For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Балаҕан ыйын 29.

Балаҕан ыйын 29

Балаҕан ыйын 29 диэн Григориан халандаарыгар сыл 272-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 273-c күнэ). Сыл бүтүө 93 күн баар.

  • Аан дойдутааҕы Сүрэх күнэ. Сыстыганнаах ыарыылары аахпатахха, дьон өлүүтүн баһыйар төрүөтүнэн сүрэх ыарыылара буолалларын санатар соруктаах 2000 сылтан бэлиэтэнэр. Үс суол сүбэни толордоххо эрдэ өлүү 80 бырыһыанын тохтотуохха сөп: табаҕы быраҕыы, хамсаныы, сөптөөхтүк эгэлгэ аһы аһааһын.
  • Аргентина Аргентина — Айааччылар күннэрэ
  • Парагвай Парагвай — Бокерон кыайыытын күнэ. 1932 сыллаахха Парагвай уонна Боливия ыккардыларыгар буолбут кыргыһыы. Бу кыргыһыы Соҕуруу Америкаҕа саамай элбэх хаан тохтуулаах Чако иһин 1932-1935 сыллардааҕы сэрии сорҕото этэ
  • 1227 — Рим паапата Григорий IX Рим импэрээтэрин Фридрих II кириэстээх бохуоттарга кыттартан батыммытын иһин сыаркаптан туораппыт.
  • 1789 — уруккуннан балаҕан ыйын 18 күнүгэр Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап Екатерина II ыраахтааҕыга киирэн "План о якутах с показанием казенной пользы и выгоднейших положениев для них" диэн ааттаммыт бырайыагын кэпсээбит.
  • 1793 — Англия спорт сурунаалыгар теннис туһунан аан бастаан суруйбуттар.
  • 1885Англияҕа аан дойду бастакы электрическэй трамвайа үлэтин саҕалаабыт. Бу иннинэ трамвайдар атынан соһуллар этилэр.
  • 1897Буэнос-Айрес тыйаатырыгар бастакытын танго үҥкүү толоруллубут. Танго "көмүс үйэтэ" 1930-1950 сылларга буолбута.
  • 1907 — Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Санкт-Петербурга бастакы трамвай суола аһыллыбыт.
  • 1916 — «Standard Oil» хампаанньа төрүттээччитэ Джон Рокфеллер аан дойдуга бастакы миллиардер буолбут. 2019 сылга миллиардер ахсаана 2153-гэ тиийбит. Билиҥҥи туругунан 8 саамай баай киһи аан дойду баайын аҥаарын бас билэр.
  • 1943 — Горнай улууһун Бэс Күөлүн таҥаратын дьиэтин аҕабыытын уонна учуутал үөрэхтээх саха дьахтарын бэһис уоллара Владимир Лонгинов Днепры туоруур кыргыһыыга бүлүмүөтүнэн өстөөх алта уонтан тахса саллаатын уонна эпиһиэрин суох гыммыт (бу иннигэр 15 чыыһылаҕа буолбут кыргыһыыга аҕыс уонтан тахса өстөөҕү сууһарбыт). Дьоруой бу кэнниттэн буолбут кыргыһыыга өлбүтэ, уопсай ииҥҥэ көмүллүбүтэ, онон сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбыта, мантан сылтаан киниэхэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун ытык аата иҥэриллибитин туһунан дьонугар уонна Саха сиригэр хойут 1965 сыллаахха эрэ биллибитэ (партийнай архыып үлэhитэ П. В. Гоголев наҕараадаламмыт лииһин архыыптан булан ылбыта).
  • 1984 — БАМ арҕааҥҥы уонна илиҥҥи биригээдэлэрэ Куанда бөһүөлэгэр көрсүспүттэр, бүтэһик "көмүс" тиһилик түһэриллибит. Инньэ гынан 12 сыллаах тутуу түмүгэр БАМ икки учаастага холбоһон биир кэлим тимир суол буолбут.
  • 2001 — Арассыыйа олохтоохторугар кыраныысса таһыгар бааҥҥа счет арыйаллара көҥүллэммит.
  • 2007 — Саха омугун II кэҥгириэһэ түмүктэммит. 444 дэлэгээт кыттыбыт.
  • 2011 — Арҕаа Хаандыга үрэҕи туоруур 389 миэтэрэлээх күргэ Томпо улууһугар аһыллыбыт. Дьабарыкы Хайа таас чоҕу хостуур сирин кытта улуус киинэ бигэ суолунан ситимнэнэрэ кыра хаалбыт: эбии 34 км суол тутуллуохтаах.
  • 1960 — Тыко Вылка (нууччалыы аата — Илья Константинович Вылка) — дьураак (ненец) худуоһунньуга, кэпсээнньитэ, литератууратын төрүттээччитэ, салайааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл.
  • 1981 — Георгий Васильев (27.12.1908 төр.) — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, филология билимин хандьыдаата, ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. 1938 сыллаахха Москубатааҕы устуоруйа, бөлүһүөпүйэ уонна литэрэтиирэ институтун бүтэрбитэ. 1928 сылтан литэрэтиирэҕэ үлэлээн барбыта. М. Горькай "Песня о Буревестнике", М. Лермонтов "Демон", А. Грибоедов "Горе от ума", А. Пушкин "Памятник", Н. Гоголев "Ревизор", В. Шекспир "Отелло", В. Маяковскай "Хорошо" айымньыларын, Межелайтис хоһооннорун, "Слово о полку Игореве", эбээн поэта Н. Тарабукин "Күнү таптыыбын", о.д.а. айымньылары сахалыы тылбаастаабыта.
  • 2013 — Пётр Решетников — биллиилээх ийэ тыллаах олоҥхоһут. Таатта, Эдьигээн улуустарын Ытык киһитэ, ЮНЕСКО стипендиата, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Балаҕан ыйын 29
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?