For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Шотландия литэрэтиирэтэ.

Шотландия литэрэтиирэтэ

Шотландия литэрэтиирэтэ — Шотландияҕа эбэтэр Шотландия ааптардара суруйбут литэрэтиирэ айымньылара[1]. Шотландскай литэрэтиирэ сүрүн тылларынан гэльскэй, латыын уонна былыргы аангылыйа тыла буолаллар.

Инники орто үйэтинээҕи бааматынньыктарынан сүрүнэ диэн, религия тиэмэтигэр суруллубут лирическэй айымньылар (христианство эбэтэр язычество), монархия уонна сэрии туhунан буолаллар. Инники орто үйэҕэ кельт норуота  бүтүн Британияны баhылаан олорбуттарынан сибээстээн, шотландскай литэрэтиирэҕэ  валлийскай уонна бриттскай култуура суола ордук көстөр; Шотландияҕа, ааҕылларынан, аатырбыт валлийскай бард Талиесин айымньыларыттан биирдэстэрэ суруллубута.

Үрдүк орто үйэлэргэ гэльскай уонна латыынныы тыллары литературнай тыл быһыытынан туһаныы салҕаммыта. Шотландскай уонна ирландскай бардтар көхтөөхтүк бэйэ-бэйэлэрин кытта үлэлээбиттэрэ; чопчу Ирландияҕа уонна Шотландияҕа Xl- XII үйэлэргэ аан бастакытын фенийскай саҕа цикллара кельтскай номохторо суруллубуттара. Хойукку орто үйэлэргэ уонна Возрождение кэмнэригэр ордук үгэнэ буола сылдьыбыт хроника айар ньымата сайдыбыта. Ону таһынан Хойукку орто үйэ прозаическай литэрэтииринэй жанр сайдыытын саҕаламмыт кэминэн бэлиэтэнэр. Возрождение кэмигэр кэлин сураҕырбыт Роберт Бёрнсом уонна Вальтер Скотт баллада жанра; баллада хомуурунньуктара тахсан саҕалаабыттара. «Книга настоятеля Лисморского» диэн биир ордук биллэр уонна толору поэтическай хомуурунньук буолар. Билигин бу кинигэ Шотландия национальнай библиотекатыгар харыстаныллан сытар.

Саҥа кэм Шотландскай сырдатыы бириэмэтин кытта сөп түбэспитэ - философскай уонна научнай литэрэтиирэ сайдыытын кэмигэр. Үгүс саҥа жанрдар баар буолбуттара - холобур, урбанистическай лирика. XVIII - XIX кэмҥэ үс саамай аатырбыт шотландскай суруйааччылар айан-тутан олорбуттара: Роберт Бёрнс, Вальтер Скотт уонна Роберт Льюис Стивенсон.

[2]XX үйэ саҕаланыыта модернизм кэмэ буолбута, атыннык эттэххэ, Шотландскай Ренессанс үгэнэ. Бу кэмҥэ Хью Макдиармид поэт оҥкулунан литературнай скотс өрө тутуллубута. Ол иһин, шотландскай ааптардар билиҥҥэ диэри икки сүрүн бөлөххө арахсаллар: биирдэстэрэ, Макдиармидка сүгүрүйэн скотс тылынан суруйаллар, сорохтор бэйэлэрин айымньыларыгар аангылыйа тылын туһаналлар.

XX үйэ иккис аҥарыгар Джордж Маккей Браун Оркнейскай арыыларын хоһоонноругар, кэпсээннэригэр уонна романнарыгар аатырдыбыта, онтон Мюриэл Спарк сытыы өйдөөх, дьикти кэпсээннэри уонна романнары суруйбута. Аласдер Грей бүтүн хас да дэһээтэк сыл тухары "Ланарк" романын суруйбута. Бу айымньы 1981 сылга тахсаатын кытары Шотландия литэрэтиирэтигэр өрөбөлүүссүйэ оҥорбута. Дуглас Данн хоһоонноро уонна Ирвин Уэлш романнара оробуочай кылаас олоҕун олус табыгастаахтык ойуулаан сурйбуттара.

XXI үйэ кирбиитигэр Шотландияҕа үлэлиир суруйааччылар - Джоан Кэтлин Роулинг, Ян Рэнкин уонна Александр МакКолл Смит Аан дойду ааҕааччы сүрэхтэрин баһыйар романнар серияларын таһаараллар. Кинилэртэн икки суруйааччы Шотландияҕа төрөөбөтөхтөрө уонна шотландскай тылынан сатаан суруйбаттарын туһунан чахчы шотландскай литэрэтиирэ идеятын күүһүн тоһоҕолуур.

{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Шотландия литэрэтиирэтэ
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?