For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Алтынньы 18.

Алтынньы 18

Алтынньы 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 291-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 292-c күнэ). Сыл бүтүө 74 күн баар.

  • Аан дойдуга менопауза күнэ. Менопауза аан дойдутааҕы уопсастыбата (62 дойду киирэр) бу күн икки сыл буола-буола араас дойдуларга кэнгириэс ыытар. Сааһырбыт дьахталлар менопауза саҕаланар кэмигэр уонна буолбутун кэнниттэн туруктара мөлтүүрүгэр дьон болҕомтотун тардаары бэлиэтэнэр
  • Азербайджан Азербайджан — Тутулуга суох буолуу күнэ (Сэбиэскэй Сойуустан, 1991)
  • Аляска (АХШ АХШ) — Аляска күнэ
  • Канаада Канаада — Дьон күнэ (Persons Day). XX үйэ саҕаланыытыгар Канаада федеральнай сокуонугар "киһи" (person) диэн тыл "эр киһи" диэн эрэ суолталааҕыттан дьахталлар бырааптара күөмчүлэнэригэр болҕомто ууруллубута. 5 дьахтар көҕүлээһининэн икки сыл кэриҥэ барбыт суут кэнниттэн 1929 сыллаахха бу күн дьахталлар эмиэ бу өйдөбүлгэ киирэллэрин туһунан быһаарыы ылыныллыбыта
  • Хорватия Хорватия — Хаалтыс күнэ. Бу таҥас Францияҕа 30 сыллаах сэрии кэмигэр (1618–1648) сулууспалаабыт хорваат гусаардарын форматыттан тарҕаммыта, французтуу аата (фр. cravate) эмиэ хорваат (croate) диэн тылы кытта ситимнээх. Хаалтыс кэтии муодатын Европаҕа Людовик XIV хоруол киллэрбитэ
  • 1860Кытай уонна Улуу Британия, Франция, АХШ ыккардыларынааҕы Опиум Иккис сэриитэ түмүктэммит, Тяньцзинь тэҥэ суох дуогабара түһэрсиллибит. Дуогабар чэрчитинэн Кытайга көҥүл опиум атыыта олохтонон дьон быыһыгар наркомания киэҥник тарҕаммыт. Ону кытары Арҕаа дойдулар ааллара Кытай ис өрүһүнэн Янцзынан устар кыахтаммыттар. Арҕаа дойдулар гражданнара Кытайга экстратерриториальность быраабын ылбыттар, о.э буруйу оҥордохторуна бэйэлэрин дойдуларын суутунан дьүүллэнэр буолбуттар.
  • 1867Арассыыйа Алясканы АХШ-га 7,2 мөлүйүөн дуолларга атыылаабыт. Атыылааһын сүрүн төрүөтэ — салайарга күчүмүҕэйэ, байҕал уҥуор сытар сири Улуу Британия эбэтэр АХШ былдьаан ылыахтарын сөп этэ.
  • 1906 — Арассыыйаҕа бааһынайдары атын сословиелары кытта судаарыстыбаннай сулууспаҕа, атын сиргэ көһөргө уонна буолас суутунан таһыллыбат буоларга бырааптарын тэҥниир ыйаах тахсыбыт.
  • 1911 — Дьокуускайга төлөппүөн станцията үлэҕэ киирбит.
  • 1911 — Дьокуускайга бибилэтиэкэ-түмэл кирпииччэ дьиэтэ аһыллыбыт (архитектор Лешевич, билигин Наассыйа бибилэтиэкэтин сүрүн дьиэтэ)[1]
  • 1916Хабаровскайга Амур өрүһүн туоруур күргэ тутуллубут. Транссибирскай магистраль Арассыыйа импиэрийэтин территориятыгар түмүктэммит. Бу иннинэ тимир суол Читаттан Владивостокка диэри кэрчигэ Кытай сиринэн ааһара.
  • 1921 — Саха сиригэр маҥнайгы идэтийбит хуор тэриллибит.
  • 1924 — Совнарком уоспаны утары быһыы булгуччулаах буоларын туһунан дэкириэт таһаарбыт.
  • 1958 — Эдуард Пекарскай 100 сааһын бэлиэтээһиҥҥэ Венгрияҕа «Саха тылын тылдьытын» 13-с таһаарыыта тахсыбыт.
  • 1967Сэбиэскэй Сойуус станцията "Венера-4" Чолбоҥҥо тиийбит уонна бастакынан атын планета атмосфератын температуратын, баттааһынын, чиҥин (плотность), химическэй састаабын кэмнээбит.
  • 1990 — Ямал-Ненец автономиялаах уокуруга Тюмень уобалаһыттан тахсарын туһунан биллэрбит.
  • 1991
    • ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн тиһэх мунньаҕа буолбут.
    • ССРС уонна Израиль 1967 сыллаахха быстыбыт дипломааттыы сыһыаннарын сөргүппүттэр.
  • 1995Украина Европа Сэбиэтигэр киирбит.
  • 2000 — тимирбит «Курскай» подлодка моряктарын өлүктэрин таһаарыы саҕаламмыт.
  • 2011 — Арассыыйа, Украина, Беларусь, Казахстан, Армения, Кыргыстаан, Молдавия уонна Таджикистан СНГ-га көҥүл атыы-эргиэн зонатын олохтуур сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.


  1. https://cbsykt.ru/news/istoriya-zdaniya-pervoy-gorodskoy-publichnoy-biblioteki/
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Алтынньы 18
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?