Чаркы
Чаркы өрүс. Адыаччы өрүс уҥа салаата. Уһуна 276 км., тардыытын иэнэ 8260 км².
Баһа Черскэй хайаларын систематыгар баар Чыбаҕалаах сис соҕуруу эниэтиттэн саҕаланар. Тардыытыгар 32 км² уопсай иэннээх 8 тарыҥ баар.
Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри тоҥ. Сүрүн салаата хаҥас өртүттэн Дьалындьа (54 км.).
Ылыллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.
Text is available under the CC BY-SA 4.0 license; additional terms may apply.
Images, videos and audio are available under their respective licenses.