For faster navigation, this Iframe is preloading the Wikiwand page for Булкаан.

Булкаан

Сибэтиэй Элена вулканын эстиитэ, 1980 сыл ыам ыйын 18 күнэ

Булкаан[1] (Вулкан) диэн лава (итии, убаҕас буолбут таас) тахсар хайатын ааттыыллар. Вулканнар улахан аҥара төбөтүгэр кратердаах буолаллар. Вулкан эстэр буоллаҕына активнай вулкан диэн ааттыыллар. Эстэригэр лава таһынан паар, сиэрэ гаас быһыытынан уонна алдьаммыт таастар тахсаллар. Ону барытын магма диэн диэн ааттыыллар. Магма вулкантан сороҕор түргэнник, сороҕор бытааннык тахсар.

Российскай Федерация вулканнарын улахан өттө Камчатка уонна Курил арыыларыгар баар, ол иһигэр планета вулканнарын уопсай ахсаанын 8,3 %- на киирэр.[2]

Вулканнар сиртэн атын да планеталарга эмиэ бааллар. Ол курдук Марс планетатыгар Олимпус Монс баар.

Вулканнар араастара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Лава уонна атын вулкантан тахсар матырыйаллар араас-араас көрүҥнээх буолаллар. Олору иккигэ араалааччылар:

Бу вулкан көрүҥэ лаватыгар кремнезем аҕыйах баарыгар үөскүүр.

Хахха вулканнар эстибэккэ кыра-кыралаан тахсыбыт лава тахсар сиригэр араҥа кэнниттэн атын араҥа үөскүүр. Лава олус убаҕаһын иһин киэҥник тарҕанар. Ол иһин үөһэ буолбакка киэҥник тарҕанар, онно лава сойор. Ол курдук, холобурунан Гавайига баар Мауна Кеа вулкана буолар, турар сиринэн ааҕар буоллахха ордук киэҥник тарҕаммыт вулкан буолар.[3]

Фудзи хайата, диэн Дьоппуоҥҥа баар активнай вулкан, тиһэх 1707-08 сылларга эстэ сылдьыбыта
Тавурур, Папуа Новая Гвинея аттыгар баар стратовулканю

Стратовулкан диэн биллэр вулкан көрүҥэ - үрдүк уонна конус формалаах.

Булкаан үөскээһинэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Вулкан чаастара:
1. Улахан магма тутуллар сирэ
2. Сир
3. Үөлэһэ
4. Базата
5. Боруога
6. Кыра Үөлэһэ
7. Вулкантан тахсар күл
8. Фланг
9. Вулкантан тахсар лава араҥалара
10. Күөмэйэ
11. Иитиллибит иһэн тахсыы
12. Лава устуута
13. Тахсар сирэ
14. Кратер
15. Күл былыта

Икки сүнньү процеһа ааһар.

Вулканнар тектоническай платолар хамсаатахтарына үөскүүллэр. Көрсүстэхтэриэ биир плато континент платотын анныгар барар. Ону субдукция диэн ааттыыллар. Ол кэнниттэн ууллар уонна магма баттааһынын улааттыннарар, уонна сир харыһыгар эстэр.

Иккис процесс тектоническай плато аһаҕас сир үрдүгэр таҕыстаҕына үөскүүр. Ол аһаҕас сир уруккутун курдук үлэлиир уонна сиргэ эстиэр дылы үлэлиир.

Арассыыйа булкааннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Арассыыйаҕа 51 үлэлиир булкаан баар. Бары Камчааткаҕа уонна Курил арыыларыгар. Камчааткаҕа 180 кэриҥэ булкаан баара биллэр. Олортон 13 үлэлии турар, 9 умуллан эрэр уонна 158 умуллубут. Үлэлии турааччыларга Ключевской мыраан, Карым мыраана, Авача мыраана, Шивелуч, Хаптаҕай Толбачик уо.д.а. киирэллэр. Саамай үрдүктэрэ Ключевской мыраана — 4750 м. 250 сыл иһигэр 34 төгүл эстибитэ. Ол аата ортотунан хас 7 сыл аайы эстэр. Бу булкаан сааһа 5 тыһ. сыл кэриҥэ.

Саха сирин булкааннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха сиригэр аныгы булкааннар, ол аата конустаах, лаавалаах, күллээх-көмөрдөөх булкааннар, наһаа сэдэхтик көстөллөр. Билиҥҥи кэмҥэ биир эрэ оннук, глоцен саҕанааҕы булкаан көстөн турар — Балаҕан Таас диэн ааттаах. Муома өрүс уҥа салаата Балаҕаннаах үрэх хаҥас кытылыгар баар. 1939 сыллаахха В.А. Зимин арыйбыта, 1949 сыллаахха А.И. Васьков кини булуутунан сирдэтэн тиийэн сиһилии ойуулаабыта. Кэлин М.С. Аргунов (1958) уонна К.Н. Рудич (1964) сылдьыбыттара. Рудич голоцен кэмнээҕи буоларын быһаарбыта[4].

  1. С.Н. Донской, Русско-якутский словарь, Якутск, 1931 г. (стр. 23)
  2. Россия Вулканнара: действующайдар, утуйа сытааччылар, вулканическай ыарыылар оройуоннара
  3. Earth Science. Austin, Texas: Holt, Rinehart and Winston. 2001. ISBN 0-03-055667-8. 
  4. К.К. Стручков, В.Н. Рукович, М.Л. Мельцер Геология: пособие для школьников: в 2-х т.. — Якутск: Сайдам, 2005, 2008. — Т. 1. — С. 91. — 240 с. — 3000 экз. — ISBN 5-98671-011-8
{{bottomLinkPreText}} {{bottomLinkText}}
Булкаан
Listen to this article

This browser is not supported by Wikiwand :(
Wikiwand requires a browser with modern capabilities in order to provide you with the best reading experience.
Please download and use one of the following browsers:

This article was just edited, click to reload
This article has been deleted on Wikipedia (Why?)

Back to homepage

Please click Add in the dialog above
Please click Allow in the top-left corner,
then click Install Now in the dialog
Please click Open in the download dialog,
then click Install
Please click the "Downloads" icon in the Safari toolbar, open the first download in the list,
then click Install
{{::$root.activation.text}}

Install Wikiwand

Install on Chrome Install on Firefox
Don't forget to rate us

Tell your friends about Wikiwand!

Gmail Facebook Twitter Link

Enjoying Wikiwand?

Tell your friends and spread the love:
Share on Gmail Share on Facebook Share on Twitter Share on Buffer

Our magic isn't perfect

You can help our automatic cover photo selection by reporting an unsuitable photo.

This photo is visually disturbing This photo is not a good choice

Thank you for helping!


Your input will affect cover photo selection, along with input from other users.

X

Get ready for Wikiwand 2.0 🎉! the new version arrives on September 1st! Don't want to wait?