For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Тас сахалар.

Тас сахалар

Бу ыстатыйаҕа Саха Диаспора ыстатыйа иһинээҕитэ көһөрүллүөхтээх уонна онтон утаарыы туруоруллуохтаах.Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп.Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар ((Холбуурга)) халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу.

Тас сахалар — бу тиэрмин икки сүрүн суолталаах. Бастакыта — билиҥҥи Саха сирин тула өттүгэр былыр-былыргыттан түөлбэлээн олорор саха тыллаах дьон. Иккис өйдөбүлэ — бастакы бөлөҕү киллэрэн туран өссө Арассыыйа атын сирдэригэр уонна кыраныысса таһыгар олорор, үөрэнэр-үлэлиир сахалар, ол аата Саха сирин тас өттүгэр олохсуйбут, төрөөбүт эбэтэр быстах кэмҥэ гынан баран балачча өр (холобура үөрэх, уһун командировка кэмигэр) олорор сахалар барыта.

Тас сахалар ахсааннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха сирин тула олорор тас сахалар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тулалыыр регионнарга баар саха дьонун ахсаанын чопчу этэр кыах суох. Онно хас да төрүөт баар:

  1. Сыллааҕы статистика сахалары туспа көрдөрбөт;
  2. Арассыыйа үрдүнэн уонча сылга биирдэ ыытыллар биэрэпистэр түмүктэрэ эмиэ араас ымпыктаах-чымпыктаах буолар:
    1. Региоҥҥа быстах кэмҥэ (үөрэххэ, уһун командировкаҕа) сылдьар дьон эмиэ ааҕыллыахтарын сөп.
    2. Сорох дьон саха эһэлээх-эбэлээх буоллахтарына, саха тылын, култууратын соччо билбэттэрин да үрдүнэн сахабын дэнэллэр, сорохтор тылы өйдүүр гынан баран сатаан саҥарбаппыт дии санаан, эбэтэр туох эрэ льготанан туһанаары атын омугунан суруттараллар.
    3. Сорох саха төрүттээх дьон төрүттэрин билбэттэр. Холобур, Охуоскайтан төрүттээх, төрүттэрэ ынах сүөһү ииппит, тас көрүҥнэринэн биһигиттэн уратыта суох дьон камчадаалбын эбэтэр ительмеммин диир түгэннэрэ көстөр.
Кыраай, уобалас 1989 с. биэрэпис 2002 сыллааҕы биэрэпис 2010 сыллааҕы биэрэпис[1] Атын сыыппара
1. Амуур уобалаһа 788 314 449
2. Хабааровскай кыраай 1578 1454 1417
3. Иркутскай уобалас 2020 922 858
4. Приморскай кыраай 475 703 766
5. Магадаан уобалаһа 754 469 407
6. Красноярскай кыраай 1778 1368 1468
7. Сахалиин уобалаһа 66 120 63
8. Забайкальскай кыраай 399[2] 206[3] 163
9. Чукотка 73 62
10. Камчаатка кыраайа 75 92[4] 142
11. Дьэбириэй уокуруга 95 99
10. Бурятия 705 283 272
Барыта 6833 6650

Ол аата устудьуоннары иҥин аахпатахха быһа барыллаан 5,5 - 6 тыһыынча саха киһитэ өрөспүүбүлүкэ тулатыгар олорор.

Бу дьоҥҥо Красноярскай кыраай хоту өттүгэр (сүнньүнэнТаймыырга) олорор дулгаан-саха тыллаах долгааннары киллэриэххэ сөп. Кинилэр ахсааннара 2010 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн кыраайга 5810 киһи.

Саха сириттэн тэйиччи олорор Арассыыйа сахалара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бу бөлөххө Саха сириттэн ыраах тэлэһийэн барбыт уонна онно олохсуйа хаалбыт саха дьонун киллэрэбит. Үксүн киин куораттарга (Москуба, Санкт-Петербург), наука кииннэригэр (Новосибирскэй, Томскай) силис тардыбыттар. Бу дьонтон чулууларын туһунан саха суруналыыһа Иннокентий Неустроев икки кинигэлээх. Аҥардас аармыйа (ис дьыала буолбакка) полковнигын сыбаанньатыгар тиийэ үүммүт дьон (бу дьон үксүн атын сирдэргэ сулууспалыыллар уонна отставкаҕа тахсан баран олохсуйа хаалаллар) ахсаана 40-тан таҕыста диир.

Кэнники сылларга көһүү программаларынан Белгород, Краснодар уонна Калининград уобаластарыгар көһөн барбыт орто саастаах уонна биэнсийэ сааастаах дьон элбээтэ дииллэр.

Эдэр саастарыгар үөрэнэ барбыт уонна устунан онно хаалбыт сахалартан сорохторо саха кэргэннээхтэр, ол эрэн элбэх киһи атын омугу кэргэн ылар.

Кыраныысса таһыгар олорор тас сахалар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бу аата этэринии, Арассыыйаттан көһөн барбыт дьон. Бу дьон эдэрдэригэр барбыт буоллахтарына үксүн кэргэннэрэ атын омук буолар. Араас дойдуларынан бытанан олорор буоланнар статистикаҕа аанньа киирбэттэр. Арай Украина 2001 сыллааҕы биэрэпиһигэр киирбит түгэннэрэ баар - 304 сахабын дэммит киһи баар эбит (онтон 56-та сахалыы билэбин диэбит)[5]. Уонна Казахстааҥҥа 2009 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ 119 киһи сахабын диэбит[6].

СахаОпенВорлд диэн ситим-сиргэ мусталлар. Саха Диаспора диэн АХШ-ка олорор Соловьева Вера салайааччылаах уопсастыбаннай тэрилтэ түмэр.

Тас сахалар сүрүн бөлөхтөрө

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Дьэһиэй сахалара – бу Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай оройуонугар олорор сахалар. Үксүлэрэ Дьэһиэй күөл кытылыгар, сорохторо Туру (нууччалыы Тура) диэн оройуон киинигэр олороллор. Былыр Бүлүү уокуругар киирэллэрэ. Сүрүн дьарыктара кыыл табаны бултааһын, балыктааһын. Саха литературнай тылыттан арыый атыннык саҥараллар. Сэбиэскэй саҕана распределениенан саха учууталлара, быраастара баран үлэлииллэр этэ. Атын тас сахаларга тэҥнээтэххэ төрүт тылларын ордук чөл тутан олорор бөлөх. Уларыта тутуу кэмигэр Магадаан сахалара эмиэ “дьэһиэй сахаларабыт” (ессейские якуты) дэммиттэрэ, оннук аатынан уобалас аҕыйах ахсааннаах омуктарын реестрыгар киирбиттэрэ. Бу бэйэлэрин Саха Сирин сахаларыттан туспа ойдон олороллорун көрдөрөр ньыма этэ.

Үт сахалара – Хабааровскай кыраай Үт үрэх (нууччалыы Уда) сүнньүнэн олорор сахалар. Туспа түөлбэ тыллаахтар. Чумукаан, Удское диэн сирдэргэ бааллар. Кырдьаҕастара сорохторо Хабаровскайга, Комсомольск-на-Амуре куораттарга көспүттэр. Николай Иванов – Утучур диэн суруйааччылаахтар этэ, соторутааҕыта өлбүтэ.

Охуоскай (Лаамы) сахалара – бу былыргы Лаамы кытылыгар Охуоскайга, Айааҥҥа барар дьаам суолун сүнньүнэн олохсуйбут, кэлин булдунан, балыгынан, таба иитиитинэн дьарыктаммыт сахалар. Бу дьон сорохторо XIX-XX үйэлэргэ Охуоскай муора кытылын батыһа билиҥҥи Магадаан сиринэн тэнийбиттэрэ. Сүнньүнэн Хабааровскай кыраай хоту өттүгэр баар Охота үрэх үрдүгэр турар Аарка бөһүөлэккэ бааллар.

Магадаан сахалара – икки төрүт субстрааттан турар сахалар. Бастакыта Охуоскайтан кэлбит дьон (XIX үйэҕэ Охуоскай уонна билиҥҥи Магадаан кытыл сирдэрэ биир уобалас этэ). Иккис – Өймөкөөн өттүттэн кэлбиттэр. Магадаан уобалаһын хотугулуу-арҕаа өттө урут Байаҕантай улууһугар киирэр этэ. Бу дьон хойукка дылы сүөһүлэрин-сылгыларын тутан олорбуттара, 50-с сылларга саха оскуолалара баалларын архыып докумуоннара туоһулууллар. 70-90-с сылларга сир-дойду баайын хаһаары, былаас бу дьону толору хааччыллыылаах бөһүөлэктэргэ уонна Магадааҥҥа көһөрбүтэ, онтон сылтаан олохторун отуора тосту уларыйбыта, сүөһүлэрин эһэргэ күһэллибиттэрэ.

Амыр (Амуур) сахалара – бу дьон Үт сахаларын кытта биир төрүттээхтэр. Ол гынан баран балартан туһунан, Саха сириттэн былыр арахпыт, өрүс уҥуор Кытайга көспүт сахалар баар буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһын баар. Биллэрин курдук Кытай бырабыыталыстыбата хас да аҕыйах ахсааннаах омугу XX үйэ 50-с сылларыгар «норуот көрдөһүүтүн ылынан» эбэҥкиннэн суруттарбыта. Ол дьон билиҥҥэ дылы сылгы иитэллэрэ иһиллэр.

Иркутскай сахалара – Бу Өлүөнэ өрүс тардыытыгар Бодойбо оройуонугар олорор сахалар. 2010 сыллааҕы биэрэпис көрдөрбүтүнэн Бодойбо оройуонугар 204 саха олорор эбит, Бодойбо куоракка 51 киһи, бөһүөлэктэргэ 153. Онтон 100 эр киһи, 104 дьахтар. Улахан Баатам (Большой Патом), Перевоз диэн сэлиэнньэлэргэ былыргыттан эбэҥкилэри кытта сэргэ олорбуттар. Билигин ити сэлиэнньэлэри суох гыныы бэлиитикэтэ бара турар буолан, олохтоохтор үксүлэрэ Өлүөхүмэ улууһун Чапаево уонна Маача сэлиэнньэригэр, Дьокуускай куоракка көспүттэр, үксүлэрэ дойдуларыгар сайылыыллар эрэ. Улахан Баатамҥа 51 саха, 4 эбэҥки, 10 булкааспын дэнэр дьон олороллор, оҕолоро Чапаевоҕа үөрэнэллэр.

Маны таһынан урут барбыт саха дьонун сыдьааннара Сахалиин арыыга (бу туһунан, холобур, онно сылдьыбыт эбэҥки учуонайа А.Н. Мыреева кэпсиирэ), Забайкальскай кыраайга, Камчааткаҕа (сурах хоту тумул арыы ортотугар баар Эссо бөһүөлэккэ) бааллара иһиллэр. Архыып дөкүмүөннэрэ көрдөрөрүнэн Арассыыйа Америкаҕа сирдээх эрдэҕинэ саха ыаллара Калифорнияҕа (Форт Росс эргин) уонна Аляскаҕа олохсуйбут курдуктар. Бу дьон сыдьааннарын сорохторо Алеут арыыларыгар да хаалбыт буолуохтарын сөп.

Олохсуйан олорор сирдэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Красноярскай кыраай сахалара
  • Хабаровскай кыраай сахалара
  • Амуур сахалара
  • Сибиир сахалара
  • Новосибирскай сахалара
  • Чэлээбинскэй сахалара
  • Чукотка сахалара
  • Краснодарскай кыраай сахалара
  • Сахалин сахалара - Илин сахалар
  • Москуба сахалара
  • Санкт-Петербург сахалара
  • Калининград сахалара
  • Таймыыр сахалара
  • Татарстан сахалара
  • Башкортостан сахалара
  • Бүрээтийэ сахалара
  • Хакаас сахалара
  • Алтай сахалара
  • Далҕан сахалара
  • Аустрия сахалара
  • Германия сахалара
  • Швеция сахалара
  • Норвегия сахалара
  • Финляндия сахалара
  • Исландия сахалара - саханы аатырдыбыт Александра Аргунова - Күөрэгэй
  • Дания сахалара
  • һолландия сахалара
  • Лүксэмбург сахалара
  • Эстония сахалара
  • Италия сахалара
  • Франция сахалара
  • Андорра сахалара
  • Швейцария сахалара
  • Эуропа сахалара
  • омук сиригэр биллибит сахалар ааттара
  • «Тас Сахалар» Сүбэ ситим-сирэ
  1. ВПН 2010 Том 4. Национальный состав и владение языками, гражданство
  2. Чита уобалаһа
  3. Чита уобалаһа уонна Агинскай Бүрээт уокуруга
  4. Камчаатка уобалаһа Коряк уокуругун кытта
  5. Украина ыстатыыстыкаҕа кэмитиэтин ситим-сирэ
  6. Казахстаан ыстатыыстыкаҕа кэмитиэтин ситим-сирэ Архыыптаммыт 2012, Ыам ыйын 1 күнүгэр.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Тас сахалар
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?