For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Тохсунньу 22.

Тохсунньу 22

Тохсунньу 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 22-с күнэ. Сыл бүтүө 343 күн (ордук хонуктаах сылга 344 күн) баар.

  • Польша Польша — Эһэ күнэ (Dzień Dziadka). Эһэ күнэ диэн ааттаах эрээри, эһэлэри, эбэлэри барыларын эҕэрдэлииллэр. Бу күн поляктар оҕолоругар эһэлэрин-эбэлэрин, кинилэр туох өҥөлөөхтөрүн туһунан кэпсииллэр.
  • Украина Украина — Бииргэ буолуу күнэ (День соборності України). 1919 сыллаахха Украина уонна Арҕаа Украина биир судаарыстыба буолбуттар.
  • 1506 — 150 киһилээх Швейцария гвардеецтэрин бастакы этэрээтэ Ватикаҥҥа кэлбит. Бу күн Ватиканы билигин даҕаны харабыллыыр Швейцария гвардиятын тэриллиитин күнүнэн ааҕыллар.
  • 1517 — Ридания аттыгар кыргыһыыга Селим I баһылыктаах Осмаан импиэрийэтэ Мамлюктар султанааттарын кыайан билиҥҥи Эгиипэт сирин ылбыт.
  • 1724Бүөтүр I Арассыыйа импиэрийэтин тэрилтэлэрин сулууспалаахтара сокуону булгуччу билиэхтээхтэрин уонна билбэтинэн саптыбаттарын туһунан ыйаах таһаарбыт.
  • 1863Польшаҕа, Литваҕа уонна Беларуська Арассыыйа былааһын утары Тохсунньутааҕы өрө туруу саҕаламмыт. Бу өрө туруу хам баттаммытын кэннэ элбэх киһи көскө ыытыллыбыта, ол иһигэр Саха сиригэр.
  • 1905 (урукку истиилинэн тохсунньу 9 күнүгэр) — Санкт-Петербурга «Хааннаах баскыһыанньа» буолбут. Ыраахтааҕы уораҕайыгар петиция туттара хаамсан испит оробуочайдары саанан ытыалаан ыспыттар. Мантан сылтаан Арассыыйаҕа бастакы өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыта.
  • 1906 — Ыраахтааҕы сэриилэрэ Чита Өрөспүүбүлүкэтин хам баттаабыттар.
  • 1917 — АХШ бэрэсидьиэнэ (ол саҕана нейтралитеты тутан олорбута) Вудро Вильсон Европаҕа «кыайыыта суох эйэлэһиигэ» ыҥырбыт.
  • 1919 — Злука Актата баттанан, Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ Уонна Арҕаа Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ холбоммуттар.
  • 1941Аан дойду иккис сэриитэ: Британия уонна Британия Наассыйаларын Холбоһугун сэриилэрэ Ливия Тобрук куоратын Италия сэриилэриттэн былдьаабыттар.
  • 1943Аан дойду иккис сэриитэ: Австралия уонна АХШ сэриилэрэ дьоппуон аармыйатын уонна флотун Буна-Гона (Папуа Саҥа Гвинея) аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар.
  • 1944Аан дойду иккис сэриитэ: Союзниктар «Шингл» эпэрээһийэни саҕалаабыттар — Анцио уонна Неттуно (Италия) куораттарга саба түспүттэр.
  • 1957Израиль Синаай тумул арыыттан тахсыбыт.
  • 1960 — Билиҥҥи Мирнэй улууһун хоту өттүгэр Сохсолоох үрэҕэр «Айхал» диэн ааттаммыт кимберлиит туруупката булуллубут. Кэлин манна Айхал бөһүөлэгэ тутуллубута.
  • 1963 — Хас эмэ үйэ тухары өстөспүт Франция уонна Германия Елисейдээҕи бииргэ үлэлээһин туһунан дуогабар түһэрсибиттэр. Дуогабарга Франция бэрэсидьиэнэ Шарль де Голль уонна Арҕаа Германия канцлера Конрад Аденауэр илиилэрин баттаабыттар.
  • 1973АХШ Үрдүкү Суута дойдуга аборту көҥүллээбит.
  • 1984 — графическай алтыһааннаах (интерфейстээх) уонна "кутуйахтаах" аан дойдуга бастакы киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт Apple Macintosh көмпүүтэр эрэкилээмэтэ тэлэбиисэргэ тахсыбыт.
  • 2006Боливия бэрэсидьиэнинэн Эво Моралес буолбут. Кини Соҕуруу Америкаҕа бастакы олохтоох индеец бэрэсидьиэн.
  • 2023 — Иккис Кыһыҥҥы "Азия оҕолоро" спорт оонньууларын уотун "Өлүөнэ турууктара" пааркаҕа умаппыттар, уоту Дьокуускайга атынан аҕалбыттар уонна -46 кыраадыска куорат уулуссаларынан уот эстафетатын тэрийбиттэр. Бу кэнниттэн уот Кузбасска, оонньуулар буолуохтаах сирдэригэр ыытыллыбыт[1].
  1. В Якутии в 50-градусный мороз зажгли огонь Игр "Дети Азии"
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Тохсунньу 22
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?