • 2006 — Ханты-Мансийскайга буолбут буоксаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр 51 киилэҕэ Георгий Балакшин чөмпүйүөн буолбут. Афанасий Поскачин (57 кг) үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт.
  • 2021 — Папа Франциск COVID-19 пандемиятын кэмигэр Ираакка сырыытын саҕалаабыт.
  • 1895 — Василий Леонтьев (1932 с. өлб.), литэрэтиирэ кириитигэ, түмэт дьайыксыта.
  • 1934 — Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр Тамара Петрова (2020 с. өлб.), ийэ тылы тарҕатааччы уонна туруулаһааччы түмэт дьайыксыта, орто оскуолаҕа "национальнай кэнсиэпсийэни" киллэрии идеолога, Саха араадьыйатыгар биэрии ааптара, саха тылын чинчийээччи, СГУ-га Саха тылын истилиистикэтин уонна тылбааһын хаапыдыратын тэрийбит СГУ профессора, педагогика билимин хандьыдаата.
  • 1942 — Степан Аржаков (1899 төр.) — Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха АССР-га ил, бэлиитикэ уонна хаһаайыстыба дьайыксыта, Саха Сирин Совнаркомун бэрэстээтэлэ ытыллыбыт.
  • 1953Иосиф Сталин (18.12.1878 төр.) — ССРС салайааччыта.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Кулун тутар 5
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?