For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ахсынньы 28.

Ахсынньы 28

Ахсынньы 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 362-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 363-c күнэ). Сыл бүтүө 3 күн баар.

  • Киинэ аан дойдутааҕы күнэ
  • Азербайджан Азербайджан — Албакаат күнэ
  • Испания Испания — Күлүү күнэ
  • Калмыкия Калмыкия — Калмыык омугун депортациятын толук буолбут дьонун ахтар күн
  • Таиланд Таиланд — Таксин хоруолу ахтар күн
  • Соҕуруу Австралия Соҕуруу Австралия (Австралия штаата) — Төрүттэнии күнэ. Британия провинциятын быһыытынан 1834 сыллаахха төрүттэммит
  • Соҕуруу Судаан Соҕуруу Судаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
  • Арҕаа христианство — Ороһооспо 12 күнүттэн төрдүһэ
  • 457 — Майориан Арҕаа Рим импиэрийэтин ыраахтааҕыта буолбут.
  • 484 — Аларих II вестготтар ыраахтааҕылара буолбут.
  • 1308Японияҕа бөрүстүөлгэ Ханадзоно олорбут.
  • 1733 — Хаһаах полковнига Борис Серединин Саха сирин бойобуодатын солотуттан уурайбыт. Кини оннугар лейб-гвардия капитана Алексей Заборовскай анаммыт.
  • 1895 
    • Парижка (Франция) «Гранд-кафеҕа» «Ини-бии Люмьердар синематографтарын» көрдөрүү буолбут. Киинэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар
    • ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
  • 1919"Холбос" сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ "Холбос" 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга ороскуоттаныахтаах үп-харчы ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарыгар отделениелары арыйарга быһаарбыттар.
  • 1919 — Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
  • 1921Кыым (хаһыат) аан бастаан "Манчаары" диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара — Былатыан Ойуунускай, Алексей Бояров, Анемподист Софронов - Алампа.
  • 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан НКВД сэриилэрэ калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройоуннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.
  • 1953Дьокуускайга Мараат болуоссатыгар гражданскай сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньык тутарга быһаарыы ылыллыбыта.
  • 1968 — Израиль спецнааһа Бейрут куорат аэропордугар 14 пассажирскай сөмүлүөтү урусхаллаабыт.
  • 1973 — Парижка аан бастаан Солженицын «Архипелаг ГУЛАГ» айымньыта бэчээттэнэн тахсыбыт.
  • 1991Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
  • 1997Ил Түмэн дьокутааттарын бастакы ыҥырыыта дьокутааттар иккис ыҥырыылаах куорпустарынан солбуллубут. Ил Түмэҥҥэ быыбар буолбут. Уруккута Дьокуускай баһылыга федеральнай киин креатурата Алексей Томтосов былааска тахса сатаабыта (дьокутаатынан талыллан баран спикер буолар амбициялааҕа, оттон бэйэтэ 2014 сыллаахха биир интервьюга бэрэсидьиэн буол диэн этэ сылдьыбыттара диэбиттээх) табыллыбатах, таатталар киниэхэ куоластарын биэрбэтэхтэр.
  • 1998 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
  • 2007Непал Федерациялаах өрөспүүбүлүкэ буолбут.
  • 1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
  • 1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
  • 1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
  • 1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
  • 1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
  • 1969 — Линус Торвальдс (Linus Benedict Torvalds) — аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи.
  • 1925 — нуучча чулуу бэйиэтэ Сергей Есенин олохтон барбыт. Судаарыстыба билиммит версиятынан бэйиэт бэйэтигэр тиийиммит, ол гынан баран бу өлүү элбэх билиҥҥэ дылы быһаарылла илик дьиктилэрдээх.
  • 1933Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ахсынньы 28
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?