For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Балаҕан ыйын 2.

Балаҕан ыйын 2

Балаҕан ыйын 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 245-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 246-c күнэ). Сыл бүтүө 120 күн баар.

  • ХНТ ХНТ  — Иккис Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ
  • Арассыыйа Арассыыйа — Ботурууллуур-постовой сулууспа күнэ
  • Украина Украина — Нотариат күнэ
  • Б.э.и. 44 сыл — Юлий Цезары өлөрүү кэнниттэн Цицерон полководец Марк Антонийы утарар 14 тыл этиититтэн бастакыларын эппит. Бу этиилэрэ филиппика диэн ааттаммыттара, киэҥник биллибиттэрэ. Сенат Цицерон этиитин ылынан Антонийга "дойду өстөөҕө" диэн ааты иҥэрбитэ. Ол эрээри, былааска син биир Антоний кэлбитэ (Октавианныын уонна Марк Лепидтыын триумвират олохтообуттара) уонна бэлиитиги өлөттөрбүтэ.
  • 1192 — Англия хоруола Ричард I уонна Саладин Яффатааҕы эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр, Үһүс кириэстээх бохуот түмүктэммит.
  • 1666Лондон куоракка улуу уот туран 10 муҥтан (тыһыынчаттан) ордук дьиэни, ол иһигэр Сибэтиэй Павел эргэ собуорун сиэбит.
  • 1752 — Британия Григориан халандаарыгар көспүт.
  • 1858 — Амыр (Амур) өрүһүнэн уһун айан кэнниттэн Дьокуускайга аҕабыыт Иннокентий төннүбүт. Бу ый 20 күнүнээҕи уолугар суруйбут суругар маннык диэбит: «Да! Мы видим комету с большим хвостом; видите ли Вы? Она с каждым днем видимо приближается к земле. В Якутске лето было бездождливое, но сена запасено и хлеба урожай порядочный».
  • 1906 — Дьокуускайга эр дьоҥҥо аналлаах биэлсэр оскуолатын бастакы педсовета буолбут. Бу күнү Дьокуускайдааҕы С. Орджоникидзе аатынан мэдиссиинэ кэллиэһэ арыллыбыт күнүнэн ааҕыллар.
  • 1945Токио хомотугар Миссури линкор палубатыгар Дьоппуон биир тыла суох бэриниитигэр илии баттаммыт. Манан Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит.
  • 1949Югославия ССРС-тыын байҕал уонна салгын сөбүлэҥнэрин тохтоппут.
  • 1969Интэриниэт төрөөбүт күннэриттэн биирдэстэрэ. Калифорния университетын лабораториятыгар икки көмпүүтэр ардыгар бастакы ситим олохтоммут.
  • 1987 — 19 саастаах Матиас Руст суута саҕаламмыт, кини ыам ыйыгар кырачаан Cessna сөмүлүөтүнэн ССРС-ка көтөн кэлэн Кыһыл болуоссакка олорбута.
  • 1990 — Приднестровье бэйэтин сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэнэн биллэрбит. ССРС баһылыга Михаил Горбачев маны дьиҥэ суоҕунан биллэрбит.
  • 1991 — Хайалаах Карабаах өрөспүүбүлүкэтэ Азербайджантан толору тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1992
    • Омуктар бичиктэрин көмпүүтэр өйдүүрүн курдук биир халыыпка киллэрэр UTF-8 кодировка баар буолбут.
    • АХШ уонна Арассыыйа ыккардыгар суруналыыстар уонна урбаанньыттар сылдьыыларын хааччахтыыры суох гынарга сөбүлэспиттэр.
  • 1993
    • Узбекистан 2000 сылга диэри кириллицаттан латыын алпабыытыгар көһөрүн туһунан биллэрбит. Бу көһүү болдьоҕо маҥнай 2005 сылга диэри уһатыллыбыта, онтон 2010-ҥа, 2015-кэ. Билиҥҥи былаанынан латыын алпабыытыгар дойду 2021 сылга көһүөхтээх.
    • Арассыыйа уонна АХШ космоска МКС тутар туһунан сөбүлэспиттэр.
  • 1994 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын генофондаларын харыстыыр департамент тэриллибит. Икки кэскиллээх сорук туруоруллубут. Бастакыта — генофону харыстыыр уталытыллыбат дьаһаллары олоххо киллэрии, 2001 сылга диэри арыгылааһыны 25%-ҥҥа тиийэ аҕыйатыы. Иккиһэ — кэскиллээх программаны оҥорон, олоххо киллэрэн, генетика өттүнэн чөл ыччат төрүүрүн-үөскүүрүн ситиһии.
  • 1996 — Арассыыйаҕа суутунан тиһэх өлөрүү буолбут.
  • 2008 — Google Chrome браузер тахсыбыт.
  • 1908 — Иван Рожков — учуонай, геолог, 1957—1964 сыллардааха ССРС НА Сибиирдээҕи филиалын Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
  • 1919 — Владимир Лонгинов (18.11.1943 өлб.) — сержант, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
  • 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, саха малын-салын үөрэтэр идэлээх этнограф.
  • 1960 — СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ дорубуйатын харыстабылын туйгуна Инна Мулина.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Балаҕан ыйын 2
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?