For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Муус устар 4.

Муус устар 4

Муус устар 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 94-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 95-c күнэ). Сыл бүтүө 271 күн баар.

  • Б.э.и. 503 сыл — Рим консула Агриппа Менений Ланат сабин омуктары (лат. Sabini) кыайбытын бэлиэтээбит. Бу былыргы омук Апеннин хайатын тэллэҕэр уонна Лацио диэн сиргэ Апеннин тумул арыытын ортотугар олорбут омук. Рим олохтоммутун кэннэ икки аҥыы хайдыбыта биллэр, биирэ римляннары кытта холбоспут, иккиһэ — тутулуга суох буолуутун иһин кыргыспыт.
  • 1147Москуба аан бастаан сурукка ахтыллар.
  • 1814Наполеон бөрүстүөлтэн бастакытын батыммыт, төрөппүт уолун Наполеон II Франция импэрээтэринэн биллэрбит.
  • 1866Ишутинецтар Александр II ыраахтааҕыны өлөрө сатаабыттар. Бу дьон истэригэр Николай Странден диэн дворянин баара. Ытылларга ууруллан баран болдьоҕо суох хаатыргаҕа ыытыллыбыта. Дьыалатын хат көрөннөр 1871 сыллаахха Саха уобалаһын Дүпсүн улууһугар көскө ыыталлар. Манна кэлэн бурдук уонна оҕуруот аһын олордор артыал тэрийэр, мэлииһэ туттарар, оҕолору ааҕарга-суруйарга үөрэтэр. Ол оҕолор истэригэр кэлин Күлүмнүүр диэн биллибит улуус суруксутун уола Баһылай Никифоров баар этэ. 1884 сыллаахха былаастар көҥүллээн Пенза куоракка барар.
  • 1941 — саха фольклорун чинчийээччи Г. М. Васильев Нам улууһугар тахсан 51 саастаах Дьиибэ Бытык диэн олоҥхоһуттан билэр айымньыларын - үс олоҥхону уонна үс ырыаны - суруммут. Ол иһигэр, улахан олоҥхо — «Туналҕаннаах туус маҥан аттаах Тойон Доҕуһуол бухатыыр» (Булуҥ кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Курутуу Баһылайтан истибит эбит), уһаттахха 4 чаастан уһуур обургу соҕус «Иирээннээх кутурааннаах Игирэ Хара» олоҥхо (Уус-Дьааҥы кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит) уонна бэйэтэ айбыт «Оҕо Одьунаас Бөҕө» диэн аныгылыы сир дойду былдьаһыытын туһунан олоҥхото. Ыллыыр ырыаларыгар, А. Е. Кулаковскай Булуҥҥа суруйбутуттан ааҕа олорорун истибититтэн — «Тилигирээмэ турбут ырыата» (Ойуун көрүүлэммит), Нам оройуонун Белоусов диэн улахан ырыаһытыттан истибит «Борокуот ырыата» уонна Хатырык нэһилиэгин олохтооҕуттан, Василий Поповтан истибит «Мачайар Баһылай» диэн ырыалардааҕа суруллубут.
  • 1843 — Хоҥ Коҥ Британия бас билиитигэр киирбит
  • 1949 — Хоту Атлантик Үлэх Тэрилтэтэ (NATO) тэриллибит.
  • 1956 — ССРС Үрдүкү Суута ытан өлөрүллүбүт Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин Христофор Шараборины (1904—1938) реабилитациялыыр.
  • 1968 — АХШ түмэт диэйэтэлин, хара тириилээхтэр бырааптарын туруулаһааччы Кинг Мартин Лютеры (Martin Luther King, Jr.) расистар өлөрбүттэр. Нобель Эйэ бириэмийэтин 1964 с. лауреата.
  • 1975Microsoft хампаанньаны Билл Гейтс уонна Пол Аллен Альбукерке куоракка (Нью-Мексико) төрүттэбиттэр.
  • 1985 — Саха АССР норуоттарын IX кыһыҥҥы спартакиадата саҕаламмыт. 22 оруйуонтан уонна куораттан 292 спортсмен кыттыбыт.
  • 1992 — Саха өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү сэбиэтин XI сиэссийэтэ Өрөспүүбүлүкэ Конституциятын ылыммыта.
  • 1997 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ В. Федоров быһаарыытынан «Баһылай Манчаары бирииһигэр Спартакиада» күрэс аата, уларыйан, «Баһылай Манчаары бирииһигэр Олоҥхо Оонньуулара» диэн ааттаммыт.
  • 2009 — Франция НАТО байыаннай блогар толору төннөрүн туһунан биллэрбит.
  • 2020 — Кытайга КОВИД-19 хамсыгыттан өлбүттэри ахтар курутуйуу күнэ буолбут.
  • 1898Иван Редников (22.02.1974 өлб.), Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлин солбуйааччы, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ.
  • 1925 — Дмитрий Донской, философия билимнэрин доктора.
  • 1925 — Гавриил Чиряев, хомуньуус баартыйа уонна ил диэйэтэлэ. ССКП Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ (1965—1982).
  • 1949 — Клавдия Максимова-Сайыына (1949–2009), СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. 1974 сыллаахтан Дьокуускай бибилэтиэкэлэригэр үлэлээбитэ, оҕо бибилэтиэкэтигэр дириэктэрдээбитэ, 1987 сыллаахтан киһи ис кыаҕын арыйар куурустары ыытар буолбута.
  • 1968Кинг Мартин Лютер (балыс), АХШ түмэт диэйэтэлэ, хара тириилээхтэр бырааптарын туруулаһааччы (1929 төр.)
  • 1985 — Кейт Робертс, уэльс тылынан суруйбут суруйааччы валлийская писательница и активистка (1891 төр.).
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Муус устар 4
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?