For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Ыам ыйын 3.

Ыам ыйын 3

Ыам ыйын 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 123-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 124-c күнэ). Сыл бүтүө 242 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Аан дойдуга бэчээт көҥүлүн күнэ (ХНТ, 1993)
  • Аан дойдутааҕы саҥарбат күн (ааҥл. Day of Silence). Айылҕа биэрбит дьахтар эбэтэр эр киһи этин-сиинин ылыммат дьону уонна таҕыллара атын аҥардамҥа тардыспакка (дьахтар эр киһиэхэ, эр киһи дьахтарга), бэйэ аҥардамыгар тардыһар дьону сэнээн күөнтүүрү утарар, атаҕастабылы көрө-көрө көрбөтөҕө буолууга болҕомто тардар, сылын ахсын ыытыллар аан дойдутааҕы устудьуоннар тэрээһиннэрэ.
  • Күн күнэ[1]
  • Тюркизм күнэ[2] (туур. Türkçülük_Günü). 1945 сыллаахха түүрдэр туспа, тутулуга суох суоллаах буолуохтаахтарын ирдиир эдэр дьон демонстрацияларын Туурсуйа былаастара кырыктаахтык ыспыттара. Хаайыллан баран босхоломмут бэлиитикэ диэйэтэллэрэ бу күнү эһиилигэр бэлиэтээбиттэрэ, салгыы араас дойдуларга сылын ахсын бэлиэтэнэр күҥҥэ кубулуйбута
  • Япония Япония Конституция күнэ (1948 сыллаахха бастаан бэлиэтээбиттэр)
  • Польша Польша Конституция күнэ. Бу дойду Европаҕа бастакынан конституция ылыммыт
  • Арассыыйа
    • Башкортостан Башкортостан — Ахтан ааһар уонна ытыктыыр күн. Башкортостаан баһылыга Радий Хабиров 2020 сыллаахха таһаарбыт ыйааҕынан бу күн кылабыыһалары көрөллөр-харайаллар
  • 752 — Майя хоруола Берд Ягуар IV троҥҥа олорбут (билиҥҥи Чьяпас куоракка, Миэксикэ).
  • 1481 — Родос арыыга буолбут үс сир хамсааһыннарыттан саамай улаханнара буолбут. 30 000 кэриҥэ киһи өлбүт.
  • 1494Испания айанньыта Христофор Колумб Ямайканы "арыйбыт".
  • 1715 — Хотугу Европаҕа уонна Хотугу Азияҕа толору күн өлүүтэ буолбут. Бу түгэни Эдмонд Галлей эрдэттэн өтө көрбүт.
  • 1766 — Саха сирин бойобуодата коллегия советнига Мирон Черкашенинов икки сыл кыайбат бойобуодалаан баран уурайбыт. Кэлин дьаһаах хамыыһыйатын салайбыт. Кини кэнниттэн Алексей Дебринин диэн коллегия асессора бойобуода буолбут. 1769 сыллаахха уурайан Иркутскайга барбыт.
  • 1791 — Варшаваҕа бастакы Польша (Речь Посполита) конституцията ылыллыбыт, сыл аҥаарынан Франция Конституцияттан эрдэ…
  • 1808 — Фиин сэриитэ: Швеция Свеаборг кириэппэһи Арассыыйаҕа былдьаппыт.
  • 1815 — Царство Польское үөскээбит. Венатааҕы конгресс быһаарыытынан Арассыыйа импиэрийэтин сорҕотунан буолбут.
  • 1841Саҥа Зеландия Британия холуонньатынан биллэриллибит.
  • 1867 — Женеватааҕы конвенция ылыллыбыта үс сыл буолан баран Арассыыйаҕа Кыһыл Кириэс уопсастыбата тэриллибит.
  • 1906 — Николай II ыраахтааҕы нуучча, фиин уонна швед тылларын Финляндия официальнай тылларынан биллэрбит.
  • 1920 — Саха сирин губревкома "Кушнарев нэстилиэнньиктэрэ" диэн ааттаах атыы-эргиэн тэрилтэтин баайын-дуолун бүүс-бүтүннүү былдьаан ылбыта. Онтон абаккаран, баайын-дуолун төннөрөр соруктаах Хапсыын уола үрүҥ генерала Пепеляев дуруһуунатын, есаул Бочкарев этэрээтин сэрии сэбинэн, таҥаһынан хааччыйбыта.
  • 1951 — ССКП Саха обкуомун маҥнайгы сэкиритээринэн Семен Борисов талыллыбыт.
  • 1957 — Көскө олорбут карачаай омуктары дойдуларыгар төннөрбүттэр.
  • 1957 — ССРС-ка холкуостары сопхуостарга көһөрөр туһунан уураах тахсыбыт.
  • 1978 — Бастакы спам электрон сурук АХШ арҕаа кытылын ARPANET ситимин бары аадырыстарыгар тарҕаммыт.
  • 1979 — Британияҕа быыбарга Маргарет Тэтчер кыайбыт[3]. Нөҥүө күнүгэр Британияҕа бастакы дьахтар премьер-миниистиринэн буолбут.
  • 1991Намибия киин куоратыгар Виндхукка дойдулар бырабыыталыстыбаларын пресса көҥүлүн хааччыйарга ыҥырар «Виндхук декларацията» ылыныллыбыт. ЮНЕСКО быһаарыытынан Аан дойдуга бэчээт көҥүлүн күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
  • 1469 — Никколо Макиавелли (1527 өлб.), Италия ил дьайыксыта, суруйааччы.
  • 1914 — Өлүөхүмэ Кыыллааҕар Александра Корнилова төрөөбүт — 1967-1972 сылларга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйааччы, онтон Саха АССР статистикатын сулууспатын салайбыт киһи.


  1. Праздник Солнца
  2. В Казани отметили День тюркизма возложением цветов к памятнику Садри Максуди
  3. United Kingdom - The Margaret Thatcher government (1979–90)(ааҥл.).
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Ыам ыйын 3
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?