For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Санников Яков Федорович.

Санников Яков Федорович

Санников Я. Ф., II-с гильдиялаах атыыһыт

Яков Фёдорович Санников (06.08.1844—10.11.1908) — өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта.

Санников Я. Ф. уҥуоҕа, Өлүөнэ байҕалга түһэр сиригэр

Яков Федорович Санников 1844 сыллаахха атырдьах ыйын 6 күнүгэр (саҥа истиилинэн) Усуйаанаҕа төрөөбүт. Аар-саарга аатырбыт айанньыт, Арассыыйа наукатын сайдыытыгар кырата суох кылааты киллэрсибит Новосибирскай арыылартан түөрдүн булбут/арыйбыт Яков Санников төрөппүт сиэнэ.

Эһэтин курдук айанньыт ааттааҕа, атыыһыт бэрдэ буолбут, иккис гильдияламмыт. Кини суон сураҕа Муустаах байҕал кытыытынан эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биллибит. Булуҥҥа былыр «халлааҥҥа таҥара, биһиэхэ Яков Санников» дииллэр эбит. 1886 сыллаахха доктор Бунге экспедициятыгар көмөлөспүт. 1894 сыллаахха барон де Толль Ф. Нансеҥҥа депо тутарыгар көмөлөспүт. Кини Ф. Нансеҥҥа анаан Ляхов арыытыгар аһылык ыскылааттарын тутууга тус бэйэтин харчытынан, кредит быһыытынан туох да төлөбүрэ суох бары ороскуоту уйуммута. Ону таһынан кини арыыларга араас малы-салы, туттар тэриллэри тиэрдиигэ уонна 36 көлүүр ытын, үс сыарҕалаан, онно сөп буолар ыт аһылыгынан хааччыйбыта. Арыыларга бэйэтэ тиийэн көрөн-истэн тутууну ыыппыта.

Ол үтүөтүн үрдүктүк сыаналаан, Швеция хоруола Оскар туруорсуутунан Наукалар Академияларын икки кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1886 сыллаахха Швеция правительствотын кыһыл көмүс мэтээлин ылар чиэскэ тиксибитэ.

Сэтинньи 10 күнүгэр (саҥа истиилинэн) 1908 сыллаахха Хаһаачыйаҕа өлбүт. Булуҥҥа Өлүөнэ кытылыгар көмүллэ сытар. Өлбүтүн кэннэ Дьокуускайга, Күһүүргэ, Хаһаачыйаҕа уонна Булуҥҥа хаалбыт баайа оҕолоругар Яковка, Иринаҕа уонна Капиталинаҕа түҥэтиллибит.

Биир уоллаах, икки кыыстаах. Кэргэнэ нуучча кырасаабысса дьахтара Анастасия Расторгуева диэн этэ. Кыра кыыһа Ирина Яковлевна Хаһааччыйаҕа төрөөбүт. Кини кэргэнэ саха атыыһыта, Хаҥаластан төрүттээх И. Т. Павлов этэ. Павловтар улахан кыыстара Татьяна Ивановна Крылова саха дьахталларыттан бастакыннан медицина билимин доктора буолбута.

Билигин Кружало диэн Дьокуускай куорат историческай киинигэр атыыһыт Санников дьиэтин саҥаттан тутан көрдөрүүгэ туруораллар. 2006 сыллаахха Яков Федорович Санников мэтириэтин «Кружалоҕа» баар XIX үйэ чулуу меценаттарын галереятыгар ыйаабыттара.

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Бу ыстатыйа талыллыбыт ыстатыйалар ахсааннарыгар киирэр.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Санников Яков Федорович
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?