For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Бэс ыйын 1.

Бэс ыйын 1

Бэс ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 152-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 153-c күнэ). Сыл бүтүө 213 күн баар.

  • Аан дойдуга Оҕо көмүскэлин күнэ. 1949 сыллаахха Аан дойдутааҕы дьахталлар демократтыы федерациялара быһаарыытынан бэлиэтэнэр. Аборту утарыыга туһаайыллар
  • ХНТ ХНТ — Төрөппүт аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ 2012 сыллаахха ылыммыта. Оҕо бары өттүнэн толору сайдарыгар төрөппүт сылааһа, болҕомтото, таптала уонна өйдүүрэ баар буолуохтаах диир ХНТ саайта. Бу күн аан дойду бары төрөппүттэригэр ананар
  • — Аан дойдуга Үүт күнэ. 2020 сылга сүүрбэһис төгүлүн бэлиэтэнэр. Үүт сүҥкэн суолтатын санатарга уонна үүтү оҥорооччулары өйүүргэ анаан ХНТ Аска уонна тыа хаһаайыстыбатыгар тэрилтэтэ олохтообута
  • Камбодьа Камбодьа — Мас олордуутун күнэ
  • Кения Кения — Мадарака (Көҥ;л күнэ)[1]
  • Кытай Кытай — Оҕо күнэ
  • Миэксикэ Миэксикэ — Байҕалынан устуу күнэ. 1917 сыллаахха Миэксикэ эргиэн флота баар буолбут. Аан бастаан 1942 сыллаахха ньиэмэс подлодкалара тимирдибит икки хараабыл экипажтарын кэриэстээн бэлиэтэммит
  • Монголия Монголия — Ийэ уонна оҕо күнэ[2]
  • Палау Палау — Бэрэсидьиэн күнэ[3]
  • Арассыыйа Арассыыйа:
    • Хотугу флот күнэ[4];
    • Хиппи күнэ
    • Байыаннай транспортнай авиация күнэ[5];
    • Сибээс сэриитэ төрүттэммит күнэ[6]
  • Самоа Самоа — Тутулуга суох буолуу күнэ (Саҥа Зеландияттан 1962 сыл тьохсунньу 1 күнүттэн)
  • АХШ АХШ, Теннесси — Судаарыстыбаннас күнэ
  • Тунис Тунис — Конституция күнэ
  • Грузия Грузия — Нинооба
  • 1215 — Цзинь династия импэрээтэрэ Сюаньцзун салайан олорор Чжунду куоратын (билигин Пекин) Чыҥыс Хаан сэриилэрэ ылбыттар.
  • 1649 — Сумурой өрө туруута: Филиппин төрүт олохтоохторо Испания былааһын утары өрө турбуттар.
  • 1764 — коллежскай советник Мирон Черкашенинов Саха сирин бойобуодатынан ананаммыт, бу дуоһунаска 1766 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабыта. Уурайан баран дьаһаах хамыыһыйатын начаалынньыгынан үлэлээбит. Сахаҕа кини аатынан өс номоҕо үөскээбит: "Мөрүөн хамыыһыйа саҕаттан", "туос биэдэмэскэ суруллубутунан". Сири сыһыарыы биэдэмэстэрин, кумааҕы суох буолан, Мөрүөн хамыыһыйата туоска суруйбута биллэр.
  • 1766Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн араарыллан Иккис Мэлдьэхси нэһилиэгэ үөскээбит[7].
  • 1899 — Дьокуускайга уу суолунан Хапхаастан көскө ыытыллыбыт духобордар кэлбиттэр. Бу дьон сэрии сэбин тутартан батыналлара. Бастаан Кырыымҥа, онтон Хапхааска көскө ыыта сылдьыбыттара. Тиһэҕэр үгүстэрэ Лев Толстой уонна квакердар өйөбүллэринэн Канаадаҕа көспүттэрэ, сыдьааннара билигин да онно бааллар.
  • 1918 — Ньурба Чаппандатыгар кииннээх «Холбоhук» (“Единение”) диэн атыы-эргиэн тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт.
  • 1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
  • 1922 — ВЦИК дэкириэтигэр олоҕуран Былатыан Ойуунускай баһылыктаах бастакы национальнай сэбиэскэй бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
  • 1922 — Алтаай күбүөрүнэтиттэн араарыллан Ойрот автономиялаах уобалаһа олохтоммут (кэлин Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ).
  • 1931Сэбиэскэй Сойууска 90 металлургия собуотун тутуутугар Америка инженердэрэ кытталларын туһунан контракт түһэрсиллибит. Бу кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска балысхан тэтимнээх индустриализация барбыта.
  • 1941 — Иккис аан дойду сэриитэ: Крит иһин кыргыһыы Крит Германияҕа бэриниитинэн түмүктэммит.
  • 1962ССРС-ка эт, үүт уонна сымыыт сыаната 25-30% үрдэтиллибит.
  • 1965 — сэбиэскэй суруйааччы Михаил Шолохов Нобель бириэмийэтин литэрэтиирэҕэ лауреата буолбут.
  • 1966Кытай араадьыйатыгар буржуазияны утарар дацзыбао ааҕыллыбыт, интеллигенцияны репрессиялыыр хампаанньа саҕаламмыт.
  • 1988 — Орто уонна кыра ракеталар тустарынан сөбүлэҥ олоххо киирбит.
  • 1990 — Джордж Буш уонна Михаил Горбачев химическэй сэрии сэбин оҥорууну тохтотор туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 2016Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбит.
  • 2010 — Андрей Вознесенскай (1933 с.т.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.


  1. 1 июня — Праздник Мадарака или День Свободы в Кении. Календарь :: Праздники и события
  2. Официальные праздники и выходные дни в Монголии / Travel.Ru / Страны / Монголия
  3. Палау — Энциклопедия «Вокруг света»
  4. День Северного флота в России..
  5. День военно-транспортной авиации России — 1 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
  6. День создания правительственной связи России — 1 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
  7. II Мэлдьэхси нэһилиэгэ / хомуйан оҥордулар: М.Н. Корякин, А. Д. Аммосов. - Дьокуускай : Сайдам, 2019. - 25 см. - (Чурапчы улууһа).- Кн. 1. - 2019. – С.6.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Бэс ыйын 1
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?