For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Павлов Василий Семенович I.

Павлов Василий Семенович I

Павлов Василий Семенович I - Аҕа улуу дойду сэриитин кыттыылааҕа, минометчик, батарея хамандыыра, лейтенент, мэтэдиис учуутал, оскуола дириэктэрэ.

1917 сыл муус устар 20 күнүгэр Ньурба улууһун I Бордоҥун нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1949 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай отделениетын үчүгэйдик үөрэнэ бүтэрбитэ. 1936 сыллаахха Куочай начальнай оскуолатын бүтэрэн баран бастаан Үөдэй начальнай, онтон Марха ситэтэ суох орто оскуолатыгар, 1938-42 сылларга Куочай ситэтэ суох орто, Ньурба орто оскуолаларыгар учууталлаабыта.

1942 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта, В.И.Ленин аатынан Москватааҕы байыаннай-политическай училищены бүтэрбитэ. 1944 сыл алтынньытыттан Прибалтийскай фронт иккис ударнай корпуһун 28-с артиллерийскай минометнай бригадатын составыгар огневой взвод, батарея командирын быһыытынан Прибалтиканы босхолооһуҥҥа, өстөөх Курляндскай группировкатын урусхаллааһыҥҥа геройдуу охсуспута, икки төгүл ыараханнык бааһырбыта, улахан контузияны ылбыта, Аҕа дойду сэриитин инвалида буолан дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ.

Сэрии кэнниттэн лейтенант В.С.Павлов Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар учууталынан, Маалыкай орто оскуолатыгар, Күндээдэ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар директорынан үлэлэтэлээбитэ.

Кини бэртээхэй методист-педагог, бастыҥ педагогическай уопуту киэҥник тарҕатааччы этэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбута, Улуу Кыайыы 20 сылынан Аҕа дойду көмүскэлигэр үтүөлэрин уонна сэрии кэнниттэн эйэлээх олоҕу тутууга активнай кыттыытын учуоттаан Василий Семенович Павлов Ньурба улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.

Кини хорсун быһыыта, үлэҕэ сыһыана Советскай правительствонан үрдүктүк сыаналаммыта: Аҕа дойду сэриитин II степеннээх уордьанынан, «Германияны кыайыы иһин», «1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «В.И.Ленин 100 сааһа туоларынан килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта; Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун, РСФСР уонна Саха АССР үөрэҕин министиэристибэлэрин Бочуоттаах грамоталарынан бэлиэтэммитэ.

Василий Семенович Павлов 1976 сыл кулун тутар 9 күнүгэр 59 сааһыгар сылдьан ыалдьан өлбүтэ.

{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Павлов Василий Семенович I
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?