For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Дьуон Дьаҥылы.

Дьуон Дьаҥылы

Бу ыстатыйаҕа Гаврил Иванович Макаров ыстатыйа иһинээҕитэ көһөрүллүөхтээх уонна онтон утаарыы туруоруллуохтаах.Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп.Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар ((Холбуурга)) халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу.
Дьуон Дьаҥылы
Төрөөбүт аата:

Макаров Гавриил Иванович

Төрөөбүт күнэ:

27 олунньу 1914(((padleft:1914|4|0))-((padleft:2|2|0))-((padleft:27|2|0)))

Төрөөбүт сирэ:

Кындал, Болтоҥо нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа, Саха уобалаһа

Өлбүт күнэ:

6 кулун тутар 1956(((padleft:1956|4|0))-((padleft:3|2|0))-((padleft:6|2|0))) (42 сааһыгар)

Дойдута:

Россия империята Россия империята →
ССРС ССРС

Дьарыга:

поэт, тылбаасчыт

Айымньыларын тыла:

саха

Бастакы кинигэтэ:

Төрөөбүт күүлэбэр (1936)

Наҕараадалара:

«Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл — 1945

Макаров Гавриил Иванович (Дьуон Дьаҥылы) (27.02.1914, Кындал, Болтоҥо нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа, Саха уобалаһа — 06.03.1956) — поэт уонна тылбаасчыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1945).

  • 1914 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр Кындалга төрөөбүт.
  • 1932 сылтан бэчээттэнэн барбыт.
  • 1936 с. — Бастакы хомуурунньуга «Төрөөбүт күүлэбэр» күн сирин көрбүт.
  • 1943 сыллаахха Чурапчы оройуонун военкоматынан Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 152-с СП, 94-с СД сулууспалаабыт, красноармеец. ССРС—Япония сэриитигэр кыттан «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт (11.09.1945)[1].
  • 1946 с. — «Уйбаанчык» диэн гражданскай сэрии туһунан хоһоонунан роман бастакы чааһын таһаарбыт. Хоту дойду табаһыттарын уонна булчуттарын туһунан хоһоон циклын суруйбут.
  • 1949 с. — Дьокуускайдааҕы учуутал институтун бүтэрээт, орто оскуолаҕа учууталлаабыт.
  • 1955 с. — М. Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрбит.

Дьуон Дьаҥылы — биир саамай биллиилээх нуучча поэзиятын тылбаасчыта. Кини А. Пушкин «Сказка о попе и его работнике Балде», М. Лермонтов «Мцыри» уонна «Узник», Н. Некрасов «Княгиня Трубецкая» айымньыларын тылбаастаабыт. Саха литератууратыгар биллэр көстүүнэн буолбута А. Пушкин «Евгений Онегин» айымньытын тылбааһа. Олоҕун бүтэһик сылларыгар А. Твардовскай «Василий Тёркин» поэматын тылбааһынан дьарыктаммыт.

  • Төрөөбүт күүлэбэр. Хоhооннор. — Дь., 1936.
  • Хоhооннор. — Дь., 1940.
  • Кыайдыбыт. — Дь., 1946.
  • Хоhооннор, поэмалар. — Дь., 1958.
  • Сахам сиригэр саас иhэр. Хоhооннор, поэмалар. — Дь., 1962.
  • Хоhооннор, поэмалар. — Дь., 1974; 1985.
  • Хотугу хоһууттар. — Дь.: «Бичик», 2004. — ISBN 978-5-7696-1585-0

Ырыа буолбут айымньылара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Ол мин дойдум Чурапчы.
  • Сылгыһыт.
  1. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Суруйааччы туһунан

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Дьуон Дьаҥылы
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?