For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Пулитцер Джозеф.

Пулитцер Джозеф

Пулитцер Джозеф — аатырбыт медиамагнат, аныгы суруналыыстыка олугун уурбут дьонтон биирдэстэрэ, "араҕас пресса аҕата", АХШ-ка суруналыыстарга туттарыллар улаханнык сыаналанар бириэмиэйэ олохтооччута, бэлиитик уонна түмэт-диэйэтэл.

Венгрияҕа Мако диэн Будпештан 200-чэ км сиргэ 1847 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр төрөөбүтэ (төрүүрүгэр биэрбит ааттара Юзеф), дьоно Польшаттан төрүттээх дьэбириэйдэр. Аҕата атыыһыт этэ. 1853 сыллаахха Пешт куоракка көспүттэрэ, оҕолоругар чааһынай учууталлары наймылаһан үөрэттэрбиттэрэ, ол иһигэр ньиэмэс уонна француз тылын баһылаппыттара. Аҕата өлбүтүн кэннэ дьиэ кэргэн быста дьадайан, Джозеф 17 сааһыгар Европа аармыйаларыгар сулууспалыы киирэ сатаабыта, тиһэҕэр АХШ-ка буола турар гражданскай сэриигэ наймылаһар дьон үбүлээһиннэринэн АХШ-ка барбыта. Аҕыс ый Шеридан кавалериятыгар сулууспалаан баран сэрии бүппүтүн кэннэ Нью-Йорка тиийбитэ, онтон Массачусетс штаакка баран китобойунан үлэлээбитэ, ааҥыл тылын үөрэппитэ. Ол кэнниттэн Сент-Луис куоракка официаннаабыта, онно ньиэмэс эмиграаннара элбэх буолан, ньиэмэстии билэрэ туһалаабыта. Бу кэмҥэ бибилиэтиэкэҕэ сылдьан элбэхтик ааҕара, ааҥыл тылын салгыы үөрэппитэ. Бибилэтиэкэҕэ Карл Шурц диэн Америкаҕа карьера оҥорбут суруналыыс, бэлиитик ньиэмэстиин билсибитэ. 1868 сыллаахха адвокааттар кэллиэгийэлэрин чилиэнэ буолбута эрээри, килийиэннэр аксыаннаах саҥарарыттан толлор буолан оччо ситиһиитэ суоҕа.

"Вестлич пост" хаһыат репортерга наадыйарын истэн онно үлэҕэ киирбит.

Сотору буолан баран Луизиана саахар үүннэрэр плантациятыгар үрдүк хамнаһы төлүүллэрин истэн онно илдьэр дьоҥҥо 5 дуоллары төлөөн наймыласпыт, ол эрээри илдьиэх буолбут дьоно куораттан отучча киилэмиэтири илдьэн баран дьону барытын борхуоттарыттан кытылга түһэрэн кэбиспиттэр. Куоракка төннөн баран Пулитцер ол туһунан отчуот суруйбутун "Вестлич пост" бэчээттээбит, бу бастакы бэчээккэ тахсыбыт матырыйаала этэ.[1]

  1. Swanberg, Pulitzer, pp. 7–8
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Пулитцер Джозеф
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?