For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ахсынньы 7.

Ахсынньы 7

Ахсынньы 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 341-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 342-c күнэ). Сыл бүтүө 24 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы гражданскай авиация күнэ
  • Арассыыйа АрассыыйаЭрмитаж күнэ
  • АХШ АХШ — Пёрл-Харбор кэриэстэбилин күнэ
  • Армения Армения — Сир хамсааһынын сиэртибэлэрин кэриэстиир күн
  • Илин Тимор Илин Тимор — Дойду дьоруойдарын күнэ
  • Ииндийэ Ииндийэ — Сэбилэниилээх күүстэр былаахтарын күнэ.
  • Украина Украина — Олохтоох салайыныы күнэ


  • 1671 — Нуучча судаарыстыбатын сэриилэрэ Степан Разин бастаанньалааччыларын киинин Астрахань куоратын ылбыттар.
  • 1917Аан дойду бастакы сэриитэ: Америка Холбоһуктаах Штааттара Австро-Венгрия импиэрийэтигэр сэриини биллэрбиттэр.
  • 1928Саха суругун-бичигин кэмитиэтэ саҥа биирдэһиллибит түүр алпаабытыгар киирии туһунан мунньахтаабыт. Бу мунньахха Алтан Сарын оҥорбут бырайыагын көрбүттэр. 21 буукубаны ылыммыттар, 11 буукубаны уонна уһун аһаҕас дорҕооннору хайдах бэлиэтиир туһунан боппуруостары аһаҕас хаалларбыттар.
  • 1934Кировскай, Омскай уонна Оренбург уобаластар баар буолбуттар, ону кытта Илин Сибиир кыраайыттан араарыллан Красноярскай кыраай тэриллибит. Бу кэмҥэ Дьэһиэй уонна Таймыыр сахалара Саха сириттэн тэйитиллибиттэрэ.
  • 1941Дьоппуон Импэрээтэрин флота АХШ Гавайитааҕы Перл-Харбор байыаннай баазатыгар соһуччу саба түспүт. Түмүгэр АХШ Чуумпу далайдааҕы флотуттан 4 линкор тимирдиллибит, өссө 4 линкор алдьаммыт, элбэх атын хараабыл кэккэттэн тахсыбыт. Ол эрээри сүрүн күүс — авианосецтар — бу кэмҥэ атын сиргэ баар буолан биэрбиттэр. Бу күн АХШ Дьоппуоҥҥа сэрии биллэрэн Аан дойду иккис сэриитигэр кыттыспыт.
  • 1949Кытайга гражданскай сэриигэ кыайтаран эрэр буржуазнай Кытай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Нанкинтан Тайвань арыытын киин куоратыгар Тайпэйгэ көспүт.
  • 1965 — Католиктар сыаркаптарын баһылыга Папа Павел VI уонна Аан дойдутааҕы Константинополь православнай сыаркабын баһылыга Патриарх Афинагор I 1054 сыллааҕы сыаркаптар бэйэ-бэйэлэрин туоратыыларын тохтоппуттар. Бу түбэлтэ Ватикан православнай сыаркаптары кытта тупсууга дьулуһуутун көрдөрбүтэ, ол эрээри, сорох сыаркаптар баһылыктара маны сөбүлээбэтэхтэрэ, холобур Нуучча кыраныысса таһынааҕы православнай сыаркабын быһылыга митрополит Филарет православиены хайытыыга тиэрдиэн сөбүттэн дьиксинэн, аһаҕастык утарбыта.
  • 1979 — «Кыталык» сахалыы үҥкүү бөлөҕө төрүттэммит. Төрүттээччи уонна салайааччы — РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Винокуров. Бөлөх Саха сиригэр бастакынан «РФ норуотун айымньытын үтүөлээх кэлэктиибэ» (Заслуженный коллектив народного творчества РФ) ытык ааты ылбыта.
  • 1988Арменияҕа 6,8-7,2 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Сир хамсааһынын сүрүн түллүүтэ Спитак куоратыгар бэлиэтэммит. Түмүгэр 25 тыһыынча киһи өлбүт, 19 тыһыынча киһи инбэлиит буолбут, 514 тыһыынча киһи олорор дьиэтэ-уота суох хаалбыт, Армения промышленнай кыаҕын 40% суох буолбут.
  • 1994Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бэйэтин Ыйааҕынан РФ уонна СӨ бырабыыталыстыбаларын ыккардыларынааҕы "О разграничении и передаче осуществления полномочий в области охраны окружающей среды и использования природных ресурсов" диэн сөбүлэҥин бигэргэппит.
  • 1995 — "Галилео" диэн космос аппарата аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Юпитер орбитатыгар тахсыбыт. Мантан ыла 2003 сыллаахха диэри "Галилео" планетаны чинчийбитэ, ол иһигэр атмосфераҕа түһэриллэр зонд ыыппыта.
  • 2003 — Арассыыйаҕа Дуума 4-с ыҥыырыытын быыбара буолбут.
  • 2006Ил Түмэн Вячеслав Штырову иккис болдьоххо бэрэсидьиэнниирин өйөөбүт. Бу солоҕо 2010 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр эмискэ "бэйэтин баҕатынан" уурайыар диэри олорбута. 2002 сыллахха тохсунньу 13 күнүгэр талыллыаҕыттан икки болдьоххо уопсайа аҕыс сыл үлэлээбитэ.
  • 1890 — Александр Бакулев (1967 өлб.), хирург учуонай, ССРС-ка сүрэх хирургиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
  • 1927Сэмэн Руфов (19.03.2016 өлб.) — суруйааччы, саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ.
  • 1928Мария Гаврилова (06.11.2010 өлб.) — ирбэт тоҥу уонна климаты чинчийбит учуонай, география билимин дуоктара, СӨ Наукаларын академиятын академига. Саха сирин 1920-с сыллардааҕы ил уонна түмэт диэйэтэлин, репрессияламмыт Кузьма Гаврилов кыыһа.
  • 1928 — Аврам Ноам Хомскай, лингвист, публицист, бөлүһүөк.
  • 1961Ольга Стручкова — култуура үлэһитэ, режиссер, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.
  • 1962 — ырыаһыт Никииппэр Сэмиэнэп (9.04.2000 өлб.), биллибит ырыалара: Мин былыргы тапталым, Бар дьоммор, Эйиэхэ сибэкки бэлэхтиэм, Эйигинэ суох, Кыталыктар, Мин ыллыы кэлиэҕим.
  • 1976Пол Брэгг (1895 төр.), диетолог, натуропат, чөл олоҕу тарҕатааччы.
  • 1997Моисей Кершенгольц — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Дьокуускай 9-с оскуолатын өр сылларга салайбыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ахсынньы 7
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?