For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Урсик.

Урсик

Константин Гаврильевич Неустроев - Урсик, Саха сириттэн төрүттээх бастакы революционер - народоволец, саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ.

1858 сыллаахха алтынньы 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүт. Аҕата Гаврил Константинович губерния сэкиритээрэ. Ийэтэ Марфа Никифоровна Гермогенова саха баай ыалын кыыһа. Дьоно өлбүттэрин кэннэ ийэтин аймахтарыгар иитиллибит.

Цимакуридзе диэн көскө сылдьар киһи прогимназияҕа киирэргэ бэлэмнээбит. 1873 сыллаахха Дьокуускайдааҕы прогимназияны, салгыы 1877 сыллаахха Иркутскайдааҕы классическай гимназияны, онтон 1881 сыллаахха Петербурдааҕы университет физико-математическай факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Манна Д. Менделеев, А.М. Бутлеров, И.М. Сеченов лиэксийэлэрин истибитэ. Туйгуннук үөрэммитэ, фотосинтез ымпыгын-чымпыгын чинчийбитэ, бу тиэмэҕэ уһулуччу үчүгэйдик диссэртээссийэ көмүскээбитэ.

Устудьуоннуур кэмигэр Петербурга либераллыы санаа күүстээҕэ, өрөбөлүүссүйэни тэрийээччилэр элбэхтэрэ. А.И. Герцен, Н.Г. Чернышевскай айымньыларын аахпыта. 1880 сыллаахха А.И. Желябов уонна С. Перовская куруһуоктарыгар киирбитэ. 1878 сыллаахха кини быраата Михаил Бүлүү куоратыгар учууталлыы сылдьан Н.Г. Чернышевскайдыын билсэр эбит. Онно Чернышевскай дьоҕурдаах уол Константин туһунан истэн баран кини дьылҕатын туһугар дьиксинэрин биллэрбит.

1881 сыл күһүнүгэр 22 саастаах Константин Сибииргэ төннөн, Иркутскайдааҕы эр дьон гимназияларын иитээччитинэн уонна дьахтар гимназиятын учууталынан үлэҕэ ылыллыбыта. Бу кэмтэн ыла кини революционнай үлэтэ саҕаламмыта, "Красный Крест Народной воли" диэн көскө ыытыллыбыт өрөбөлүссүйүниэрдэргэ көмөлөһөр кистэлэҥ тэрилтэҕэ киирбитэ. Иркутскайдааҕы куруһуогун салайааччыта буолбута. Бу куруһуок көскө сылдьааччылары Илин Сибииртэн уонна Саха сириттэн күрэтэрэ. Ыччаттары мунньан демократтыы литэрэтиирэни ааҕаллара, Н. Гоголь, М. Салтыков-Щедрин, И. Тургенев айымньыларын ырыталлара. Ону таһынан көмө ирдэнэр көскө сылдьааччылар испииһэктэрин оҥороллоро, күрүөйэхтэр куотар суолларын оҥороллоро, явкалар уонна кистэлэҥ квартиралар ситимнэрин тэрийэллэрэ. Куруһуок көхтөөх кыттыылааҕа Саха сириттэн төрүттээх Ф. Губкин Саха сирин кытта ситимниирэ. Куруһуок чилиэннэрэ күөрүөйэхтэргэ докумуон оҥорон биэрэллэрэ, харчыннан, таҥаһынан, олорор сиринэн хааччыйаллара. Неустроев тэрилтэтигэр учууталлар, быраастар, телеграф уонна "Сибиир" хаһыат эрдээксийэтин үлэһиттэрэ көмөлөһөллөрө. Неустроев атаһа устуоруйа учуутала И.В. Щеглов үөрэнээччилэр ортолоругар пропаганда ыытара. Иркутскай кырыытыгар олохтоох бааһынайдар күрүөйэхтэри саһыараллара. Тэрилтэ 50-тан тахса киһилээҕэ. Томскай уонна Казань куорат кистэлэҥ тэрилтэлэрин кытта ыкса ситимнээҕэ.

Тэрилтэ 1881 сыл ахсыннытыгар Л. Буланов уонна Н. Лопатин Верхоленскайтан күрүүллэрин тэрийбитэ. 1882 с. саҥатыгар Е. Ковальская уонна С. Богомолец Иркутскай хаайыытыттан күрүүллэригэр көмөлөспүтэ. Верхоянскайтан 1882 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр сэттэ сыылынай күрээн (олор истэригэр Вацлав Серошевскай), ый кэриҥэ саһа сылдьыыларын эмиэ "неустроевецтэр" тэрийбиттэрэ. Төһө күрээһини тэрийбиттэрэ чопчу биллибэт эрээри, 1881 с. 14 күрээһин (24 киһилээх), 1882 сылга 11 күрээһин (23 киһилээх) буолбуттара.

Бу күрээһиннэртэн сылтаан Иркутскай түрмэтин үлэһиттэрэ хаайыылаахтары күүскэ хонтуруоллуур буолбуттара. Сотору кэминэн көҥүлгэ сылдьар дьоону кытта ситимнэрэ биллибитэ, ол дьону кэтиир буолбуттара. Түмүгэр 1882 сыллаахха алтынньы 18 күнүгэр Неустроев куруһуогун полиция арыйбыта, бэйэтин тутан хаайбыта. Суолталаах уликалар көстүбүттэрэ: шифрдар, шифррдаммыт суруктар, сымыйа пааспардар, ыраас бланкалар хаайыылаахтары күрэтэргэ кытытгастаахтарын ырылыччы көрдөрөллөрө. Суруктарга Неустроев аата ааттаммат этэ, "дедушка" уонна "Урсик" диэн хос аата ааттанара. Бу аат Уркуускай диэн тылтан таһаарыллыбыт дииллэр. Силиэстийэ өр 1883 сыл сэтинньитэгэр диэри барбыта. Саха уобалаһын кытта ситимнэрэ быһаарыллыбыта, уобалас туора урдустарын (сахалар, тоҥустар) олохторун-дьаһахтарын туһунан бэчээккэ бэлэмнэммит ыстатыйа көстүбүтэ. Ол эрээри силиэстийэ Неустроевы быһаччы буруйдуур кыаҕа суоҕа. Өр кэмҥэ хаайыыга сытан Неустроев туруга мөлтөөбүтэ, саатар хаһыат, сурунаал сурутарын, суруйарын боппуттара. 1883 сыллаахха силиэстийэ түмүктэнэн дьыала түмүгүнэн 4 сылга көскө ыытыллыахтаах этэ. 1883 сыл алтынньытыгар кини хаамыратыгар Илин Сибиир генеарл-күбүрүнээтэрэ Д.Г. Анучин бэйэтинэн киирбитэ, үөҕэн барбытын тулуйбакка Неустроев "Убирайтесь вон!" диэн хаһыытаан баран иэдэһин таһыйбыта. Бу туһунан ыраахтааҕы Александр III истэн баран "Дерзость неслыханная" диэн суруйбута. Д.Г. Анучин 1863 сыллааҕы поляктар өрө турууларын хам баттаабыт кырыктаах киһи этэ. Кини Иркутскайга олорорун саҕана түрмэ "адская бездна" диэн ааттаммыта. Урсик дьыалатын байыаннай-полевой суукка биэрбиттэрэ. К.Г.Неустроев-Урсигы 1883 сыл сэтинньи 7 күнэ үүнэр түүнүгэр ытан өлөрбүттэрэ. Өлүөн иннинэ аҕабыыт кэлэриттэн батыммыта, атеиспын дэммитэ.

Өлөрүү кэнниттэн Иркутскайга тыҥааһыннаах кэмнэр үүммүттэрэ. Былаастар өрө туруулар буолуохтара диэн куттаналлара, байыаннай чаастарга бойобуой готовноһы биллэрбиттэрэ. Генеарл-күбүрүнээтэр Д. Анучин өлөрүөхтэрэ диэн дьиксинэрэ, сотору кэминэн, тулуйбакка, Петербурга баран хаалбыта. Урсик өлүөн иннинээҕи суругун Петербург устудьуоннара бэчээттээн тарҕаппытара, кинини өлөрүү туһунан листовка Арассыыйаҕа эрэ тарҕаммакка, кыраныысса таһыгар кытта тиийбитэ. Лев Толстой "Нет в мире виновных" диэн арамааныгар Урсик олоҕуттан чахчылары сүрүн дьоруойун ойуулуругар туһаммыта[1].

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • "Кыым" хаһыат, 15.04.2007. "Саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэрэ"
  1. Н.И. Васильев. История Якутии, 2020
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Урсик
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?