For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for АХШ сахалара.

АХШ сахалара

АХШ сахалара диэн Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар олорор сахалар. Тас сахалар сорҕолоро.

Былыр өрөбөлүүссүйэ иннинэ уонна XX үйэ саҕаланыытыгар көспүт сахалары бу бөлөххө саарбаҕа суох киллэриэххэ сөп буоллаҕына, кинилэр сыдьааннарын сахаларынан ааҕар күчүмэҕэй буолуон сөп. Сэбиэскэй кэмҥэ биирдиилээн эрэ саха барар буоллаҕына (ону да чуолкайдыахха наада), Перестройка кэнниттэн култуура уонна да атын ситимнэр хаҥааннар, АХШга быстах кэмҥэ (үксүн үөрэнэ эбэтэр үлэнэн) баран олорор да, букатыннаахтык өр кэмҥэ олохсуйар да дьон элбээтилэр диэххэ сөп. Чуолкай статистика суох эрээри араас сыананнан кэлин көспүт уонна уһун кэмҥэ онно олорор сахалар ахсааннара 2 тыһ. тиийэр буолуон сөп.

XIX үйэҕэ Арассыыйа Хоту Америкаҕа сирдэри ылбыта.

Форт Росс сахалара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Билиҥҥи Калифорния штатын сиригэр Росс диэн ааттаах нуучча форда баар этэ[1]. Онно 1820 с. суруллубут "Ведомость людей, находящихся в селении и крепости Росс" диэн дөкүмүөҥҥэ 148 киһиттэн 3 саха, 5 креол уонна 116 кадьяк эскимостара эбит.

Бу 1820 с. ахсынньытыгар Нуучча-Америка компаниятын салалтата дьону үлэҕэ ылыы бэрээдэгин туһунан уураах ылыммыт. Бу уураах иһинэн дьону промышленник быһыытынан (ол аата булчут, мас ууhа, оҕуруот, сэлиэһинэй үүннэриитигэр) уонна сирдьит, харабыл быһыытынан туһаныллаллара.

1820 сыл бэс ыйыгар Росс холуонньаҕа 3 саха — Петр Попов, Герасим Попов, Логин Захаров бааллар эбит. От ыйыгар Яков Охлопков, ахсынньыга — Егор Захаров кэлбиттэр.

Арааһа Нуучча Америкатыгар кэлбит бастакы саха Логин Захаров быһыылаах. Кини 1816—1817 сс. кэлбит курдук.

Сахалар сүөһү көрүүтүгэр, уу кыылын бултааһыҥҥа уонна мас ууһун быһыытынан (аал тутуутугар эмиэ) сылдьаллар эбит. "Кяхта" аал тутуутугар сылдьыбыт дьон тиһигэр ааттара баар. 1 кылаастаах мас ууhуттан иккитэ сахалар - Герасим Попов уонна Яков Охлопков. "Волга" аалы тутууга К.Т. Хлебников Росс кириэппэс салайааччытыгар суруйбут хамнас төлүүр туһунан тиһигэр бас мас ууhа саха Герасим Попов (хамнаһа 125 солк.), уонна көннөрү мас уустара Яков Охлопков(75 солк.) уонна Петр Попов (50 солк.) сурулла сылдьаллар.

Барыта 1820 сылтан 1838 сыллаахха дылы Форт Росска сахалартан 12 эр киһи уонна 4 дьахтар сылдьыбыттар.

Ивановтар дьиэ кэргэннэрэ Форт Росска Агафья диэн кыыстарын кытта 6 сыл олорбуттар. Өссө Прокофьевтар (Авив уонна Доротея), Николаевтар (Логин уонна Олимпиада), Пермяковтар диэн ыаллар бааллара биллэр. Маны таһынан икки саха-индиан ыала бааллар эбит. Захаров Георгий ойоҕо Наталья индианка эбит (архыыпка кини Росска олорбут сыла 1836). Кини Иннокентий аҕабыыт кириэстээбит дьахтара быһыылаах. Георгий бэйэтэ форка 1829 с. кэлбит. Симеон диэн уоллаахтар эбит. 1837 с. Георгий Захаров Арассыыйаҕа төннүбүт, арааһа дойдутугар Саха Сиригэр кэлбитэ буолуо. Дьиэ кэргэнин туһунан билии архыыпка хаалбатах, баҕар дьахтар уолун кытта индианнар дэриэбинэлэригэр төннүбүтэ буолуо.

Попов Петр эмиэ Калифорния индиан дьахтарын ойох ылбыт, кириэстэммит аата Катерина Степанова. 1829 с Ситкаҕа төннүбүттэр. Икки кыыстаахтар эбит Матрена уонна Ирина, архыып билиитинэн Матрена 14 саастааҕар, Ирина 7 лет саастааҕар 1831 сыллаахха Ситкаҕа ыытыллыбыттар.

  1. Бу салаа матырыйаала географ М. П. Яковлева Якуты Русской Америки диэн ыстатыйатыттан ылылынна


Бу ыстатыйаны тупсарарга?: Категорияларын туруор.Ойуу эбиллиэхтээх. Ыстатыйаны биикилииргэ. Бу ыстатыйаны Бикипиэдьийэ истиилигэр чугаһатан бэриллиэхтээх.Омук тылыттан сахалыы тылбаастыыргаСуруллубуту бигэргэтэр итэҕэтиилээх төрүтү буларга уонна манна ону ыйарга. Бу ыстатыйа наһаа кылгас.
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
АХШ сахалара
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?