For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ахсынньы 13.

Ахсынньы 13

Ахсынньы 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 347-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 348-c күнэ). Сыл бүтүө 18 күн баар.

  • Бразилия Бразилия — Моряк күнэ
  • Индонезия Индонезия — Нусантара күнэ (Соҕуруулуу-илин Азия арыыларын сомоҕолоһууларын күнэ)
  • Кытай КытайНанкин кэйгэллээһинин кэриэстиир күнэ
  • Мальта Мальта — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
  • Польша Польша — Байыаннай балаһыанньа сиэртибэлэрин ахтар күн (пол. Dzień Pamięci Ofiar Stanu Wojennego). 1981 сыллаахха былааһын тута сатаан Войцех Ярузельскай байыаннай балаһыанньаны биллэрбитэ, онто 1983 сыллаахха диэри уһаабыта. Тыһыынчанан киһи хаайыыга быраҕыллыбыта, 91 киһи өлбүтэ. Бу күн Польша Түмэнин (Сейм) уурааҕынан бэлиэтэнэр, өрөбүл буолбатах
  • Сент-Люсия Сент-Люсия — Дойду күнэ
  • Акадия олохтоохторун кэриэстиир күн. Акадия диэн Хотугу Америка хотугулуу илин сорҕотун ааттыыллар (билигин үксэ Канаада сирэ). XVII уонна XVIII үйэлэргэ бу сиргэ Францияттан (соҕуруулуу арҕаа өттүттэн, Окситанияттан) дьон бөҕө кэлэн олохсуйбута. 1756-1763 сс. Британия уонна Франция аан дойдуну баһылыыр иһин Сэттэ сыллаах сэриилэригэр Акадия олохтоохторун французтары өйөөтүлэр диэн Британия былаастара күүстэринэн Америка атын сирдэригэр, Англияҕа уонна Францияҕа көһөрбүттэрэ, бу күүһүнэн көһөрүү кэмигэр тыһыынчанан киһи өлбүтэ. Билигин француз тылын түөлбэ тылынан саҥарар акадецтар ахсааннара Канаадаҕа 96 тыһ. киһи (2006)


  • 1545 — Италия хоту өттүгэр Трент куоракка христианнар улахан мунньахтара — Собуор — буолбут, онно Реформацияны утары дьаһаллар ылыллыбыттара.
  • 1642Голландия айанньыта Абель Тасман Саҥа Зеландияны арыйбыт.
  • 1758 — Акадияттан Францияҕа күүһүнэн көһөрүллэн иһэр дьону тиэйбит "Герцог Уильям" диэн Британия хараабыла Хотугу Атлантикаҕа тимирбит. 360-тан тахса киһи өлбүт.
  • 1922 — Закавказье Сэбиэттэрин 1-кы сийиэһэ (Баку) биир кэлим Закавказье Социалистическай Федеративнай Советскай Өрөспүүбүлүкэтин олохтообут. Бу өрөспүүбүлүкэ 1936 сыллаахха Азербайджан, Эрмээн уонна Грузия өрөспүүбүлүкэлэригэр арахсыбыта.
  • 1928Алтан Сарын "Ааты сахатытар туһунан" ыстатыйата "Кыым" хаһыакка тахсыбыт. Бу "сахалыы ааттаныҥ" диэн устуоруйаҕа бастакы киэҥ ыҥырыы.
  • 1937Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр дьоппуоннар Кытай Өрөспүүбүлүкэтин оччотооҕу киин куоратын Нанкины ылбыттар. Нанкин эйэлээх олохтоохторун 6 нэдиэлэлээх кэйгэллээһин саҕаламмыт, ол түмүгэр 150-тан 300 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлөрүллүбүт.
  • 1989 — Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацията тэриллибит.
  • 1989 — Владимир Жириновскай баартыйата — Сэбиэскэй Сойуус либеральнай-демократическай баартыйата (ЛДПСС) — тэриллибит. Кэлин бу баартыйа ЛДПР диэн буолбута.
  • 2001Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбарыттан бэйэтин кандидатуратын устубут уонна Вячеслав Штыровка куоластыырга ыҥырбыт.
  • 2002 — Европа Сойууһа кэҥээбит: Кипр, Чиэхийэ, Эстония, Венгрия, Латвия, Литва, Мальта, Польша, Словакия уонна Словения 2004 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн чилиэн буолуохтаахтара быһаарыллыбыт.
  • 2003 — Тикрит куорат (Ираак) аттыгар Саддам Хусейн тутуллубут.
  • 2007 — ЕС чилиэннэрэ Лиссабоннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаан Риимнээҕи уонна Маастрихтааҕы дуогабардарга уларытыы киллэрбит, бу сөбүлэҥнэр ЕС конституциятын олоҕо буолаллар. Лиссабоннааҕы сөбүлэҥ 2009 сыл ахсынньы 1 күнүгэр олоххо киирбитэ.
  • 1466 — Донателло — Италия аатырбыт Ренессанс кэминээҕи скульптора.
  • 1904 — Николай Склифосовскай — үтүөлээх нуучча профессора, Елена Павловна клиническэй институтун дириэктэрэ, байыаннай-полевой уонна ис тиибиин көҥдөйүн хирургиятын ааптара. Саха аатырбыт бырааһа Прокопий Сокольников киниэхэ үөрэммитэ биллэр.
  • 2005 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.
  • 2017 — Ньургун Тимофеев — саха бэлиитигэ, 2005—2008 сылларга Ил Түмэн бэрэстээтэлэ, техника билимин хандьыдаата, Нам уонна Өлөөн улуустарын Ытык олохтооҕо.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ахсынньы 13
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?