For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Максимов Христофор Трофимович.

Максимов Христофор Трофимович

Максимов Христофор Трофимович (08.04.1917—23.03.1980) — Саха АССР норуодунай артыыһа, саха аатырбыт ырыаһыта, ырыа айааччыта.

Амма Сулҕаччытыгар дьадаҥы бааһынай кэргэҥҥэ 1917 с. муус устар 8 төрөөбүт. Аҕата өрөпкүөмҥэ кыттыбытын иһин 1921 с. ытыллыбыт. 1936 с. Абаҕа оскуолатын 6 кылааһын бүтэрбит.

1937 с. Дьокуускайга самодеятельнай куруһуоктар художественнай салайааччыларын куурустарын бүтэрбит. Онтон Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас култууратын дьиэлэригэр худруктаабыт, Майаҕа I государственнай колхуоһунай драма театрыгар, Ньурбаҕа II государственнай колхуоһунай драма театрыгар артыыстаабыт, Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырдарыгар онтон Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай музыка драма тыйаатырыгар үлэлээбит.

1980 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр күн сириттэн барбыт.

1937—1970 сс. X. Максимов эстрада артыыһын быһыытынан сценаҕа да, араадьыйаҕа да тахсыбыта. 300-чэкэ творческай концерт оҥорбут диэн ааҕаллар.

Самодеятельнай композитор X. Максимов 400-тэн тахса ырыа мелодиятын суруйбута, онтон 80 ырыата идэтийбит композитордар тупсарыыларын кэннэ хомуурунньуктарга тахсыбыттара: «Үлэ, таптал ырыалара» (Песни труда и любви, 1962), «Дьол иһин» (За мир и счастье, 1970), "Суун сибэкки сиигинэн" (1992), "Күнү олус таптыыбын" (2002). Өссө сүүс ырыа бэчээккэ бэлэмнэнэн Норуот айымньытын дьиэтигэр туттарыллыбыттара.

Улахан айымньылартан С. Дадаскинов «Күн тааһа» сюитатыгар музыкатын ааттыахха сөп. X. Максимов драма спектакылларыгар музыка айбыта биллэр, холобур, Күннүк Уурастыырап «За мир!», Л. Попов «Беспокойный отдых», И. Алексеев «Вилюйский узник», И. Бочкарев «На восходе» пьесаларыгар.

1968 сыллаахха «Утро долгого дня» (Рига киностудията, режиссер А. Неретниеце) киинэҕэ Додор оруолун оонньообута.

  • Учууталга (Амма Аччыгыйын тыллара)
  • «Өрүүнэ»
  • «Хаппытыан»
  • «Боккуойа»

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • «Аҕа дойду 1941—1945 сс. сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл
  • Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1958)
  • Саха АССР норуодунай артыыһа (1962)

Саха норуодунай артыыстарын тиһигэ


{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Максимов Христофор Трофимович
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?