For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Сэмэн Руфов.

Сэмэн Руфов

Руфов Семен Титович
Төрөөбүт аата:

Руфов Семен Титович

Төрөөбүт күнэ:

5 ахсынньы 1927(((padleft:1927|4|0))-((padleft:12|2|0))-((padleft:5|2|0)))

Төрөөбүт сирэ:

Тамалакаан, Үөһээ Бүлүү улууһа, Саха уобалаһа ССРС ССРС

Өлбүт күнэ:

19 кулун тутар 2016(((padleft:2016|4|0))-((padleft:3|2|0))-((padleft:19|2|0))) (88 сааһыгар)

Өлбүт сирэ:

Дьокуускай

Дойдута:

ССРС ССРС

Дьарыга:

бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт

Айымньыларын тыла:

саха


Руфов Семен Титович — Сэмэн Руфов — бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Кыра сааһыттан кинигэ ааҕыытыгар ылларбыт, ордук нуучча классиктарын — Пушкины, Лермонтовы — сахалыы тылбаастарын сөбүлээн аахпыт. Атаһа, профессор Николай Тобуроков кэпсииринэн, оннооҕор оттуу сылдьан, хотуурунунан отун охсоругар Пушкин хоһоонун ааҕар эбит: «Мой дядя самых честных правил, Когда не в шутку занемог…». Оскуолаҕа Михаил Лермонтов «Выхожу один я на дорогу» хоһоонун, атын да нуучча поэттарын хоһооннорун курдук, өйдөөн хаалбыт. Ол сыллартан сааһын тухары Лермонтов төрөөбүт сиригэр — Тарханы сэлиэнньэҕэ — бара сылдьыан, поэт уҥуоҕун аттыгар олордуллубут дуб маһы көрүөн ыраламмыт эбит. Бу баҕа санаата Сэмэн Руфов 84 сааһыгар туолбут[1]. Дуб маһы, буурҕа суулларан, поэт уҥуоҕун таһыгар эрбэммит умнаһа эрэ өйдөбүл буолан ууруллубутун көрөн кэлбит.[2]

  • 1954 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуола бибилэтиэкэҕэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит.
  • Хас да сыл тыа сирин бибилэтиэкэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.
  • 1957—1958 сс. — «Эдэр коммунист» хаһыат литсотруднига.
  • 1962 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 1963 с. А. М. Горькай аатынан Литература институтун үөрэнэн бүтэрбит.
  • 1991 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • Кулун тутар 19 күнүгэр 2016 сыллаахха олохтон туораабыта.
Үлэлээбит сирдэрэ:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • «Хотугу сулус» сурунаал редакциятыгар корреспондент, салаа сэбиэдиссэйэ;
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Түмсүүлэрин салалтатын бэрэссээдэтэлин солбуйааччыта;
  • «Литератор Якутии» Ассоциация бэрэссэдээтэлэ.

Айымньылара 1955 сылтан саҕалаан бэчээттэммиттэр.
Бастакы хоһооннорун кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» күн сирин 1959 сыллаахха көрбүт.
Оҕолорго анаан уонча кинигэни суруйбут.

Биллиилээх тылбаасчыт — төрөөбүт тылыгар атын омук биллиилээх поэттарын айымньыларын тылбаастаабыта. Тылбаастарын кинигэтэ «Сулустаах халлаан» 1998 сыллаахха бэчээттэммит.

  • Уильям Шекспир, 154 сонет
  • Шота Руставели, «Витязь в тигровой шкуре» поэма
  • Абай Кунанбаев айымньылара
  • Константин Иванов, «Нарспи» поэма

Тахсыбыт кинигэлэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Кэл, олор, кэпсэтиэх: Хоһооннор. — Дьокуускай:Кинигэ кыһата, 1959. — 56 с.
  • Садись, поговорим: Стихи. — М.: Современник, 1977.
  • Лирические строфы: Стихи. — Якутск, 1980.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Саха норуодунай суруйааччыта
  • Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • «За доблестный труд в годы ВОВ 1941—1945 гг.» мэтээл
  • Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата
  • Иван Арбита аатынан литературнай бириэмийэ лауреата[1]
  • Казахстан "Алаш" литературнай бириэмийэтин лауреата
  • Афанасий Илларионов аатынан суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата[1]
  • Иван Яковлев аатынан Чувашия национальнай бириэмийэтин лауреата[1]
  • «В память о 200-летии Отечественной войны 1812 г.» (2012)[2]

Сэмэн Руфов олоҕуттан кэрэхсэбиллээх чахчылар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Сэмэн Руфов, 85 сааһыгар сылдьан, өйүттэн Александр Пушкин «Медный всадник» поэматын, 60-н тахса Пушкин, Лермонтов, Некрасов, Баратынскай, Огарев, Фет о. д. а. поэттар хоһооннорун ааҕар эбит. 84 сааһыгар сылдьан, сайын эбии 4 хоһоону өйүгэр хатаабытын кэпсээбит.[1]
  • Табаахха сыһыана. Табааҕы 10 сааһыттан тардыбыт. Ол төрүөтэ — бэлэһин былчархайдара ыалдьыбытыгар төрөппүттэрэ «золотухалаабыт» диэн, онто махорканы эбэтэр сэбирдэх табааҕы тартаҕына эмтэнэр диэбиттэр. Ол курдук тардан, ылларан хаалбыт. 50 сааһыгар биирдэ бырахпыт.[1]


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Сэмэн Руфов
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?